Loe raamatut: «1986. Аргыардаах саас»
БАСТАКЫ БАҺА
Кыараҕас, чоҥкучах алаас иhигэр хайа да диэкиттэн тыал, салгын охсубат буолан, сарсыардаттан сатыылаабыт өҥүрүк куйаастан ардыгар киhи тыынын кыайан ылбакка мэйиитэ эргийэн, күөгэҥнээн ылар. Күнүскү ыам саҕана халлаан хотугулуу-илин саҕаҕар этиҥ былыттарын мүлтүгүр төбөлөрө логлоруhан көстүбүттэрэ да, кэлин антах саҕахха намтаан, сүтэн-оhон хааллылар. Хатыҥ төрдүгэр күлүккэ ууруллубут куруускалаах арыы бүтүннүү ууллан, дьэп-дьэҥкиринэн көрдө. Охсуллубут хадьымал, кубарыччы куурбут-хаппыт субуулаах от итии хобордоох курдук суостаахтар.
Ким эрэ кылгас-кылгастык иhиирэн ылла. Өлөксөөс кыраабылын угунан отун халыҥ өттүн силэйэ-силэйэ: «Ити Костям куйааhы тулуйбакка, тыалы түhэрээри иhиирэр», – диэн санаан аhарда.
«Хотуой, тоҕо иhиирэҕин? Аньыы!.. Абааhыны ыҥырыма!» – диэн Костята хата эдьиийигэр Вераҕа дьорҕойор саҥата иhилиннэ.
Олох даҕаны Вера иhиирбит эбит. Дьэ ити курдук аныгы кыргыттар киhи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын оҥороллоро, тэбэнитирэллэрэ элбээн иhэр. Аны кыргыттар кыра саастарыттан матасыыкыл ыыталлар, уолаттар курдук тусталлар, өссө охсуhаллар ээ… эҥин-эҥинник кулахачыс гына-гына, бэйэ-бэйэлэрин тэбиэлэhэллэр… – Ээ, бу эрэйдээх… сүрэҕэлдьээн хараҕын көҕөччү көрөөхтөөбүт, – Вера сурдьун кыынньыыр.
– Оттон эн хараҕыҥ көҕөрөн‑көҕөрөн чалбах курдук буолбут, – Костя да хаалсыбат.
– Оччоҕо эйиэнэ туох… ньамах курдук буолбут. Ньамах! Ньамах! – дии-дии, Вера күлэн сыhыгыратар.
Бу сырыыга Костя, сөптөөх кыhыылаах тылы була охсубакка, кыраабылын угун үҥүү курдук туhаайбытынан эдьиийигэр утары киирэн эрдэҕинэ, анараа диэкиттэн, булгунньах тэллэҕиттэн от охсо сылдьар аҕаларын Сорогод буойар хаhыыта иhилиннэ.
Онтон биирдэ көрбүттэрэ: аҕалара, хотуурун күөрэччи сүкпүтүнэн, куула тыа диэки хааман эрэр эбит. «Ураа! Сынньалаҥ!» – диэбитинэн Костя, кыраабылын субуулаах окко хаптаччы быраҕаат, отуу диэки ойбутунан барда.
Өҥүрүк куйаас ыкпыт-быкпыт дьоно улаханныын-кыралыын күлүккэ таластылар.
– Дьэ, туймалдьыйан түhэн абытай куйаас диэтэҕиҥ! – Сорогод миискэлээх чэйин биир тыынынан иhэн киллиргэтээт, быыбаккатын тоҕоору миискэтин умса тутар. – Сиикэй эт буhар куйааhа диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ былыргылар.
– Сөп, оччоҕо мин сарсын сиикэй эт аҕаламмын итиннэ маска ууран кэбиhиэм, күнүскү аhылыкка, хата, бэлэм буспут эти сиэҕим, – диэн Костя күө-дьаа буола охсор.
– Бу солуута суох тылга тииhэн тылыбырата олорооччум хаhан от охсуhан көмөлөhөр киhи буоларыҥ буолла? – диир аҕалара, Костя диэки хайыhа олорон. – Эмиэ улахан киhибит, Өстүөпэбит курдук ахсыhы бүтэрээт, сайыны быhа күүлэй тэбэ быладьыай бараҕын дуу?
– Ол Өстүөпэ олох да күүлэй тэппэт ээ… үөрэххэ туттарсар дии! – Костя сирэйэ-хараҕа оттомура түhэр.
– Күүлэй буолбакка!.. Ол инньэтэх Алданынан эрэ эргийэн баран, аны Дьокуускайы бараан эрэр буолбат дуо? Ус сайыны быhа кини үөрэххэ киирэрин майдалҕана… – Бараан… бараан диэн тугуй? Бараан да? Ким бараан буоллаҕай? – Костя аҕатын тылын тутуhан, саҥаран көрө-көрө, чачыгыраччы күлэр.
– Бу, эн, тохтуу түс эрэ! Туох үлүгэрэй! Солуута суохха күл да күл! – Сорогод уолун кынчарыйар. – Убайыҥ, үтүө айылааҕа буоллар билигин манна көмөлөhөн оттоhо, от охсуhа сылдьар буолуох этэ. Ол ханна баарый?
– Чэ-чэ, бэйэҥ оҕоҕун быhа-хото саҥарыма… Ол икки-үс күн хотуур туппата диэҥҥин хомойон-хоргутан аҕай эрдэҕиҥ, – диир ийэлэрэ уонна салапаан мөhөөччүккэ сууламмыт алаадьыны хаhыат үрдүгэр тэнитэ кутар. – Оттон кини даҕаны үөрэххэ киирдэрбин диэн муҥнанар, эккирэтиhэр буоллаҕа дии.
– Һы, ол үөрэҕи эккирэтэрэ дуу, баҕар… кыыhы эккирэтэр дуу? Хайата даҕаны биллибэт ээ?
– Оо, дьэ эмиэ аҕа бөҕөҕүҥ! Бэйэҥ оҕоҕун бэйэҥ… – Һэ, кырдьыга да оннук дии! Мин өйбүттэн оҥорон эппэппин ээ. Ол били… Күннэй диэн оҕобутун батыhа сылдьар буолбат дуо? Маҥнай Алдаҥҥа барсыбыта, онтон аны төннөн кэлэн куоракка сылдьаллар. Били Алдаммыт үөрэҕэ куhаҕан, пахай диэн буолла… Мин өйбөр туох даҕаны киирбэт, – Сорогод дьээбэрэн хараҕын килээриччи көрөн кэбиhэр.
