Loe raamatut: «Сааскы кэм»

Font:

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

АПТААХ ТЫЛ

Кырдьаҕастан алгыһын ыл, эдэртэн эйэтин ыл.


Ийэ

Микиитэ уол ийэтэ ыарытар. Сыҥаһа ыксатыгар сиргэ тэлгэммит окко үҥкүрүйэ сытан иэйэр-туойар. Микиитэ ийэтигэр дьулуһа сатыырын биир элэстэммит хатыҥыр эмээхсин ыыппат.

– Эйиэхэ таҥара бырааты биэриэҕэ. Таҥараттан көрдөс, – диир ол эмээхсин.

Таҥара быраат биэрээри гынарын «аҕала оҕус» диэн дуу, «биэримэ» диэн дуу: Микиитэ хайдах көрдөһүөхтээҕэ биллибэт. Кини ийэтигэр дьулуһарын эрэ билэр.

– Тоойуом, һыччыыйыам, кэлимэ, – диэн ааттаһар ийэтэ, энэлгэнин быыһыгар.

Онтон ытыырга да, ыллыырга да маарыннаабат соһумар саҥа өрө эһиэнньэхэйдэнэ түстэ.

Микиитэ мүччү көтөн, ийэтин аттыгар баар буола түстэ, окко туох эрэ баҕайы булумахтана-булумахтана, сүр эрчимнээхтик чаҕаарыйар. Кини саҥалыын, бэйэлиин улаатан иһиэх курдук. Онтон куттанан, Микиитэ өрө эккирии түстэ, икки илиитинэн сапсына-сапсына, өлөрдүү сарылаата.

Быраата Өлөксөйдүүн аан маҥнай ити курдук көрсүстүлэр.

Микиитэ, кини эһэтэ Молоох Миитэрэй, ийэтэ Сөдүөччүйэ, ити омуннаахтык кэлбит Өлөксөй Дулҕалаах диэн нэһилиэк уһуга ойдом хочоҕо ыал буолан сириэдийэн олороллор эбит.

Сөдүөччүйэ соҕотох эмиийдээх. Биирдэрэ, «абааһы сиэтэҕэ» аатыран, иһээн-иһэн баран, ириҥэ буолан тохтубута үһү. Икки уол соҕотох эмиийи кэриһэн эмэллэр. Микиитэ төгүлэ кэллэҕинэ, Өлөксөй сараҥныы-сараҥныы өрө бэбээрэ түһэр. Соҕотоҕун кини эрэ эмиэн саныыр быһыылаах. Тохтуо эбээ! Микиитэ өрүсүһэн күүскэ оборбохтоон хаалар. Өлөксөй аҥаар хараҕын быһа симэн баран, аҥаарынан эрэ чолоччу көрөр эбээт. Ону ийэтэ: «Ити сааланыан баҕарар, кустаатаххына ыстааҥҥын тута сылдьыа» диэн Микиитэҕэ быһаарар. «Ы, сааланыан баҕарар ээ» дии саныыр Микиитэ уонна оҕотун сыллаан ылар.

Сөдүөччүйэ улахан уолун сиргэ түһэрэн баран, кыра уолу томуйах тириитигэр суулуу-суулуу, этэр:

– Борооскулаах ньирэй уолаттар миигин өлөрөргүтүгэр тиэртигит дии. Уолан эрэбин. Оччоҕо эһиги хайдах дьон буолаҕыт, доҕоттоор, бу?.. Сордоох, сатаатар, киһи курдук икки эмиийдээх буолбаппын…

Хотоҥҥо Харачаас диэн соҕотох ынахтара тэпсэҥэлии турар. Сөдүөччүйэ дьиэҕэ сылдьан ынаҕын кэтэһэр. Микиитэ уот кытыытыгар сыгынньах иһин ититэ турар.

Арай ынахтан туох эрэ сүрдээх улахан хара соҕотохто лүһүгүр гына түстэ. Микиитэ сарылаабытынан ийэтин атаҕар кэтиллэ биэрдэ. Ону халбарыччы анньан кэбиһээт, Сөдүөччүйэ хотоҥҥо ыстанан киирдэ.

Уол сарылаамахтаан баран, бэрт сэрэҕинэн хотон диэки көрбүтэ, ийэтэ ынаҕын моонньун таптайа-таптайа, сэмэлиир:

– Хайа киһи туран эрэ төрүүр баҕайытай? Ээ, чэ өһүргэнэн буугунаама, доҕор! Оттон оҕоҕун Микиитэни куттаатыҥ буолбат дуо?..

«Мин Харачаас оҕото буолбатахпын, ийэм оҕотобун» диэн уол өһүргэнэ саныыр уонна оһох күлүн ытыһа-ытыһа талах олох маска кутан барар.

Ханнык эрэ хойуу бытыктаах, чаҥкынаабыт оҕонньор сылдьан, күлэ-сала олорон, эттэ:

– Нохоо, ийэҥ төрөөбүт, ынаҕыҥ төрөөбүт, аны сотору эһэҥ төрүөҕэ…

Микиитэ эһэтэ төрүүрүн кэтэһэр уонна, эрдэттэн билэр киһи быһыытынан, ытыа суох буолан оҥостон сылдьар.

Биирдэ Микиитэ эһэтэ дьиэ таһыттан баадахыс гына түстэ, кулун бэргэһэтин, таба саҕынньаҕын хастыы тардыталаан ороҥҥо элитэлээтэ уонна таһырдьа төттөрү ыстанан таҕыста. Таһырдьаттан тоҥ эти кыбынан киллэрэн дүлүҥ олох мас үрдүгэр уурда уонна сүгэтинэн үлтү кырбаабытынан барда. Микиитэ үс атахтаах төгүрүк остуолларын анныгар саһан хаалла. Тоҥ эттэр бырдаҥалыыллар, остуол анныгар кэлбиттэрин Микиитэ сулбу тардан ылан, ытыһыгар үрбэхтээн баран, айаҕар угар. Кытыыта сиритэ барбыт алтан солууругар ыга симэн оҕонньор бэрт элбэх эти холумтаҥҥа уурда, уотун тигинэччи оттон кэбистэ уонна аргынньахтаан бүк түһэн олордо. Балачча буолан баран Сөдүөччүйэ уу баһан киирдэ. Ыаҕастаах ууларын сүөкэтэлээн баран, сиргэ бырдаҥалаан сытар эт бытархайдарын эргиччи көрдө.

