Төлкө

Tekst
Loe katkendit
Märgi loetuks
Kuidas lugeda raamatut pärast ostmist
Šrift:Väiksem АаSuurem Aa

Маайа эмиэ өр утуйбакка сытар. Кини санаатыттан дьоно, ийэтэ арахпат. Ийэлээх аҕатыттан, төрөөбүт дьиэтиттэн арахпыта төгүрүк сыла туолара чугаһаата.

«Ийэм сордоох, миигин сүтэрэн, төһө эрэ ытаан-соҥоон муҥнанна буолла?» – диэн санаатыттан Маайа ытамньыйан ылар. Оо, кини ийэтин, төрөөбүт сирин күүскэ да ахтыбыт! Сотору-сотору үөһэ тыынан ылыталыыр. Этэ умайар, уута кэлбэт.

«Дьонум аах, миигин сүтэрэн баран, туох дии санаатылар буолла?.. Өлбүтүнэн ааҕаллара буолуо эбээт… Хайдах гынан кинилэргэ тыыннаахпын биллэриэмий?.. Билигин кэлэн, буолуох буолбутун кэннэ, биллэрэн да диэн…»

Маайа уута кэлбэт. Хотуна тугу үлэлиирин эппитэ буоллар туран, үлэлээн барыа эбит. Тугу соруйалларын, тугу оҥоруохтааҕын билбэт буолан сытар. «Ороммун атыҥыраан уум кэлбэт буоллаҕа», – дии саныыр. Ханна эрэ дьон оһуокайдыыр саҥалара иһиллэр. Маайа туран хоһун түннүгүн аһар. Аһаҕас түннүгүнэн үҥкүү тойуга кутуллар.

 
Дьоллоох сайын кэлбитин,
Тоҕонохтон тутуһан,
Туойан-ыллаан тоһуйуоҕуҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Үүттээх сүөгэй самыырдаах,
Араҕас арыы толонноох,
Көөнньүүлээх кымыс көлөһүннээх
Көрдөөх сайын кэлиитин
Көхтөөх оонньуунан көрсүөҕүҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
 

Үҥкүү тойугун кытта куоталаспыт курдук, кэтэх мыраан тыатыгар кэҕэлэр этэн чоргуһаллара дуораһыйар.

Лэгиэнтэй атыыһыт, бу түүн эмиэ утуйбакка, кэҕэ этэрин, дэриэбинэ дьоно үҥкүүлүүллэрин истэ сытар. Кини Сүөдэр кэлбититтэн улаханнык үөрэр. Сүөдэр курдук хоһуун, толорумтуо, итэҕэллээх киһини булара биллибэт этэ. Кини арай Сүөдэр кэргэнэ дьахтартан дьиксинэ соҕус саныыр. Ол эрээри кини угаайытыгар киирэн биэрээхтээтилэр. Хамнастарын харчынан аахсан ылар дьон эбиттэрэ буоллар, киниэхэ улахан охсуулаах буолуо этэ. Ону ити сүөһүнү ылар буоллулар – ол үчүгэй. Эһиилгиттэн ыла сүөһүлэрин айаҕын иһин киниэхэ босхо хамначчыт буолаахтыахтара. Лэгиэнтэй атыыһыт, итини барытын эргитэ саныы, сүүйүүлээхтик кэпсэппититтэн үөрэ сытта.

Төрдүс баһа

I

Лэгиэнтэй атыыһыт Дьаакыбылап кулубаттан букатын туспа майгылаах-быһыылаах киһи. Кини киэҥ сиринэн дэлэйдик сылдьар, онон-манна бэрт үгүс билсэр дьоннордоох, атастардаах. Лэгиэнтэй атыыһыт дьон хаһан туохха наадыйарын өтө билэн олорон, кинилэр кыһалҕалаах кэмнэригэр кэлэн, харчыта суохха харчы иэһээн, таҥаһынан быстыбыты таҥаһынан салҕаан, аһа суох буолбукка ас бэрсэн «абырыыр» үгэстээх. Ол дьоннор сордоохтор, маннык үтүөнү оҥорторон баран, кини тылыттан тахсыахтара баара дуо, тугу этэрин быһа гымматтар, тугу көрдүүрүн барытын биэрэллэр.