– Степа Дьокуускайга үөрэнэрэ быдан үчүгэй буоллаҕа дии, дьиэтигэр кэлэ-бара сылдьыаҕа, – диэн Вера тыл кыбытар.
– Баҕар, кыыhы да батыстын эбээт, хата, үчүгэйгэ тардыhар буолуоҕа. Саамай кылаабынайа – бэйэтэ үчүгэйдик, бэрээдэктээхтик сырыттын… Билиҥҥитэ этэҥҥэ, үчүгэйгэ дылы дии. Үнүр тахса сырыттаҕына, биир киэhэ үчүгэй баҕайытык кэпсэппиппит… Оҕом сыыhа, миигиттэн тугу да кистээхтээбэт ээ, онон маладьыас! – Өлөксөөс куолаhа сымнаан ылар.
– Ханныгын даҕаны иhин олус кыра сааhыгар, өйүн-санаатын ситэ тута илигэр дьиэтиттэн-уотуттан арахсара үчүгэйэ суох. Арааска тэбиллиэн сөп… – Сорогод өссө биирдэ миискэтигэр чэй куттан, кыра-кыратык сыпсырыйа олордо.
Өҥүрүк куйаас халааҕан барда. Чоҥкучах алаас да иhигэр отчуттар үөрүүлэригэр сөрүүн салгын балаhата сайа охсон ааhар буолла… Биир күн олохтоох биэлсэр Галина Егоровна куоракка барбыт үhү диэн иhилиннэ. «Ол аата кыыhын Күннэйи көрсө, олохтуу бардаҕа дуу? Куораттан таҕыстаҕына, баран көрсүбүт киhи!» – диэн Өлөксөөс Таскина иhигэр бүччүм санаан кэбиспитэ. Ол иhин хас даҕаны хонон баран, биир сарсыарда кини биэлсэр Сивцеваҕа үлэлиир сиригэр, балыыһаҕа, барбыта. Урукку өттүгэр биирдэ даҕаны утары көрсөн олорон кэпсэтэ илик буолан, хайдах эрэ толло саныы уонна симиттэ соҕус туттан киирбитигэр, хата Галина Егоровна:
– Хайа, туох сонун-нуомас баар буолла? – диэн бэрт эйэҕэстик көрүстэ.
– Улахан, ураты сонун суох, оттон кэммитинэн олоробут… Бээ, мин… көрдөрбөппүн ээ, бу көннөрү сэhэргэhэ түhээри кэллим, – диэтэ Александра. – Эн, сураҕа, куоракка киирэ сырыттыҥ дуу? Оҕоҕун көрөн, билэн таҕыстаҕыҥ дии? Туох сонуннаах киhи сылдьар эбитий?
– Ээ, куоракка киирэн икки хонон тахсыбытым. Күннэйбин, баар-суох киhибин, көрсөн бөҕө, сүрүн наадам диэн ол буоллаҕа эбээт! – Галина Егоровна үөрэнээччи тэтэрээтин туоратынан аҥаардаан оҥоhуллубут ыарыhахтар хас да карточкаларын туора уурда. – Кыыhым медицинскэй училищеҕа үөрэххэ киирбит. Уопсай дьиэҕэ миэстэ биэрбиттэр. Куоракка ыалга, мин балтыбар, кэргэннээх, оҕолоох, киэҥ дьиэлээхтэр, олорго олорон үөрэн диирбин букатын буолуммат, уопсайга талаhар.
– Ол кэннэ… атын тугу эмэ иhиттиҥ дуо? – Өлөксөөс Степатын туhунан тугу эмэни истээри тулуйбакка ыйыппыта.
– Эhиги Степаҕыт СГУ-га физмат оскуолаҕа киирээри сылдьар үhү дии? Билэр буоллаххыт дии?
– Суох, суох, оннугу истэ иликпит. Өтөрдөөҕүтэ кэлэ сылдьан, ханнык эмэ СПТУ-га киирэр инибин диэн барбыта… оттон табаарыhа Байаарап сураҕа иhиллэр дуо?
– Уолаттар бииргэ сылдьаллар, иккиэн ол физмат оскуолаҕа ылыллыах курдуктар үhү.
– Иккиэн бииргэ сылдьаллара үчүгэй… Ол оскуолаҕа үөрэххэ киирэн хаалаллара буоллар. Биhиги киhибит ахсааҥҥа мөлтөх соҕус буолуохтаах этэ… – Мин кыыhым Алдан училищетыгар киириэх курдук гынан баран, тоҕо эрэ ол дойдуну сөбүлээбэтэх, сирбит этэ… Дьэ, онон эдэр дьоммут ол курдук батысыhа сырыттахтара дии… көҥүл куорат оҕолоро, – Галина Егоровна биллэр-биллибэттик өрө тыынан кэбистэ. – Чугас үөрэнэллэрэ ордук, кэм киирэ-тахса, көрө-билэ сылдьыллыа буоллаҕа.
– Оннук-оннук, чугас аата чугас, – диэтэ Өлөксөөс бэрт холку куолаhынан. – Ол эрээри биhиги киhибитин үөрэххэ ылаллар эрэ суох. Саарбах.
– Саамай кылаабынайа, үөрэххэ киириэхтэрин эрэ наада, ылылыннахтарына, кыһаллан хайдах баҕарар үөрэниэхтэрэ… Дьокуускай куорат уулуссаларыгар үрүмэччи курдук муус маҥан фартуктаах кыра, улахан кыргыттар кылбаҥнаhа хаамсаллара балаҕан ыйа үүммүтүн, саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытын туоhулуур. «Оҕолорум барахсаттар, оскуолаҕытыгар үөрэ-көтө барыҥ, кэрэҕэ, сырдыкка дьулуhуҥ!» – диэбиттии, күhүҥҥү чаҕылхай күн күүскэ күлүмнүүр, сайаҕастык сандаарыҥныыра.