– Хайа, оҕонньоор, бу туох буоллуҥ?

– Санаам оонньоон… Биһиги киһибит сураҕа куһаҕан.

– Тыый, – диэбитинэн Сөдүөччүйэ олоро түстэ.

Кинилэр тугу эрэ аргыый кэпсэтэллэр.

Микиитэ сиргэ бырдаҥалаабыт тоҥ эти итигэстээн тото сиэн баран үөттүрэҕи миинэн оһоҕу тула сүүрэ сырытта.

Сөдүөччүйэ сирэйэ бүтүннүү уу буолбут, олус кытарбыт, Микиитэҕэ эргиллэн этэр:

– Нохоо, аҕаҥ өлбүт сураҕын истибиккэр бачча үөрдүҥ дуо?!

Микиитэ оннук сураҕы истэ илик, хаһан эрэ аҕалаахха дылы этэ, ол ханна эрэ барбыта. Аҕата ханнатын, кимин кини билбэт. Эт сиир үөрүүлээх киэһэҕэ дьоно хайдах эрэ хомойбут курдуктарын дьиибэргии санаан, тохтуур.

Кэнникинэн быһаардаҕына, кини Дьөгүөрдээн диэн аҕалааҕа баайдар эргинэр таһаҕастарын тиэйсэн Охотскайга барсар эбит. Таба сылгылыы сылдьан кини тоҥон өлбүт сураҕа иһиллибит. Соҕотох уолуттан маппыт хара соругар Молоох Миитэрэй «санаата оонньоон», кыһыны туоруур атах аҥаара эттэрин киллэрэн үлтү сабаабыт эбит.

Онтон сааһыары биир киэһэ улахан үөрүү буолла. Атын киһи өлбүт, Молоох уола тыыннаах үһү.

Дьиэ таһыгар киэҥ чалбахтар килэһэ сыталлар. Молоохтор сүрдээх үгүс сүөһүлээх Бэһиэлэйэптэр диэн соҕотох ыалларын сэргэлэригэр үгүс аттар баайыллан тураннар, дьулааннаахтык кылана түһээт, өрө кэҕийэн, сиэллэрин арбас гыннараллар. Микиитэ чалбахха сүгэ олуктарын быраҕаттыы оонньуур.

Соҕуруу диэкиттэн биир киһи түргэнник хааман дьулуруйан иһэр этэ. Ол киһи Микиитэҕэ чуо хааман кэллэ. Ынах этэрбэстэрэ ньылбы сытыйбыттарын чиккэччи тардыталаан баран сигэнэн баайталаабыт, көхсүгэр куул сүгэһэрдээх, ыас хара сирэйэ тириппитин илдьиркэй суккунун сиэҕинэн туора соттор, онон-манан ордуталаан хаалбыт тиистэрин ардьата күлбүт. Микиитэ дьиэтин диэки сүүрдэ. Киһи «Микиитээ!» диэбитинэн ойон кэлэн уолу харбаан ылла да өрүтэ анньан күөрэҥнэттэ, бобута кууһан сыллаата-уураата уонна көтөхпүтүнэн балаҕаҥҥа ойон киирдэ. Микиитэ ийэлээх эһэтэ үөрэн өрө көтө түстүлэр, куулу сүөрэ баттаатылар: биир килиэп, биир суу иҥиир, илбирийбит сон, «таба баттаҕа» бэргэһэ уонна чиэппэр чэй баар эбит. Килиэп үрдүгэр түстүлэр: маска ууран аҥаарын сүгэнэн хайа охсон түҥэтиннилэр. Молоох оҕонньор өлүү килиэбин ылан эргим-ургум тутан көрдө, илиитэ салҕаластыы түстэ, килиэбин остуолга төттөрү уура охсоот эттэ:

– Аны көрүөм диэбэтэҕим…

Оҕонньор ытаан барда. Микиитэ өлүү килиэбиттэн ойо ытыран ылан эһэтин иннигэр ууран кэбистэ. Килиэбин мыыннаҕа диэн быһаарда.

Хара киһи Микиитэлээх Өлөксөй аҕалара – Молоох уола Дьөгүөрдээн диэн эбит. Кини аргыстарыттан биир киһи тоҥон өлбүт. Уола тыыннаах кэлбитигэр үөрбүт уоҕар хаһан да ытаабатах оҕонньор ытаабыт эбит.

Дьөгүөрдээн чугас эргин бардаҕына барытыгар Микиитэни сүгэ сылдьар. Аҕа диэн эмиэ биир тапталлаах киһи баар буолар эбит… Ол киһи ыас хара сирэйдээх, онон-манан атыгыраабыт уһун тиистэрдээх, уу-хаар баһа сылдьар бүлтээрийбит мөлтөх харахтаах, Дьөгүөрдээн диэн ааттаах баадайбыт улахан киһи буоллаҕына – олус күндү киһи буолар эбит…

Ол киһи, эргиччи турар тыалар араҕас өҥнөммүттэрин кэннэ, хочо хордоҕоһугар турар хатыҥнар сарбынньахтаах саһархай сэбирдэхтэрин тэлээриччи түһэртии турдахтарына, Микиитэни уонна Өлөксөйү икки ньилбэгэр көтөҕөн олорон сыллаан-уураан баран, саас биирдэ эргиллиэх буолан, ыраах сиргэ айанныыра тиийэн кэллэҕинэ, улахан хомолтолоох суол буолар эбит.

Лэглээрдэр балаҕаннарын таһыгар тахсан турдулар. Бэһиэлэйэптэр кэбиһиилээх от курдук балаҕаннара аһаҕас түннүктэринэн одуулаһан дьэбидийэн турар. Дьөгүөрдээн, эргэ куулу кыбыммытынан саҥата суох турбахтаан баран, таба бэргэһэтин сулбу тардан ылла уонна дьонун уураталаата.

– Үчүгэйдик сырыт, тукаам, – диэтэ оҕонньор.

– Доҕоор, Дьөгүөрдээн, сэрэнэн сырыт, – диэтэ Сөдүөччүйэ.

– Аҕаа, барыма! – Микиитэ ытаабытынан, ийэтин илбирийбит ырбаахытыгар сөрөнөн хаалла.

Өлөксөй ийэтигэр көтөхтөрөн сылдьан, күлэн бычыгырыы түстэ, өрүтэ өҥдөҥнөөн икки илиитинэн сапсыммахтаан кэбистэ.