Чугастааҕы ыаллара Лэгиэнтэй атыыһыты «сахалыы улахан өйдөөх киһи» диэн ааттыыллар. Кырдьык, кини эргиэнин бэйэтин туһугар бэрт өйдөөхтүк, сатабыллаахтык тэрийэр. Кыһын устата Маачаҕа, Мухтуйаҕа, арыт Бодойбоҕо тиийэ эти, арыыны тиэйтэрэр, атыылыыр. Ол тухары биир да бэйэтин ынаҕын өлөрөн атыылаабат, биир да муунта бэйэтин арыытын тиэйбэт. Итини барытын атын дьонтон хомуйан тиэйэр, атыылыыр.

Кини кэлэр өттүгэр тугунан үчүгэйдик туһаныан, барыстаныан бэрт үчүгэйдик билэр. Ол барыстаах буолуо диэбитин эрдэттэн, бэрт чэпчэки сыанаҕа хомуйан, бэлэмнээн кэбиһэр үгэстээх. Кини саас хаар хараара илигинэ сутаан охтоллоро буолбут сүөһүлэри буор босхо хомуйар. Онуоха анаан эрдэттэн от бэлэмнээх олорооччу. Сүүһүнэн сүөһүнү ый аҥаарын курдук үчүгэй отунан аһатар уонна күөх сирэмҥэ таһаартыыр. Ол сүөһүлэрэ сайын устата уойаллар, тотоллор. Ото суох быстан олорон, сутаан охтоору гыммыт сүөһүлэрин атыылаабыт дьон ол сүөһүлэрин күһүн бэйэлэрэ да көрөн билбэттэр.

Арыыны Лэгиэнтэй атыыһыт эмиэ сатабыллаахтык атыылаһар. Күһүн арыы сыаната ыарыыр. Сорох кыһыҥҥыга хаһаанар, сорох куоракка киллэрэн атыылыыр. Куораттан атыыһыттар тахсан эмиэ хомуйаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт итини барытын бэрт үчүгэйдик билэр. Кини арыыны сайын, үүт үгэнигэр, арыыны ким да ылбат, атыыласпат кэмигэр хото хомуйар үгэстээх, ол хомуйбут арыытын үчүгэй булууска ууран баран, кыһын Маачаҕа, Бодойбоҕо киллэрэн ылбыт сыанатыттан үс-түөрт төгүлүнэн үрдүк сыанаҕа атыылыыр…

Маҥнайгы сайыннарыгар Сүөдэр от оттуур, Маайа дьиэни көрөр. Кинилэри Лэгиэнтэй атыыһыт киһилии таҥыннарар, бэйэтин остуолугар олордон бииргэ аһатар. Күһүн, сыарҕа суола турарын кытта, Сүөдэри уонча атынан Маачаҕа эт киллэртэрэ ыытар. Бу эт сайын устата быстаран олорбут көмүс үлэһиттэригэр олус ыараханнык атыыланар. Ити кэнниттэн Сүөдэр кыһыны быһа Аанньаахтан Маачаҕа таһаҕас таһыахтаах: Лэгиэнтэй атыыһыт этин, арыытын антах Сараапап атыыһыкка илдьэн туттарыахтаах.

Маайа Сүөдэр айаҥҥа барбытын кэннэ улаханнык тулаайахсыйар. Онуоха эбии ыарахан буолар. Кыһыҥҥы уһун түүн устата хоһугар утуйбакка сытан, дьонун ахтар, кэргэнин Сүөдэри: «Төһө эрэ тоҥон-хатан эрээхтиирэ буолла?» – дии саныыр. Халлаан тымныыта күүһүрдэҕинэ, «Сүөдэрим тоҥон эрдэҕэ», – диэн куттанар.