«Оо, бүгүн дойдубар, Орто Эбэҕэ, эбитим буоллар, баччаҕа оскуолабар үөрүүлээх линиэйкэҕэ турар буолуом этэ!» – диэн Степа, түөhүн иhэ минньигэстик итийэ-итийэ, оронугар турбакка сытан, чаhытын көрдө… Онно бэйэтин дьиэтигэр-уотугар, ийэтин-аҕатын бэлэмнэригэр көҥүл, талбытынан таалалаан сылдьан, бүгүн тохсус кылаастары кытта эҕэрдэ тыллары истэ, үөрэ-көтө туруохтаах этэ… Оттон билигин өссө даҕаны ханна үөрэнэрэ биллибэккэ, сир-халлаан икки ардыгар сылдьар курдук. СГУ физмат оскуолатыгар үөрэххэ ылалларын дуу, ылбаттарын дуу бүтүн ыйга чугаhыыр хонук устатыгар чуолкайын быhаара иликтэр. Маҥнай утаа: «Көрүөхпүт. Кэтэhэ түhүҥ», – диэбиттэрэ. Онтон биир күн уолаттар билиилэрин бэрэбиэркэлээн бэсиэдэлэспиттэрэ. Хата, Степалаах Илья тургутууну иккиэн этэҥҥэ ааспыттара. Ол кэнниттэн: «Үөрэххэ ылыахпыт, бирикээс тахсарын күүтүҥ», – диэн буолбута. Ол эрээри бирикээстэрэ тоҕо эрэ тахса илик. Өрүү кыратык күүтэ түhүҥ дииллэр. Аны атырдьах ыйын бүтүүтэ: «Үөрэх дьыла саҕаланнын, оҕо кэлиититтэн көрүөхпүт», – диэн букатын даҕаны саараҥнатан кэбистилэр.
Дьэ хаhан иккиттэн биирдэрин быhааран абырыыллара буолла?.. Бүгүн уон биир чааска физмат оскуолаҕа дириэктэри үөрэх чааhыгар солбуйааччыга кэлээриҥ диэбиттэрэ.
Төбөлөhо сытар Ильята уhуктан, икки илиитин уунаҥнатан тыыллаҥнаата, онтон Степа уhуктаҕаhын көрөн, чаас төhөлөөбүтүн сураста. Ол кэннэ туох да саҥата суох сыппахтаан баран, бэрт минньигэстик дьааhыйан ылла уонна:
– Түксү! Быhаарбатахтарына, мин… дойдулаатым! Айыкка, куоракка хатан сөп буоллум! – диэтэ.
Доҕоруттан итинниги эрэ күүппэтэх буолан, Степа соhуйан хаалан, көннөрү: «Һы!» – эрэ диэтэ.
– Дойдубун наhаа аҕынным!.. Бөлүүн түhээммин бааhына аннынааҕы элгээҥҥэ сөтүөлүү аҕай сылдьар эбиппин. Туох да кыhалҕата суох көҥүл-босхо сананабын. Эмиэ да ханна эрэ оттоhо сылдьар курдукпун. Ходуhа, от сытыттан сүрэҕим өрө эппэйэр… Үчүгэй да үчүгэй!.. Арай уhуктан кэлбитим – куорат түгэҕэр сытар эбиппин. Хомойон хааллым, – Илья, оргууй аҕай кэпсии-кэпсии, туран таҥныбытынан барда.
Степа эмиэ ойон турда уонна ылтаhын халҕаннаах хоспохторун кыараҕас соҕотох түннүгүнэн таhырдьа диэки хараҕын быраҕан ылла.
– Дьоммут турбуттара быданнаабыт быhыылаах, – дии-дии, Степа хоспоҕун аанын тэлэччи аста. – Дорообо, балаҕан ыйын бастакы күнэ! Саҥа үөрэх дьылынан, табаарыс Илья Бояров! Уонна тулуйа түс, оччоҕо атамаан буолуоҥ! Арба даҕаны, бэйэҥ даҕаны бояр, боярин этиҥ дуу? Атамаан диэн эйиэхэ кыра буоллаҕа дии?
– Табаарыс Тааскын, кырдьыктыы этэбин, тулуурум саппааhа бүтэн эрэр, – диэбитинэн Илья таhырдьа дьирэс гына түстэ.
Манна, Дьокуускай Сайсарытыгар Академическай диэн дорҕоонноох ааттаах, курааҥҥа да уолан биэрбэт күп-күөх ньамахтаах чалбахтаах уулусса уhугун диэки Степа абаҕатын уола Иван Таскин – историяҕа наука кандидатын истиэпэнин көмүскээбит Саха государственнай университетын преподавателэ эмиэ университекка үлэлиир кэргэниниин уонна икки эмдэй-сэмдэй оҕолорунуун мас уопсай дьиэ үс миэтэрэ кэтиттээх, биэс миэтэрэ усталаах соҕотох хоhугар симиллэн олорбуттара уонча сылыгар чугаhаабыт. Ол даҕаны иhин уолаттарга утуйалларыгар миэстэ суоҕа, ол кэннэ эдэр дьон бэйэлэрэ даҕаны күөх сайын куйааhыгар дьиэҕэ утуйарга талаhа барбатахтара. Иван Данилович бэйэтинэн хоспоҕун малын-салын хомуйан, сааhылаан, бөҕүн-сыыhын ыраастаан баран, халыҥ хаптаhыннарынан орон оҥортообута. Оттон Илья саҥаhа Саргылаана Семеновна: «Уолаттар, учуонай убайгыт оҥорбут оронноругар тахсаҥҥыт утуйаарыҥ, таҥаскытын бэлэмнээтим. Сарсыарда бэйэҕит көрөн, сөбүлээн туруоххут», – диэбитэ уонна уолаттар ороннорун иннигэр сиргэ үктэнэллэригэр тугу эрэ тэлгээн биэрээр диэн кэргэнин дьаhайбыта.