– Эрдэлиирдэр сотору кэлиэхтэрэ. Кинилэри кытта күүскүтүн холбоон, үчүгэйдик олоруҥ. Миитэрэйдэрэ баҕас үчүгэй уол, – Дьөгүөрдээн тутуурун сиргэ ыһыктан кэбистэ, икки уолун икки харытынан кууһуталаан ылан уураталаата-сыллаталаата.

– Чыычаахтарыам, аны саас улахан дьон буолан тоһуйаарыҥ! – уолаттарын аҕалара хотунугар туттартаан кэбистэ, сиртэн кууллаах бэргэһэтин харбаталаан ылла да, дьулуруччу хааман бара турда.

Дьөгүөрдээн кыһын аайы, атын дьадаҥылары кытта Сүөдэр Бэһиэлэйэп Охотскайдатар таһаҕаһыгар сылдьыһан баран, саас эргиллэн кэлэн, күһүҥҥэ диэри баайдарга оттуур, дьоно кыстыыр отторун-мастарын бэлэмниир эбит.

Тайҕа таһаҕасчытын үлэтэ – кытаанах үлэ.

Саха дьоно олорор уонча көһүн устатыгар ат көлөнөн бараллар. Онтон антах көһө сылдьар «тоҥустар дойдуларыгар» таба көлө буолар.

Тоҥуу хаары тыыран айанныыллар, таһаҕастарын санныларыгар сүкпүтүнэн, тарыҥ уутунан дэбилийэ сытар үрэхтэри кэһэн туорууллар. Хонук сирдэригэр тиийээт, табалары, аһылыктаах сиргэ илдьэн, чэҥкээйилээн ыыталыыллар. Хомурах хаары күрдьэн, ураһа туруораннар, ортотугар түүнү быһа умайар уоттарын оттоллор, ону тула мас лабаатын халыҥнык тэлгэтэллэр.

Сарсыарда боруҥуйга туран, табаларын хомуйа бараллар. Табаларын, баҕар, түүн бөрө мөрөйдөөбүтэ буолуо, баҕар, табалар бэйэлэрэ, ырааҕынан тарҕанан, уччуйбуттара буолуо… Ол сылдьан, ардыгар, дьон буурҕаҕа түбэһэллэр, мунан хаалаллар, сыгынах хоонньугар тоҥон өлөллөр…

* * *

Микиитэ эһэтэ туһахтарын көрө барбыта. Ийэтэ балаҕанын сыбыы сылдьан, Өлөксөй ытаабытыгар дьиэҕэ киирэрэ буолла.

– Тоойуом, эн дьиэҥ таһыттан ханна да барыма.

– Барбаппын.

– Мин Өлөксөйү эмнэрэн баран, билигин тахсыам. Дьиэбитин сыбыахпыт, сөп дуо?

– Сөп.

– Эбэҕэ киирэ сылдьаайаҥый…

– Сөп.

Микиитэ балаҕан кэннигэр соҕотоҕун хаалла. Эбэҕэ киирэр чыычый!

Эбэлэрэ – киэҥ, холку Амма өрүс балаҕаннарын аннынан тэлгэнэ, нэлэһийэ уста сытар. Уҥуор халлааҥҥа харбыаласпыт сис хайалар күлүктэрэ ууга охсуллубуттар. Бэһиэлэйэптэр балаҕаннарын аннынан хаһыллыбыт киэҥ аартыгынан киирдэххэ, Молоохтор быыкаайык тыылара тумсуттан иирэҕэ баайыллан турар.

Эбэҕэ киирэр кэбис! Киирэн, тыыны көрө охсон тахсыбыт киһи! Сүүрэн киирэн ыраахтан көрүөххэ эрэ…

Микиитэ тыытын аттыгар буолан хаалла. Бөлүүн уу кэлбит. Тыы аргыый-аргыый талбаарыҥныы турар. Амма ортото томтойбут, күүстээх сүүрүгүнэн дьулуруйар. Кытыыга иирэ хардаҥ сэбирдэҕэ оргууй эргичийэ устар. Микиитэ атаҕын тумсунан иирэ сэбирдэҕин өрө баһан ылла. Онтон атаҕынан ууну туора хаһыйбахтаата. Онтон сототун ортотугар диэри кэһэн киирэн, төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Үлүһүйэн барда. Тыы тумсугар биллэҕэ түһэн, иһигэр киирэн биэтэҥнэтэ оонньоото. Тыы баайыылаах буолан, аанньа биэтэҥнээбэт эбит.

Микиитэ ойон туран, тыы баайыллан турар иирэтин тааһынан илдьи сыста, тииһинэн көмүллээтэ. Тоҕо? Ким билиэй… Балачча астаспытын кэннэ тыыта дьэ босхолонон, үөрбүт курдук, дьондос гына түстэ. Уол тыытын тумсугар биллэҕэ түстэ да, биэтэҥнэтэн, төбөтүн уонна атахтарын ууга олбу-солбу укпахтаан чомполоммутунан барда.

Сайгылдьытан, үчүгэйэ бэрт!

Онтон хараҕын кырыытынан көрбүтэ – айан суола оргууй талбаарыйан, тэйэн эрэр эбит. Уол, куттанан, дьүккүйэн кэбистэ да, төбөтүн оройунан барда. Соҕотохто тыбыс-тымныы, күп-күөх буола түстэ. Өрө тарбачыһан эрэрэ да, биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, кытыыга тахсан, кумаҕы батыччы харбаан сытар эбит. Олоро түстэ, ол-бу диэки көрүтэлээтэ.

Тыыта, тумсунан-ойоҕоһунан буолбахтыы-буолбахтыы, үөскэ киирэн, устан даллайа турда. Арҕаалаабыт күн сардаҥата охсуллан Амма үөһэ биир сиринэн ньолбоччу сырдык толбонунан оргуйан бырдьыгыныыр. Тыы онно тиийээт, маҥнай ойоҕоһо күлүм гынна, онтон бүтүннүү умайан күлүбүрээбитинэн барда…

– Микиитэ-э! – сыыр үрдүгэр ийэтин дьиибэтик холкутуйбут хаһыыта иһилиннэ.

