Владимир Кондаков

Saadame teate uutest raamatutest, audioraamatutest, podcastidest

Tsitaadid

Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ

Tekst
Keskmine hinnang 5, põhineb 1 hinnangul

Бас-баттах быһыыламмыт, Аан Алахчын Абыраллаах айылҕатын, Алдьаппыт-садаҕалаабыт, Күөх ойууру, көмүллүбүт дьону Күөл, байҕал анныгар киллэрбит, Ол уутун дьоҥҥо иһэрпит, Дьааты, сүлүмэни Борсоон туран куппут, симмит. Атомы кытта эһэн, Алдьархайы таһаарбыт, Радиациянан айыы дьонун Алдьатан-ньамньыратан, Адьаһын өлүүгэ аҕалбыт. Иһэр уу сүһүрдэ, Тыынар салгын саппаҕырда, Бултуур булт баранна, Дьиэ сүөһүтэ эһиннэ, Ойуур тыабыт умайда, Олох-дьаһах сатарыйда, Отуора олустук айманна, Айыы аймаҕын Аһатар