Манна Степалаах Илья көҥүл, сынньалаҥ олоххо түбэспиттэрэ. Сарсыарда дуоhуйа утуйан туран, тото-хана аhаан баран, куораты кэрийэ бараллара. Бастатан «Детскэй миргэ» сылдьаллара. Онно ордук бэйэтэ хаамар оонньуур тааҥканы уонна уоhуттан уот уhууран көстөр аптамаатын иккиэн олус ымсыыра көрөллөрө. Онтон универмагынан «Прогресска» тиийэллэрэ. Төннөллөрүгэр «Тыhыынча бытархайга» хайаатар да таарыйан ааhаллара. Маҥнай утаа куораты, маҕаhыыннары кэрийэр үчүгэй курдуга да, үhүс-төрдүс күннэриттэн ыла хайдах эрэ сүрэҕэлдьээн, кэрийэргэ сүрэхтэрэ тэппэт буолан барбыта. Тугу даҕаны атыыласпат, ылар соруга суох эрээри маҕаhыыны көрөн да диэн санаа баhыйар буолбута. Күнүс күн сыралҕаныгар итиитэ сүрдэнэрэ, киhи уhуннук тулуйбат этэ. Куруутун уу, утах көрдүүр, иhэр ыаhахтаналлара. Сорох киэhэ Күннэй түспүт ыалыгар – Аппа Уҥуор тиийэн, кыыhы илдьэ Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар бараллара эбэтэр «Лена», сороҕор «Киин» кинотеатрга киинэҕэ сылдьаллара.
Аҕыйах күн Күннэйи кытта Пушкин аатынан бибилэтиэкэҕэ эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэн программанан сирдэтэн нуучча тылын аахпыттара, суругунан үлэни толорбуттара. Степа, биллэн турар, хас киэhэ да аайы Күннэйи көрсөр, кини аттыгар буолар баҕалааҕа.
Алдантан төннөн кэлэллэригэр маҥнай ханнык эмэ СПТУ-га киирэр санаалаахтара. Ону истэн, абаҕата Иван Данилович СГУ физика-ахсаан кылааhыгар киирэллэригэр сүбэлээбитэ, ол кыаллыбатаҕына СПТУ-ну булаарыҥ диэбитэ.
– Хайа, уолаттаар, түүн тоҥмотугут дуо? Бөлүүн балай да хаhыҥнаабыт быhыылаах. Мантан инньэ таhырдьа утуйарга тымныы буолара дуу? Аны дьиэҕэ да утуйуо этигит. Хайдах эмэ сааhылаhан, сыҕарыйсан син миэстэ таhаарыллыа этэ, – дии тоhуйда Иван Данилович. – Бүгүн үөрэххит дьыалата быhаарыллар ини, ама доҕор! Бачча уhуннук күүттэрэн-күүттэрэн баран, аккаастаан кэбистэхтэрэй?!. Дьиэлээх хаhаайкабыт эрдэ туран университетыгар барбыта. Дьэ, бүгүҥҥүттэн ыла бурҕалдьытын кэтэр, түбүгэ-садьыга элбиир буолуохтаах.
Степалаах үгэстэринэн сатыылаан, уон биир чаас лаппа иннинэ Белинскэй уулуссаҕа университет үөрэх-лабораторнай куорпуhугар тиийэн, парааднай аан үрдүк кирилиэhин модьоҕотугар өйөнөн, саҥата суох арбы-сарбы буолан турдулар. Устудьуоннар быыстала суох киирэллэр-тахсаллар, бука бары тиэтэйбит-саарайбыт, ханна эрэ, туохха эрэ ыксаабыт курдуктар. Степалааҕы ким даҕаны билбэт, таба көрбөт.
«Ээ, кырдьык, бүгүн быhаарбатахтарына… дойдулаатахха да тугуй?» – дии санаата Степа эмискэ уонна өрө тыынан кэбистэ… Уhуннук да эрэйдээтилэр! Бэйэ дойдутугар сылдьан үөрэммит быдан үчүгэй буоллаҕа дии… Хата, киэhээҥҥи трамвайынан уҥуор туоруохпут, туох эмэ айан массыынатыгар түбэhэн барыллар ини… Уол дойдутугар, дьиэтигэр-уотугар, бэйэтин дьонугар тиийэрин санаан, сүрэҕэ өрө эппэйдэ. Онтон сиэттэрэн, эбиллэн, дойдутун ахтыбыт санаата өрө көбөн, ордук күөдьүйэн, өрүкүйэн таҕыста. Ол курдук ахтылҕаныгар тартаран, туймаарбыт курдук турдаҕына, хараҥа халлааҥҥа эмискэ сулус сүүрэрин кэриэтэ, соҕотох, биир «Күннэй!» диэн тыл өйүгэр күлүм гынна… Оо, Күннэй, Күннэй! Күҥҥэ тэҥнээх күндүттэн күндү киhитэ Күннэй Сивцева! Хас киэhэ аайы санаабытынан утуйар, сарсыарда санаабытынан уhуктар кэрэттэн кэрэ киhитэ Күннэй! Өрүү тыыннаах тырымныыр сибэккитэ, ыраахтан ыраахха, үрдүктэн үрдүккэ, сырдыктан сырдыкка ыҥырар уоттаах сулуhа Күннэй! Дьэ, ол кэннэ тоҕо Күннэй курдук Күн Куо киhититтэн тэйэн, быстан, араҕан барыахтааҕый? Тоҕо?..
Куорпустан бөлөх‑бөлөҕүнэн субуhан испиэскэ, буор буолбут таҥастаах кыргыттар таҕыстылар. Арай кинилэри кытта Степа саҥаhа Саргылаана Семеновна тахсан, аллара диэки ааста, уолаттары өйдөөн көрбөтө.
Дьэ, лоп бааччы уон биир чааска уолаттар, сүрэхтэрэ бүллүгэрэччи тэбэ-тэбэ, этээстэр кирилиэстэрин эт атахтарынан дабайбытынан барбыттара. Алтыс этээскэ чопчу 614‑с нүөмэрдээх кэбиниэти туhаайбытынан хаамсан эрдэхтэринэ, кэннилэриттэн саҥа иhилиннэ: «Таскин, Бояров, тохтооҥ эрэ!»
Степа дьик гынан, сүрэҕэ ытырбахтаан ылла – РФМШ дириэктэрин үөрэх чааhыгар солбуйааччы Анна Петровна, сааhырдар да, бэрт хоhуун, эрчимнээх дьахтар, кэннилэриттэн бу хааман-сиимэн кудулутан иhэр эбит:
– Эhиги бирикээскит илии баттанна. Билигин машинкаҕа бэчээттээн аҕалыахтара, күүтэ түhүҥ, – дии-дии, уолаттары аhара түhэн, кэбиниэтин аанын тэлэйэ баттаата.