Уҥуор өрүтэ үөмэхтэһэн турар сүдү хайалар: «Туох даа?» – диэн дириҥник сөҥөдүйэн кэбистилэр, бэтэрээ эҥээртэн чараас тумул тыа: «Ээ, суох!» – диэн улгумнук аллараа сыҥаах буола түстэ. Микиитэ үрдүк кытыан от быыһыгар түһэн хаалла.

Сыыры таҥнары сүүрэр чэпчэки атах тыаһа иһилиннэ. Уол кирийэн кэбистэ.

Сөдүөччүйэ тыы турбут сиригэр кэлэн биирдэ чугурус гынна. Онтон, оҕотун сүтэрбит таба салгыны сытырҕалыы турарын курдук сэгэйбэхтээн, тула хайыспахтаата. Ыраах харааран эрэр тыыны көрөөт, дьигиһис гына түстэ. Ыраас харахтарын кэҥэттэр-кэҥэтэн, дьиэгэниччи көрдө. Иҥсэлээхтик, нэмийдэр-нэмийэн, салгыны эҕирийбэхтээтэ. Онтон соҕотохто ууга ыстанан кэбистэ, үрдүнэн сырдык таммахтар өрө ыһылыннылар. Уу түгэҕин суптурута көрүөлүү-көрүөлүү, икки илиитин иннин диэки ууммутунан, төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Онтон уолун быһа үктүү сыһан, тымныы ууну үрдүгэр саба ыһан, сыыры өрө сүүрэн таҕыста.

Түөһүн түгэҕиттэн эһитэ охсон түргэн-түргэнник: «Микиитээ… Сыччыай, Микиитээ!..» – диэмэхтиир, бүдүрүйэн охто-охто, сыыр сирэйинэн сүүрэкэлиир. Онтон арҕастыы үүнэн лөглөйөн турар иирэ талаҕы эргийэ көтөн эрдэҕинэ, уол саспыт сириттэн ойон туран, балаҕанын диэки тэбиннэ. Үөһэ иирэлэр төбөлөрө түрдэс гыннылар, хаппыт лабаалар тыастара кумаланнылар. Микиитэ мэнигилээн олустаабытыгар ийэтэ чанчыгын тардаары эккирэтистэҕинэ, уол таһы куотан тамаһыйан хаалар буолара.

– Билиҥҥиттэн ситтэрбэт эбээт! Бэйи, буруйгун мунньан-мунньан баран, биирдэ муунталаһарбыт буолуо! – диэн сааныһыы буола-буола, утары умнуллан иһэр этэ. Ол үөрүйэҕинэн уол эрэллээхтик түһэн кэбистэ.

Кумах суолунан кини уончата ойбото быһыылаах, ийэтэ саба сүүрэн кэлэн, аҥаар илиитинэн туора харбаан ылла да, туохтан эрэ былдьаан куотан эрэр киһи курдук, сыыры өрө сүүрэн маҕыйда.

Сыыр үрдүгэр таһааран оҕотун туруоран кэбиһээт, икки харытыттан харбаабытынан сиргэ лах гына олоро түстэ.

– Ий-аа, тыы бэйэ-таа!.. – уол быһаарсыах курдук буолан иһэн, ытаан марылаан барда.

Ийэтэ бобо кууһан ылла. Хараҕын кытаанахтык быһа симэн баран, улам кытаатыннаран кууһа-кууһа, оргууй биэтэҥнии-биэтэҥнии, ботугуруу олордо:

– Тыы бардыын-бардын ууга!.. Бардыын-бардын бэйэтэ!..

Өр олордулар быһыылаах. Микиитэ нухарыйан барда. Онтон ийэтин саҥатыттан уһуктан кэллэ.

– Бэйи, аны баайдарбыт халҕаһалыы анньан көһөн иһэллэр. Дьиэбитигэр киирэ охсуохха.

Соҕуруу тыаҕа сүөһү үүрэр аймалҕан бөҕө буолбут. Тыа саҕатынааҕы талахтар быыстарыттан ынахтар мүлүкүччүһэн тахсан эрэллэр. Балаҕан иһигэр Өлөксөй ытаата. Кумах сыстан эриэн буолан бараннар, ийэлээх уол балаҕаннарыгар сүүрдүлэр. Балаҕаҥҥа киирээт, Сөдүөччүйэ: «Сыгынньахтанан, сыта оҕус!» – диэбитинэн, Микиитэ илиитин ыһыктан кэбистэ уонна сууланан сыппыт таҥаһын хаһыйа тэбиэлээн баран, ороҥҥо ытыы олорор Өлөксөйгө ыстанна.

Микиитэ сыгынньахтана сатыыр үгүс таҥаһа суох киһи, ньылбы сытыйбыт торбос ыстаанын сиргэ тэбэн кэбистэ да, нэк суорҕанын анныгар киирэн хаалла.

Дьиэ таһыгар сүөһү маҥыраһыыта, киһи айдаана, ыт үрэрэ сүрдэннэ. Микиитэ тулуйан сыппата, суорҕанын анныттан оронон тахсан, эһэтин арбаҕаһын бүрүнэ быраҕынан, соспутунан таһырдьа нырылыйан таҕыста.

– Сүөһү тэпсиэ, сэрэн!.. Илин диэки көрө сырыт, биһиги дьоммут эмиэ кэлиэхтэрэ, – диэн Сөдүөччүйэ хаһыытыы хаалла.

Микиитэ балаҕанын үрдүгэр ынчыктаһан таҕыста. Бэһиэлэйэптэр дьиэлэрин таһа үллэҥнэс киһи-сүөһү буолбут. Дьиэ айаҕар субуспут көлөлөр сыарҕаларыттан араас дьааһыктары, остуоллары таһан булумахтаһан эрэллэр. Онтон ким эрэ дьулайбыт саҥата аймана түстэ.

– Луха иһэр!

Тыа иһиттэн кугас борооску ойон таҕыста, кэнниттэн уһун быа кымньыынан охсон куһурҕаппытынан, хотостугас кыһыл сирэйдээх эдэр киһи көмүс ыҥыырдаах маҥан атынан өрө көтүтэн таҕыста. Ыраас сиргэ тахсаат, борооску кэлиэх-барыах сирин булбата, киһи кырбыыра улам түргэтээн, күүһүрэн барда. Борооскуну күөнүнэн анньа-анньа, ат өрүтэ турбахтаата.

– Түксүө, уурай! – диэн хаһыытаата биир мааны кырдьаҕас дьахтар, дьиэ ааныгар туран.

Аттаах киһи, толоон ортотугар анньыллан турар тоһоҕо маһы туура тардан ылан, борооску сиһин мииннэри охсон кип гыннарда. Борооску охтон түстэ уонна, тураары өрүтэ үҥүөхтээн баран, кыайан турбакка, налыйан иһэн, сүрдээх уйаҕастык мэҥирээтэ.

Микиитэ тыына хаайтарарга дылы гынна, балаҕаныттан таҥнары куккураан түстэ.

Балаҕан иннигэр сыарҕалаах оҕус кэлбит. Сыарҕаттан Даарыйа эмээхсин тайаҕар тирэнэн, нэһиилэ оронон туран эрэр. Ол икки ардыгар балаҕан иһиттэн биир будьурхай баттахтаах уолан киһи мүччү ойон тахсан, сыарҕаҕа турар кыракый дьааһыгы сулбу тардан ылаат, эмээхсини куота көтөн, дьиэҕэ киирэн хаалла. Онтон эмиэ таһырдьа ыстанан тахсан, сыарҕаҕа тэлгэппит отун хомуйа тардан ылан, кууспутунан, ханна эрэ баран иһэн, чугурус гынан тохтуу түстэ, Микиитэҕэ эттэ:

– Тоойуом, тымныыта бэрт ээ, дьиэҕэр киир эрэ…

– Суох, мин тоҥмоппун! – Микиитэ арбаҕаһын арынан, сыгынньах иһин көрдөрөн кэбистэ.

Арай аттыларыгар сүр эйэҕэстик саһарчы көрбүт, иирэ талах курдук имигэс кыыс оҕо баар буола түстэ. Уолан киһи чахчы симиттэн, түүтэх отун кыбыммытынан тэпсэҥнии турда.

– Хайа, Миитэрээй, эһиги кэллигит дуу? – диэтэ нарын кыыс.

– Кэллибит ээ, Маайыас… Кэллибит дии… Аны күн аайы көрсүһэр буолуохпут.

– Чэ, оччоҕо дорообо, Миитэрэй.

– Дорообо, Маайыас! – Миитэрэй түүтэх отун туора илгэн кэбистэ, харытынан кыыс моонньун сөрүү кууһан ылла.

– Тыый даа! – кыыс төлө мөҥөн, балаҕаҥҥа киирэн хаалла.

– Киир диэбитим ээ! – Микиитэ диэки кырыктаахтык көрөн кэбиһэн баран, Миитэрэй оҕуһун быатын харбаан ылла.

Микиитэ, өлөрдүү өһүргэнэн, дьиэҕэ сүүрдэ…

Ити курдук биир күһүҥҥү күн Дулҕалаах хочото киһинэн-сүөһүнэн дэлэйэ түстэ.

Аптаах тыл

Өлөксөй уол үгүстүк ыарытар. Кини кыайан ытаабат, чыпчылыйбат буолуталыыр. «Бу түүн барыыһык… Оҕоҥ чугаһаабыт», – дэһэн ботугураһаллар.

Аҕыйах хонугунан оҕо эмиэ сэниэтэ суохтук кыыкынаан ытыыр уонна сылаас сиҥэни айаҕар кутан биэрдэххэ, ыйыстар буолан барар.

Астара суох.

Кириэн оттоох үөрэни сарсыарда иһэллэр. Бэс сутукатын ууга буһаран баран, быыкаайык тар тооромостору холбуу ытыйан, күнүс биирдэ аһыыллар. «Таҥара тугу биэрбитинэн» киэһэ аһаан утуйаллар. Таҥаралара үксүгэр сылбархай чэйи эрэ биэрэр. Хаппаҕын тутааҕа туллубут хампархай алтан чаанньыкка сылбархай чэйи иһэн утуйаллар. Утуйдахха, хоргуйбут биллибэт.

Микиитэ эбэтэ Баһыахтыыр Балбаара дьонуттан туспа олорор. Кини уот тыллаах, куһаҕан харахтаах, наһаа күүстээх эмээхсин. Майгытынан бардам буолан, сыл аайы баайтан баайга уларыйа сылдьан хамначчыттыыр. Быйыл Бэһиэлэйэптэргэ олорор. Кини сорҕотугар көрдөһөн, сорҕотугар, арааһа, «ыйыппакка» да ылан, быыкаайык тоҥ үүтү хоонньугар уктан киллэрэр. Оччоҕо күннүүллэр.

Табах аһыы сытынан аҥкылыйбытынан сиэннэрин ууруу-сыллыы охсоот, таһырдьа элэс гынан хаалар. Эмээхсин тахсарын кытта үүттэн быһаҕынан эмти охсон ылан, ууга суурайан, ыалдьар оҕолоругар иһэрдэллэр, Микиитэ чэйигэр үрүҥнүүллэр.

Ол курдук өлүөхчэ өлбөккө сылдьан, Өлөксөй хааман түөрэҥэлээтэ. Онтон, «тимэҕэ сөллөн», уол улам килэрийэн-молоруйан улаатан барда.

Сылдьыбыт эрэ дьон бары кинилэр балаҕаннара кыараҕаһын, куһаҕанын сөҕөллөр, манна хайдах сатаан олороллорун бэркиһииллэр.

Микиитэ онтон өһүргэнэр. Балаҕаннара үчүгэй. Дүлүҥ мастары хайыталаан баран, суорбакка эрэ туруору кэккэлэппит саркаахтаах эркинигэр киһи илиитэ бааһырар уонна таҥас, алдьаммытынан иилистэ-иилистэ, тырыттар. Ол эрэ куһаҕан.

Балаҕаннара үчүгэй. Өссө быйыл Эрдэлиирдэр диэн дьукаахтаахтар.

Молоохтор дойдулара Дулҕалаах хочото – нэһилиэк уһуга дойду. Киэҥинэн нэлэһийбит Амма өрүс уҥуоргу сыырын иилээн турар үрдүк хайалар кэтэх өттүлэригэр туспа нэһилиэк олорор. Икки нэһилиэк сылдьыһар бэрибиэһигэр – Дьөгүөрэптэр аартыктарыгар – өрүс уҥуор-маҥаар хаһыытаһаллара бэрт ыраас киэһэлэргэ эрэ манна дуораһыйан иһиллэр. Күһүн Бэһиэлэйэптэр көһөн киирдэхтэринэ уонна, өрүс мууһа туран, кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына, чуумпу Дулҕалаах эмиэ арыый сэргэхсийэ түһэр.