Ити этиллибит тыллар диҥнээх ис хоhоонноро уолаттарга сонно тута өйдөммөтө: ханнык бирикээс? Туох туhунан?
Аhаҕас хаалбыт ааннаах кэбиниэт иhиттэн завуч саҥата киириэхтэрин саараан дугдуннаhа турар уолаттары иhирдьэ ыҥырбыта:
– Күн сарсыҥҥыттан үөрэнэ кэлэҕит… Билигин бакаа быстах олорор ыаллаах инигит? Уопсай дьиэҕэ хойутуу киириэххит. Сөп дуо?
– Буоллун, буоллун! – диэтэ Степа.
– Атын туох эмэ наадалааххыт дуо?
– Оттон… – диэн баран Илья доҕорун диэки көрөн ылла. – Дойдубутугар тахса сылдьыа этибит, таҥас-сап, харчы да ыла. Тахсыбатахпыт букатын ыраатта.
– Субуотаҕа барыаххытын сөп. Үөрэх күнүгэр сатаммат, – Анна Петровна быhа бааччы хардарда.
Уолаттар СГУ үөрэх-лабораторнай куорпуhуттан ис-истэриттэн чэпчээн, өрө көтөҕүллэн таhырдьа тахсыбыттара, халлааннара барахсан өссө сандаарыйа сырдаабыт, күннэрин уота, өссө ордук күүскэ күлүмүрдүү-күлүмүрдүү, күлбүт-үөрбүт. Бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэhэн, сарын-сарыннарыгар сутуруктарынан хардарыта ыаллаhан баран, саҥата суох бүтэйдии мичээрдэhэ-мичээрдэhэ, уулуссаҕа таҕыстылар.
«Аны биhиги РФМШ үөрэнээччилэрэбит!» – диэн киэн туттунуулаах санаа түөстэрин тиирэ киэптээтэ… – Билигин ханна барабыт? – диэтэ Степа туох баар өйө-санаата Күннэйгэ эрэ буолан туран.
Ону Илья курдук доҕоро, ама, тута өйдөөбөтө диэн кэлиэ дуо?! Сонно: «Медтэргэ бардыбыт!» – дии оҕуста. Онон икки төгүл оптуобустанан, Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа турар медицинскэй училище уопсай дьиэтигэр тиийдилэр. Күннэй суох буолан биэрдэ, куоракка ханна эрэ барбыта диэтилэр хас да саха кыргыттара, уолаттар сирэйдэрин-харахтарын кистии-саба одуулаhа-одуулаhа.
– Манна киэhэ аайы кэлиэххэ сөп дойду быhыылаах дуу? – дии-дии, Степа доҕорун диэки көрө-көрө, эйэлээхтик мичээрдээтэ.
– Кэлиэххэ да сөп этэ. Тоҕо сатаммат буолуой? Хата, эhиги Күннэйдиин миэхэ биир эмэ кыыста булан сыhыараарыҥ эрэ! – диэтэ Илья кырдьык-хордьук.
– Этэҥҥэ сырыттахпытына бэйэҥ да булан ыларыҥ буолуо ээ, – Степа аан аттынан истиэнэҕэ сыhыарыллыбыт биллэриигэ хараҕа хатанна. – Хайа-а, бу ыччаттар киэhэ дискотекалаахтар эбит дии! Онно, холобур, биhигини киллэриэхтэрэ дуу? Туох быраабылалаах дьон эбиттэрэ буолла?
– Хайдах-туох бэрээдэктээх дьон эбиттэрэ буолла кыргыттар маассалара? – Илья эмиэ мунаарарын биллэрдэ.
Уолаттар олорор ыалларыгар Академическайга тиийэн, аhаан баран, сарсын сарсыарда үөрэнэрбитигэр кураанах илиилээх тиийиэхпит дуо диэн, универмакка сылдьан уопсай тэтэрээт, уруучука атыыластылар. Ол кэннэ ыалларыгар кэлэн тэлэбиисэр көрөн таҕыстылар.
– Хайа, уолаттаар, үөрэххитин быhаардылар ини? Бирикээскитин биэрдилэр дуо? – киэhэлик Саргылаана Семеновна ыйыппытынан киирдэ.
Степа саҥаhа итинник эрэллээхтик ыйыппытыттан «Арааhа, кини мааҥыан сарсыарда физмат оскуолаҕа сылдьан эрдэ кэпсэтиспит эбит», – диэн өйдөөтө.
Ол киэhэ Степалаах Илья сэттэ чаас саҕана эмиэ медицинскэй училище уопсай дьиэтин киирии куоллаҕайыгар баар буоллулар. Бу сырыыга иhирдьэ-таhырдьа атын уолаттар элбээбиттэр. Хас да кыргыттар, көрдөөн көрөн баран, Күннэйи эмиэ булбатылар, эппиэттэрэ биир – куоракка барбыта буолуо диэн. Өссө эбэн: «Сарсын сарсыарда үлэҕэ барабыт, хортуоппуйга», – диэн кыргыттар кэпсээтилэр.
Ол иhин Степа, Күннэйи бу киэhэ көрсүбэтэхпинэ биир ый устата көрбөппүн диэн, соҕотоҕун аны Аппа Уҥуор барбыта. Онно тиийбитэ – Күннэй эмиэ суох, биир дьүөгэтиниин соторутааҕыта аҕай сылдьан барбыттара диэтилэр.
Куоракка борук-сорук буолан барда. Онон Степа, төhө даҕаны санаата Күннэйгэ ханньары тартардар, медучилище уопсайыгар бара соруммата.
ИККИС БАҺА
Иван Данилович Таскин дойдутуттан Орто Эбэттэн тэйбитэ ыраатта, орто оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайга үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Университет историяҕа салаатын төрдүс куурсугар үөрэнэ сылдьан омук тылын факультетыгар үөрэнэр Хатас кыыhын Саргылаана Слепцованы кэргэн ылбыта. Эрдэттэн, оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн ыраламмыт санаатын дьулуhан туран ситиhэн, университеты үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна салгыы аспирантураҕа туттарсыбыта. Сүрүн соруга учуонай буолуу этэ. Ол санаатын түөрт сыллааҕыта ситиспитэ – историческай наука кандидатын аатын ылбыта.