Кэлии-барыы мөлтөх, сурах-садьык олус хойутаан, кубулуйан тиийэр дойдута.

Ханна эрэ ыраах омук ыраахтааҕыларын сэриилэрэ турбут. Таҥара дьиэтигэр аҕабыыт, нэһилиэккэ кинээс этэллэринэн, «биһиги үтүө санаалаах ыраахтааҕыбыт бар дьонун аһынара бэрдиттэн сэриилэспэккэ олоруо үһү».

Амма нэһилиэгин киинигэр, Кыымнаайыга, хас да сыл биир бүдүгүрбүт биэссэр оҕонньор олорбута. Ол оҕонньор туох эрэ күүстээх ыарыыга ыалдьан, бэйэтэ кыайан эмтэниэ суох буолан, куоракка киирбитэ. Онно, куорат луохтуурдара «ыарыытын үчүгэйдик көрөөрү иһин хайыппыттарын» тулуйбакка, өлөн хаалбыт сураҕа иһиллибитэ.

* * *

Молоохтор балаҕаннарын туора дьон биирдэ хайҕаабыттара.

Арай биир киэһэ Молоохтор балаҕаннарын аана киэҥник тэлэллэн аһылынна даҕаны, уһун бараан сону сөрүү туттубут, күп-күөҕүнэн тэрбэччи көрбүт «Буоста нууччатын» кытта үс ини-бии баайдартан убайдара уонна дьадаҥылара Мэхээлэ, орто бырааттара Киргиэлэй Дьөгүөрэптэр уонна хас даҕаны атын мааны сахалар балаҕаҥҥа туола түстүлэр.

Олорботулар.

Үгэс быһыытынан, «Тугу иһиттиҥ?» дэсиһии кэнниттэн, Мэхээлэ Дьөгүөрэп эттэ:

– Сөдүөччүйэ-э, бии үнүргү иһит арыгыгын бу тойоҥҥо биэр. Иһиэҕин баҕарар. Төлүөҕэ.

Сөдүөччүйэ сүр улгумнук таһырдьа таҕыста.

– Оо дьэ, сүрэ бэрт дии! Манна син дьиэбит диэн олороллор дии! – диэтэ ким эрэ.

Мэхээлэ Дьөгүөрэп сөбүлээбэтэх быһыынан, ол киһи диэки көрүтэлээн кэбистэ уонна түргэнник саҥаран бөтүгүрээтэ:

– Олорбокко, ханна барыахтарай, доҕор? Ордук суох буоллаҕа…

Бары ах баран турдулар. Онтон Киргиэлэй Дьөгүөрэп, кулун кистиирин курдук, дьырдьыгыначчы күллэ уонна эттэ:

– Бу дьиэҕэ биир күн олорбут киһи биир сыл оҥорбут аньыыта бырастыы буолар…

Ону бары сөбүлүү түстүлэр.

Нуучча бэргэһэтин устан, куударалаах чачархай баттаҕа өрүкүйэ түһээт, уҥа ороҥҥо тиийэн дьоһуннаахтык олорунан кэбистэ. Балаҕаҥҥа ымсыырар быһыылаах, Микиитэни одуулаһар. Уол сыгынньах киинин ытыһынан саба туттан баран, хаҥас диэки чугуҥнуур. «Биһигини үүрэн таһааран баран, дьиэбитигэр бэйэтэ олороору гынар» дии саныыр. Нуучча сири тиҥилэхтээт, хаһыытыы түстэр эрэ, хотоҥҥо ыстанар өйдөөх.

Сөдүөччүйэ иһит арыгыны киллэрэн, Мэхээлэҕэ биэрдэ.

– Чэ, чэ, тахса охсуохха! Сүрэ бэрт. Дьэ дойду! – дэһэ-дэһэ, ыалдьыттар тахсан бардылар.

Балаҕан иһигэр тымныы тумана күөгэлдьийдэ.

Нуучча, доҕотторуттан хаалан, Микиитэ лаглаҕай гына ымынах буолбут иһин диэки сөмүйэтинэн суптурута ыйыталаан баран, эттэ:

– Сууйда надо. Мин мыло биэрдэ.

– Мыына ньынаада, – Сөдүөччүйэ илгистэн кэбистэ. – Миэхэ бурдук, килиэп наада… Баранчаактар ис хапсыыла, – оҕолорун диэки ыйыталаата.

Нуучча чыпчырынан, илгистэн кэбистэ. Тугу эрэ бэйэтин тылынан саҥарда уонна таһырдьа ыстанна.

Сыарҕалар тыастара дьиэ таһыттан тэйиэр диэри ким да саҥарбата.

– Ити нуучча төлүөбэтэҕинэ да, көҥүлэ киси… – дьукаах Сөдүөт оһоххо хардаҕаһы эргитэ туран, уоту көдьүттэ. Онтон балачча буолан баран, эбэн эттэ: – Күтүр хараҕа көҕөрөн түһэн, сүрэ бэрт, доҕоор!

Нуучча хараҕын истээт, бары саҥарбытынан бардылар.

– Мэхээлэ бэрдэрдэ дии… Хайа үлүгэрий. Баарбын-суохпун барытын мунньан, ыллартарбытым, – диэтэ Сөдүөччүйэ.

– Мэхээлэ эмиэ хантан билэ охсубута эбитэй? – Эрдэлиирдэр ийэлэрэ Даарыйа эмээхсин хаҥас муннукка күөдэл курдук нэк оронуттан тыл быраҕан эҥээрийдэ.

– Тыый, кининэн ылларбытым дии!

– Ээ… Куоратчыт таһаарбытыгар, Даарыйа эмээхсиҥҥэ илдьэн биэрэн сээкэйи туһаныам дии санаахтаабыта… – диэн, Даарыйа эмээхсин кимиэхэ эрэ туора киһиэхэ кэпсиир курдук эҥээрийбэхтээтэ.

– Суох, дьэ ити нуучча төлөөбөт! – диэтэ Сөдүөт сүрдээх эрэмньилээхтик. – Иһэн баран, таһы умнан кэбиһиэ буоллаҕа дии. Төлүөн саныыра буоллар, Балааҕыйа эмээхсинтэн ылыа этэ. Ол эмээхсиҥҥэ кини тотор арыгыта баар ини.

– Ити, кырдьык, дьиибэ… – Даарыйа эмээхсин мунаара олордо. – Чугас баар лааппыттан ылбат, хата, Сөдүөччүйэ эрэйдээх кинээс дуу, аҕабыыт дуу, Балааҕыйа эмээхсин дуу таарыйдахтарына толук туттуом диэн булунаахтаабыт биир иһит арыгытын таба көрбүт. Төлөөбөтөҕүнэ иэдээн…

Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап хотуна, уонча бууттаах, харалҕан харахтаах Балааҕыйа эмээхсин, эмтиэкэттэн чугас, Эргиттэ алааска лааппыланан олорор. Нуучча, чугаһыгар баар мааны дьон лааппыларыттан ылбакка, сэттэ биэрэстэлээх сиргэ дьадаҥы дьахтар биир иһит испиирдээҕин эккирэтиһэн кэлбитэ, кырдьык да дьиибэ.

– Ити нуучча хата төлөөбөт! – Сөдүөт өссө ордук эрэмньилээхтик саҥарда.

– Төлүөҕэ! – диэтэ Миитэрэй.

– Көрдөөтөххө, үлтү бардьыгынаан таһаарыаҕа.

– Таһаарыа суоҕа-а!

– Бэрт киһи, эн баран ыга тутан ылаа инигин?

– Ылыам, доҕор!

– Кэбиһиҥ даа, мөккүһүмэҥ! – диэн эҥээрийдэ ийэлэрэ.

Нуучча арыгыны төлүүрүн дуу, төлөөбөтүн дуу туһунан балачча өр дьүүллэстилэр да, оччо быһаарбатылар. Нуучча төлөөбөтөҕүнэ, Мэхээлэттэн иэстииргэ сөптөөх диэн түмүктээтилэр. Сөдүөччүйэ сарсыарда тураат «итиитинэ» ирдэһэ барыах буолла.

«Нууччалар бары биир дьүһүннээхтэр» дэһистилэр, иэстээх киһитин кини буларын мунаардылар, ол киһи араас бэлиэлэрин өйдүү сатаатылар.

Кинилэр дьиэлэригэр олорор киһи аньыыта бырастыы буоларын туһунан истибит сонунун кэпсээри гына-гына, быыс булбакка тэпсэҥнии туран баран, Микиитэ ийэтин кууһа түһэн чанчыгынан сигэнэ-сигэнэ, эттэ:

– Ийээ, биһиги дьиэбит үчүгэй дьиэ буолбат дуо?

– Үчүгэйэ да суох буоллар син олордохпут дии…

– Ити дьон этэллэр ээ…

– Тукаам, хайҕаан эппэттэр, саҥарба, – диэтэ Даарыйа эмээхсин хаҥас диэки хараҥа муннуктан. – Куһаҕан дьиэҕэ аньыылаах киһи олороро буоллар, манна баайдар олоруохтара этэ. Аньыы үксэ кинилэргэ баар.

Эмээхсин тылыттан Микиитэ «баайдар үгүс аньыылаахтар» диэн өйдөөтө. Ол да иһин тастарынааҕы баай ыалларыгар – Бэһиэлэйэптэргэ сотору-сотору аҕабыыт кэлэр эбит буоллаҕа…

Сарсыныгар Сөдүөччүйэ бурдук, саахар, куһаҕан баҕайы сыттаах хап-хара мыыла уонна «токууккай» диэн үрүҥ бурдук аһын аҕалла. Бары нууччаны хайҕаан айдаардылар.

«Токууккайын» Микиитэ тоһута тута-тута, дьоҥҥо түҥэттэ.

– Кыһын хаардаахха туох барыта маҥхайар, сайын хараҕа туох барыта хараарар. Балыктар уу курдук дьүһүннээхтэр, көтөрдөр от-мас сэбирдэҕин курдук түүлээхтэр. Оттон киһи – аһылыгын курдук. Нууччалар маннык аһы аһааннар, үрүҥ сирэйдээхтэр, – диэн Даарыйа эмээхсин кэпсээн эҥээрийэ олордо.

Эрдэлиирдэр төрдүөлэр: ити кырдьаҕас эмээхсин, кини улахан уола Сөдүөт диэн өкөҥнөөбүт хатыҥыр, ордуос майгыннаах-сигилилээх киһи, ол киһи ойоҕо Маайа уонна эмээхсин кыра уола Миитэрэй – кыра уҥуохтаах, икки өттүнэн чылаарыҥныы-чылаарыҥныы тиэрэ тэбэн хаамар сүүрбэччэлээх, хап-хара киһи. Миитэрэй үтүө майгыннаах, куруук бэһиэлэй, ону ааһан айылҕаттан артыыс. Бэйэтэ сэдэхтик, кылгастык күлэр; кинини тула күүгүнэс күлүү, айдаан буолар. Ол курдук нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар көрдөөх аҕыйах тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр. Миитэрэй кими эмэ үтүктэн туттан-хаптан, көрөн-истэн таһырдьаттан киирэр, ону дьиэҕэ олорооччулар бары таайан айдаара тоһуйаллар. Бар дьон таптаан, киниэхэ эһэтин хос аатын иҥэрбит. Онон, кини биллэр аата Эрдэлиир Миитэрэй.

Маайа бастыҥ үтүө майгыннаах, аҕыйах саҥалаах саха нарын дьахтара, кини олус балыйтардаҕына хап-хара харахтарын чанчыктарынан соҕус тэрбэлдьиччи көрүтэлээн кэбиһэр уонна төбөтүн кыҥначчы тутта түһээт: «Чэ, ити!» – диэн тэбис-тэҥ, ып-ыраас тиистэрэ кэчигирэһэн көстөллөр. От охсооччу, бурдук быһааччы бастыҥа. Сүрдээх нарын, ыраас дьахтар, кини аттыттан кир-бөх халбарыйан, сыҕаллан биэрэр курдук.

Сөдүөтү ийэтэ олус таптыыр. Маайаны Өлөксөй уол наһаа таптыыр, «маамам» диэн ааттыыр. Хантан булбут тыла буолла? Микиитэ саамай бастыҥ доҕоро Даарыйа эмээхсин.