Кыра эрдэҕиттэн тулаайах кэриэтэ үөскээн, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ, суолун бэйэтэ солоно үөрэммит үгэhинэн наука туонатыгар атаҕын уган баран, онон сөп буолан, дуоhуйан уоскуйан, тохтоон хаалар санаата суох, өссө лаппыйан, нэмийэн ылан, иhирдьэ салгыы өтөн киирэн иhэр бигэ соруктаах. Салгыы үлэлэhэр да, ол үлэтин бэйэтэ олус мыынар, астыммат. Өссө дьулурҕатык, өссө түмүктээхтик үлэлиэххэ баара… Баҕа санаа, былаан баhаам!
Ол эрээри билиҥҥи олоҕун-дьаhаҕын туруга, эйгэтэ охсор, атахтыыр. Кырдьыга да оннук! Дьэ бу икки киhи арыычча аасыhар «хоруопкатыгар» ыгыта симсэн олороҥҥун билиҥҥи наукаҕа саҥа суолу-ииhи хаалларар ханнык боччумнаах үлэни суруйан, айан таhаарыахха сөбүй?! Күннээҕи олох-дьаhах кыhалҕата, дьиэ-уот кыараhаҕа айымньылаах өй үлэтин күөртүөхтээҕэр төттөрүтүн умулуннарар, кэҕиннэрэр.
Иван уонна Саргылаана устудьуоннуу сылдьан ыал буолуохтарыттан олорор дьиэтэ суох буолан эҥин-эҥин ыалга кыбыллан, үтүрүллэн-хабырыллан, эрэй да бөҕөтүн көрбүттэрэ. Түөрт сыллааҕыта Академическай уулуссаҕа бу дьиэни биэрбиттэрэ туhугар эмиэ үөрүүлээх суол этэ. Төhө даҕаны кыараhаҕын иhин, бэйэбит дьиэбит, бэйэбит киэнэ диэн сананаллара үчүгэйэ сүрдээх этэ… «Ыал барыта даачалаах. Биhиги да сир ылан, сыыйа-баайа оҥостон көрбөппүт дуо?» – диэн Саргылаана бу дьиэҕэ кэллэхтэрин утаа тыл көтөҕө сылдьыбыта. Онуоха Иван иэмин-дьаамын биэрбэтэҕэ, даачаны оҥостуу үлэтиттэн, түбүгүттэн олус чаҕыйар, саллар. Ону сүhүөҕэр туруорарга элбэх күн-дьыл барыахтааҕын иhигэр улахан санаалардаах, быhаччы былааннардаах саҥа учуонай буолбут киhи туох-ханнык иннинэ бириэмэтин харыстаан, үлэбэр-хамнаспар оҕустарыам диэн баччааҥҥа диэри сөбүлэспэккэ сылдьар.
– Бу бэйэбит даҕаны даачаҕа олорор курдукпут буолбат дуо? Куорат кытыыта, мас дьиэ, аҕыйахтык хардыылаатыҥ да бэс чагда. Онтон салгыы, баҕар, мырааҥҥа тиийэ бар, бэйэҥ көҥүлүҥ! Баhаалыста, сүрэҕэлдьээбэтэххинэ бэс сытынан төhө баҕарар дуоhуйа тыын. Дьэ ол кэннэ туохха даача нааданый? – диэн Иван күлүү-оонньуу курдук кэргэнигэр этээччи.
– Ээ, оннук бөҕө! Адьаhын даачаҕа олорор курдукпут! Дьиэбит иннигэр атын сиргэ ханна даҕаны суох күп-күөх, «үчүгэй» баҕайы уулаахпыт, сыта-сымара эмиэ биир оннук үчүгэй! Дьиэбит таhыгар хомус уонна кулун кутуруга бөҕө үүнэр. Оҕуруот аhын, хортуоппуй бөҕөнү «олордобут». Наhаа үчүгэй сиргэ олоробу-ут!.. – Саргылаана ити курдук өссө да салҕаан барыта эҕэлээҕи, кыhыылааҕы элбэхтик таhаарааччы.
Онуоха Иван салгыы мөккүhэ сатаабакка, саҥата суох барааччы. Кырдьыга да, даачалаахтара буоллар сайынын сынньалаҥнарыгар төhөлөөх үчүгэй буолуох этэй?! Ордук оҕолоругар. Саргылаана да ити этэрин курдук, бэйэтэ уhаайбалааҕа буоллар оҕуруот аhын арааhын, эҥин-эҥин сибэккини, оту-маhы төhөлөөх үүннэриэ, бүөбэйдиэ этэй? Кыhыннары-сайыннары эргиччи биир дьиэҕэ, буолаары буолан аhара кыараҕас дьиэҕэ, симиллэн олорор куhаҕанын туhунан Иван, ама, ситэ өйдөөбөтө диэн кэлиэ дуо?! Барытын үчүгэйдик өйдүүр, билэр… Оо, даача, даача!..
Иван Таскин ордук Саргылааната эрэйдэнэрин көрөн уонна оҕолорун тустара диэн ханныгын да иhин бэйэ дьиэ кэргэнин олоҕун-дьаhаҕын тупсарарга быhаччы ылыстахха сатаныыhы диэн биир өйгө-санааҕа кэлбитэ. Биирдэ өйдөөн көрдөҕүнэ, кини саастыылаахтара, үөлээннээхтэрэ бары тус олохторун сүрдээҕин көрүнэллэр, оҥостоллор, хааччыналлар эбит: бары сөп соҕус олорор дьиэлээхтэр-уоттаахтар, өссө даачалаахтар, дьиэ ис тэрилэ, миэбэлэ бөҕө, өссө массыыналаахтар эҥин.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ биир күн үлэтин быыhыгар анаан-минээн куораттааҕы сэбиэккэ дьиэ ыларга биэрбит сайабылыанньалара ханна тиийбитин ыйыталаhа барбыта, ол күн прием суох буолан, нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан тиийдэ. Мин эрэ буоллаҕым дии санаабыта, кырдьаҕас да, эдэр да дьахталлар, оҕонньоттор хайыы-үйэҕэ кэлэн, хамыыhыйа сэкирэтээрин хоhун ааныгар уочараттаан тураллар, олороллор эбит. Көтөххө сылдьар оҕолоох эдэркээн ийэлэр кытта бааллар.
Иван Данилович, ким кэнниттэн киириэхтээҕин билэн баран, эркиҥҥэ өйөнөн турда. Куорат сэбиэтин араас үлэhиттэрэ – саастаах, эдэр да дьон көрүдүөрүнэн төттөрү-таары бараллар-кэлэллэр, хостон хоско түhэллэр. Үксүгэр сүр хотоойутук, дьорҕооттук туттубут дьахталлар, кыргыттар кытаанах хобулуктара тобугураhаллар.
– Наhаа даҕаны кэтэhиннэрэллэр… кырдьык-хордьук тугу эмэ быhаарарга дылы, – диир өссө хаама илик оҕотун тобугар өйөөн олорор эдэр саха дьахтара.
– Ээ, сотору киллэртииллэр ини… Хаhаайыттар, хотуттар-тойоттор буоллахтара дии, кыратык кэтэhиннэрбэккэлэр. Хайыахпытый, күүтэн көрөөхтөөтөхпүт дии! – түөhүгэр аҕыйах мэтээл колодкаларын анньыммыт сэнэх сэбэрэлээх оҕонньор алы гынар куолаhынан саҥаран сыыйар.
– Һы, хаhаайыттар! Ол кинилэр бэйэлэрэ туппут, бэйэлэрин дьиэлэрин түҥэтэллэр үhү дуо? Судаарыстыба баайа, бас билиитэ ини? Оччоҕо тоҕо ыарыы-чэпчии сатыахтаахтарый? – эдэр дьахтар кыйыттар.
– Бэйи, тукаам, эн урут манна сылдьыбытыҥ дуо? Бүгүн кэпсэтиэхтээх киhибит туох… саха эбитэ дуу, нуучча дуу? – диэн анараа диэкиттэн биир эмээхсин кэhиэхтээх куолаhынан эдэр дьахтартан туоhулаhар.
– Хантан саханы олордуохтарай?! – эдэр дьахтар оҕотун тобугар өйөөн сиргэ туруорар. – Көрөҕүт дуо бу бүгүн уочаракка бука барыта олохтоохтор эрэйдээхтэр ньаппарыhан олороохтуубут. Тоҕо?.. Тоҕо диэтэххэ, кэлиилэр бары дьиэлээхтэр-уоттаахтар, онно төбөлөрө ыалдьыбат, биhиги курдук хас тойон, хотун иннигэр бокулуоннаабаттар, атахтарыгар үҥпэттэр. Кинилэр соҕурууттан барыта бэлэмҥэ, далбарга кэлэллэр. Манна үлэhит тиийбэт диэн ааттаан соҕурууттан дьон бөҕөнү сакаастаан сурутан ылабыт.
Онно Иван Данилович эдэр дьахтар эппитигэр өйдөөн көрбүтэ – кырдьык, уочараттарыгар биир даҕаны кэлии киһи суох эбит, барыта сахалар. Тугуй бу? Бу соҕотох түбэлтэ эрэ дуу, дьиҥнээҕэ оннук дуу? Итини хайдах, туох диэн быhаарыахха сөбүй?..
– Ээ, бээ, тукаам, эн олус быhа-хото саҥарыма дуу… оттон биhиги эрэйдээхтэр нууччалар баар буолан, чыып-чаап эрдэхпит дии! Бэлэмҥэ олорон… – анарааҥҥы эмээхсин, утары кэбиниэт халҕана тыаhыырын кытта ах баран хаалла.
– Сити курдук үксүбүт туохха барытыгар сөп түбэhэ, сирэй көрбөх буола сылдьабыт, бэйэбит туспа төбөтө, өйдүүр өйө суох курдук дьаабыланабыт. Омук быhыытынан бэйэбитин достойно тутта сатаабаппыт, биhиги, сахалар эрэйдээхтэр, диэммит бэйэбитин бэйэбит түhэрэбит, – эдэр дьахтар куолаhа титирэстээн ылла.
Кэтэhэн олорооччулар киириэхтээх кэбиниэттэрин аана дьэ аhылынна – кубаҕай сирэйигэр эмиэ да күөх, эмиэ да кыhыл кыраасканан тупсарыылаах, сип-синньигэс, быстыахча буолбут бииллээх саха кыыhа быган туран: «Кто первый, войдите!» – диэт, сонно төттөрү дьылыс гынан хаалла.
Бастакынан сэрии бэтэрээнэ оҕонньор киириэхтээх эбит да, кини хааман тэпсэҥэлээн иhэн, били оҕолоох эдэр дьахтар иннигэр тохтоон: «Эн урут киирэҕин дуо? Кыра оҕолоох киhи…» – диэтэ уонна сып-сымнаҕастык мичилийэ одуулаан турда.
– Мин… мин дуо? – диэн эдэр дьахтар, маҥнай соhуйан хаалан, кулгааҕа истибитин итэҕэйбэтэх курдук, оҕотун кууспутунан хамсаабакка олордо. Онтон эмискэ үлүгэр сулбу ойон туран, «баhыыба» диэбитинэн ааhан иhэн, оҕонньор бэгэччигин таарыйан, кэбиниэккэ быhа дьулуруйда.
– Дьэ, эмиэ этэн-тыынан тылыбыратан хайдах эрэ хотууска быhыылаах, – диэтэ эдэр дьахтары буойбут били эмээхсин, бары чочумча саҥата суох олорбуттарын кэннэ.
– Кэбиhиҥ, инньэ диэмэҥ. Мин тоҕо эрэ кини этэригэр киириниэх курдукпун ээ! – бэтэрээн оҕонньор күө-дьаа буолла. – Биирдэ баран эттэххэ, кыыс сөпкө, баар кырдьыгы этэр. Ону баара биhиги сөбүлүү истибэппит дии?.. Билигин ханна баҕарар итиннник, кырдьыгы туох баарынан туруору этэр киhини адьаhын сөбүлээбэттэр. Оннук киhини биллибэтинэн-көстүбэтинэн аргыыйдык туората, намтата сатааччылар. Эн, соҕотох буоллаххына, тугу да гымаккын.
– Ээ, ону мин билбэт суолум. Хантан да билиэхпиний дьиэ бөҕө киhи, – эмээхсин иэдэс биэрэн кэбистэ.