Эмээхсин – саха норуотун умсулҕаннаах дэлэгэй тылын бастыҥ баһылыга. Кини сүрдээх элбэх таабырыннаах, өс хоһоонноох, сэһэннээх, остуоруйалаах. «Сүрдээх элбэх» диэн этэр тутах, кыайан ааҕыллыбат, куруук сайда, дэлэйэ турар, бараммат баайдаах киһи.

Олоххо, айылҕаҕа баар бары эгэлгэҕэ барытыгар кини уустук быһаарыыны биэрэр. Хаҥас муннук борук-соругар оронноох. Онно куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кып-кыараҕас кыһыл харахтарын ыттаҥнатан кэҥэтэн көрө сатыы-сатыы, бэйэтин баҕатынан, арааһы сэһэргээн эҥээрийэ олорор киһи.

– Кыһын сайыннааҕар тоҕо уһун буолбутун билэҕит дуо, доҕоттоор? – диир кини. – Көр ол маннык ээ. Былыыр-былыр, сылгы, ынах кыыл сылдьар кэмнэригэр, оҕус уонна атыыр мөккүспүттэр.

Оҕус эппит:

– Сайын муннум уута сүүрэр. Муннум кыһыйар, муннум сытыйар. Сайын кылгас буоллун.

Атыыр эппит:

– Кыһын атаҕым сылайар. Атаҕым тоҥор. Атаҕым ыалдьар. Кыһын кылгас буоллун.

Мөккүһэн баран этиспиттэр. Этиһэн баран охсуспуттар. Оҕус атыыры үөһүн тоҕо сиэлийэн кэбиспит. Атыыр түҥнэри холоруктуу түһээт, оҕуһу тииһин көтүрү тэппит.

Түөрт атахтаах бииһин ууһа мунньустан дьүүл аспыттар. Оҕус мөссүөнүн алдьаппытын иһин атыыры ордук буруйдааҕынан аахпыттар. Онон, оҕус баҕата туолан, сайын кылгыырыгар эппиттэр.

Онтон ыла сайын кылгаабыта үһү. Оҕус тоҕо сиэлийэн кэбиһэн, онтон ыла сылгы үөһэ суох буолбут. Атыыр көтүрү тэбэн кэбиһэн, онтон ыла ынах сүөһү инники үөһээ тиистэрэ суохтар…

Дьиэлээхтэр бары оҕуһу мөҕөн айманаллар, кини куһаҕаныттан кыһын уһаабытыгар абаланаллар. «Күтүр, муннум сытыйар» буола-буола! Сытыйдар, күлүккэ сыттын ээ», – дэһэллэр.

Киэһэ утуйуох иннинэ Даарыйа эмээхсин таһырдьаттан киирэн иһэн, кыра уолугар Миитэрэйгэ этэр:

– Тукаам, оҕускун киллэриэҥ дуу? Тымныы олустаабыт ээ.

Миитэрэй хамса чубууга дуу, айа элбэрээгэ дуу оҥорбутун кыратык да тохтоппокко олорон, чахчы абаламмыт куолаһынан этэр:

– Тоҥмохтуу түстүн, дьиккэр баара!

Бары соһуйаллар. Арай Даарыйа эмээхсин өссө эбии холкутуйан эҥээрийэр:

– Ол туох толкуйтан, ханнык майгынтан соҕотох кунаҥҥын токуччу тоҥорор толкуйдаммыккын иһитиннэриэҥ эбитэ буолаарай?

– Кыһыны тоҕо уһаппытай! Мунна кууран абыранан турдаҕа дии!

Бары күлсэллэр. Уоллаах эмээхсин эрэ күлбэттэр, кинилэр оҕустарын аһынан киллэрэри дуу, өһүөннээн тоҥоро түһэри дуу сүбэлэһэн эйэҕэс сытыы тылларынан күрэстэһэ оонньууллар.

Кэнники, дьарыктаммыт сээбэһин оҥорон бүтэрэн, ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбэнэ туран, Миитэрэй этэр:

– Бэйи, эрэйдээҕи киллэриэххэ даҕаны. Кини төрүөн ыраах инниттэн кыһын уһун этэ дуу… Буруйа да кыра соҕус эбит.

Оҕус киллэриллэр. Бары сыталлар.

Оһох уота улам мөлтөөн, балаҕан иһэ боруҥутуйан барар, уҥа эркиҥҥэ ханнык эрэ бороҥ күлүктэр эйэҥнэһэллэр. Дьиэттэн быыһамматах хотоҥҥо дөрүн-дөрүн кырдьаҕас ынах ыараханнык үөһэ тыынан буугунаталыыр, дьиэ таһыгар тохтубут оту итигэстээн сии сылдьар субан сылгылар туйахтара тоҥ чигдигэ хоочугурууллар.

Уу чуумпу ортотуттан Даарыйа эмээхсин холку саҥата эҥээрийэ түһэр:

– Ити үгүрүө чыычаах, халлааҥҥа өрө дьурулаан тахса-тахса, тоҕо таҥнары дыыгынаан түһэрий? Ону билэҕит дуо, доҕоттоор?

Онуоха Миитэрэй саҥата аан оронтон кэбигириир: «Түөкүн оонньообутун дьүһүнэ ини оттон. Кини курдук кынаттаах буоллар, киһи эрэ даҕаны өрө көтөн дьурулуо этэ».

– Ээ суох, доҕор, кэбис, оонньообот. Түөрт сымыыттан ордугу сымыыттаабатыттан абаланар дьүһүнэ ити. «Чуккумай кус, миигиттэн улахана суох да, уон икки сымыыты сымыыттыыр. Миэнэ түөрт эрэ буолар» диэн саатан, үлтү түһэн өлөөрү гынар ээ.

Сэһэргэһии буолар. «Түөрт да оҕо сөп, наһаа сомсуһар эбит» диэн сорохтор үгүрүөнү сэмэлииллэр. Сорохтор аһыналлар. Микиитэ аһынааччыларга холбоһор, үгүс оҕолору батыһыннаран чучугурата сылдьар үчүгэй буоллаҕа. Онтон көтөрү уопсайынан кэпсэтэллэр. «Ураанай кус уйатыгар биирдии сымыыты хаалларан истэххэ, түөрт уон сымыыты сымыыттыыр үһү» дэһэллэр. Ураанай кус оҕонньоругар тиийэн: «Эмиэ табыллыбатыбыт. Чэ эрэ…» диэн иһэр бэйэкэтэ буоллаҕа», – диэн Миитэрэй сэрэйэр.