Оҕонньор аны Иван Даниловичка чугаhаан, тэпсэҥэлээн кэллэ:
– Хайа, бу эдэр киhи эмиэ тураҕын дуу? Хаhааҥҥыттан уочараттааххыный бу дьоҥҥо?
Кырдьаҕастаах эдэр хардарыта ыйыталаhан сэhэргэhэн бараллар.
– Эйиэхэ, үөрэхтээх, улахан үлэhит киhиэхэ дьиэни биэриэхтэрэ буоллаҕа дии, – диир оҕонньор эрэмньилээхтик.
– Оо, дьэ, ким билэр… боппуруос олус уустук быhыылаах, өтөрүнэн биэрбэттэрэ буолуо ээ… Дьиэҕэ наадыйааччы элбэҕэ бэрт. Хайа уонна кэтэҕинэн, киhи билбэтинэн араас киирии-тахсыы, кэпсэтиhии, туруорсуу ханна барыай! Оннугу биhиги сатаабат дьоммут, – Иван Данилович сонньуйа күлэн кэбиhэр.
– Сөпкө этэҕин, билсии-көрсүү диэн баар элбэҕи быhаарар дьыала. Бу мин, куоракка сүүрбэччэ сыл олорбут-үлэлээбит, куоракка олохтоох оҕонньор киhи, олоҕу, олох быhыытын-майгытын син удумаҕалыыбын дэнэбин. Аны дьон хайата барыстааҕын, туhалааҕын көрөн сыhыаннарын олохтууллар, сибээстэрин тутуhаллар. Билиҥҥи олоххо олус көнөтүнэн, судургутунан сылдьар киhи сүүйтэриитэ, ночоото элбиир быhыылаах… Чэ, ону үөрэх-хаар бөҕөтүн үрдүгэр сылдьар киhи бэйэҥ даҕаны бэркэ билэн-көрөн, өйдөөн сырыттаҕыҥ буолуо ээ!
– Кырдьык, билэн бөҕө буоллаҕа… Ардыгар, бэйэҥ билиэххин да баҕарбатаххына даҕаны олох обургу бэйэтэ биллэрэр, үөрэтэр-такайар, өйдөтөр. Биhиги, орто сааспытыгар тиийэн эрэр дьон, хонон турдахпыт ахсын харахпыт аhыллара элбээн иhэр. Ону барытын таскар таhааран иhитиннэрэриҥ даҕаны сатаммат, – Иван Данилович, өрө тыына-тыына, киириэхтээх кэбиниэтин диэки көрөн кэбистэ.
Ол күн: «Кэтэhэргитигэр эрэ тиийэҕит. Саҥа дьиэ үлэҕэ киириитэ олус аҕыйах», – диэн харданы ылан тахсыбыт Иван Таксин кэргэнигэр ол сырыытын кэпсээбитэ Саргылаанаҕа соhуччу буолбата. Арай Иван куобахтыы таарыйа аймахтарбар быйыл күhүн дьиэ маhын кэрдэрбэр көмөлөhүҥ диэҕим диир санаалаах Орто Эбэҕэ тахсабын диэн кэпсээн, кэргэнин ордук сэргэхситтэ, дьиктиргэттэ даҕаны.
– Дьэ, хата, сөп толкуйу булбуккун, лаппа хойутаан да буоллар, – диэбитэ Саргылаана, кэргэнин диэки да хайдах эрэ аhыммыттыы, эмиэ да мунчаарбыттыы көрөн олорон.
* * *
Оттон РФМШ тохсус кылааhын үөрэнээччитэ буолбут Степа Таскиҥҥа балаҕан ыйын күннэрэ бииртэн биир көтөн‑ааhан истилэр. Саҥа сиргэ-уокка, быhыыга-майгыга барыта ураты, сонун, умсугутуулаах.
Ильятыныын биир субуоталаах өрөбүлгэ дойдуларыгар Орто Эбэҕэ тахсан киирбиттэрэ. Степа ийэлээх аҕата, уоллара куоракка үөрэххэ киирбит дьон, үөрүүлэрэ улахан этэ.
– Эн физмат оскуолаҕа киирбиккин истэн баран, манна сорохтор, учууталлар да соhуйаллар, кыахтаах баҕайы киhини биhиги хаайа сылдьыбыт эбиппит дэhэллэр, – диэн ийэтэ, уолун сылаастык көрө-көрө, күө-дьаа буолан кэпсээбитэ.
Балта Вера: «Эчи хаарыаны! Куоракка да үөрэнэр буолбаппын ээ! Мин эhиил эмиэ РФМШ-ҕа киириэҕим», – диэмэхтээбитэ. Ону ийэтэ сөбүлүү истибэтэҕэ.
Степа мин үөрэххэ ылылларбар таайым аах көмөлөстүлэр быhыылаах, бэйэлэрэ ол туhунан тугу даҕаны эппэтэхтэрэ диэн дьонугар анаан-минээн кэпсээбитэ. Дьоно учуонай аймахтарыгар уон куhу уонна сибиэhэй тайах этин ыыппыттара.
* * *
Уол арахсыспат атаhа Ильятыныын Сэргэлээх иккитигэр уон төрдүс куорпуска биир хоско төрдүө буолан олороллор. Дьукаахтара онус кылааска үөрэнэллэр, онон физмат оскуола, Сэргэлээх иккитин олохторун, куорат быhыытын-майгытын үчүгэйдик билбит дьон быhыытынан, быдан сытыытык-хотуутук, чобуотук тутталлар-хапталлар. Кинилэргэ холоотоххо, Степалаах Илья быдан сыппах, муҥкук да курдук көстөллөр. Ол эрээри Илья Бояров хара маҥнайгыттан тылынан-өhүнэн күлэн-оонньоон, уҥа‑хаҥас бэрсиhэн, хардарсан, сорохторго балай да сытыы-хотуу уол курдук көстүбүт буолуохтаах. Оттон Степа, төhө даҕаны аҕыйахтык саҥардар, хоhун уолаттарыгар олус сирдэрбэтэ. Доҕоро Илья күлэн-оонньоон: «Күүстээх киhи аҕыйах саҥалаах буолааччы. Мин табаарыhым оннук киhи», – диэн «рекламалаан», Степа Таскин бэйэтин кыанар уолунан кылааhыгар биллибитэ.