Дьаакыбылаптаах үлэлэригэр холоотоххо, Маайа билиҥҥи үлэтэ олус чэпчэки, ыраас. Кыһын устата Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтигэр ахсааннаахтык хонно. Онон Маайа хотунунаан Харытыаналыын иккиэйэҕин олордохторуна туохха оччо түбүгүрүө баарай: оһохторугар уот оттор, дьиэни сиппийэр, нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэ муостатын сууйар. Ол да буоллар кини тоҕо эрэ Дьаакыбылап хамначчыттара олорор туруорбах балаҕаннарын субу-субу ахтан кэлэр. «Сөдүөччүйэ эмээхсин сордоох хайдах эрэ олороохтуура буолла?» – диэн санаалар сотору-сотору өйүгэр киирэн, түүн утуппат буолан бараллар. «Билигин оһох таһыгар мустан олорон Сөдүөччүйэ эмээхсин сэһэнин, остуоруйатын истэн эрдэхтэрэ», – диэн кини арыт-арыт, Дьаакыбылап хамначчыттарыгар ымсыырбыт курдук, санаан кэлэр.

Маайа, арай биирдэ утуйа сытан, иһин түгэҕэр туох эрэ хамсыырыттан уһуктан кэлэр. «Туох хамсыырый?» – дии санаан өр соҕус таалан сытар. Онуоха: «Мин баарбын!» – диэбит курдук, аргыый аҕай туох эрэ эмиэ хамсаан ылар. Оо, Маайа онно үөрдэҕин эриэхсит!

Сарсыныгар үлэтин барытын бэрийэн баран, күнүс чэйдии олорон, Маайа хотунугар оҕолоноору сылдьарын кэпсиир. Харытыана эмээхсин, ону истэн баран, хаста да хараҕын уутун былаатын уһугунан соттор. Маайа туох да диэн саныан булбат. Ол эрээри дьиэлээх хотун сөбүлээбэтэх быһыыта көстүбэт. Сотору соҕус Лэгиэнтэй атыыһыт хантан эрэ эргийэн кэлбитигэр Харытыана хамначчыттара Маайа ыарахан сылдьарын кэпсиир.

– Ол аата үлэлээн туһалаабат хотун буоллаҕа дии… Дьэ, хайдах гынабытый?

– Мин, көмүс сымыыттарым тыыннаахтара буоллар, төһө эрэ дьоллоохпун диир этим, – диэн баран Харытыана ытамньыйан ылар.

– Биһиги да дьоллоох дьон буолан, үп-ас өттүнэн дэлэйдик олордохпут дии, – Лэгиэнтэн атыыһыт күннэтэ аайы харчытыгар харчы эбиллэрин эккирэтэрин, дьону албынныырын, кинилэри хабалаҕа киллэртиирин улахан дьолун курдук сананарын этэр.

– Э-эх, чэ, мин оҕолорбун ханнык да баайтан ордоробун.

Мантан ыла Харытыана кэргэнин кытта Маайа ыараханын туһунан кэпсэппэт буолбута. Кини оҕонньоро атын дьахтары булан биэрэбин диэн хаста да этэн көрбүтүн истэ да барбатаҕа.

Маайа, хаппын диэн олоруо баара дуо, урут хайдах үлэлиирэй да ол курдук үлэлии сылдьар. Биирдэ кини дьиэ муостатын сууйа сырыттаҕына, хотуна Харытыана киирэн этэр:

– Маайа, аны дьиэ муостатын сууйума, мин атын да кыыһы булан сууйтарыам.

– Суох, суох, мин сууйуом.

– Маайа, киһи дьоло – оҕо! Оҕото суох киһи – төһө да баайын иһин – дьоло суох!

Арай биирдэ аһыы олорон Маайа тойонноох хотунуттан аа-дьуо ыйытар:

– Эһиги тоҕо оҕоҕут суоҕуй?

Лэгиэнтэй атыыһыт саҥата суох Маайа диэки көрбөхтүүр, сүр ыараханнык үөһэ тыынан ылар:

– Мин… биһиги эмиэ, син эһиги билиҥҥигит курдук, дьадаҥы дьон этибит. Мин бэйэм Бороҕон улууһун киһитэбин… Ити кэргэним Суотту – эмиэ Бороҕон улууһа. Биһиги, ас-таҥас кыһалҕаланан, куоракка киирбиппит. Онно ити билиҥҥи Микииппэрэп атыыһыт аҕатыгар Манньыаттаах оҕонньорго үлэҕэ кэпсэппиппит. Ол олордохпутуна кыыс оҕо төрөөбүтэ. Мин онно саныырым: «Ама миигиттэн ордук дьоллоох киһи бу дойдуга баар үһүө!» – диэн. Кырдьык, үчүгэйкээн диэн бэйэлээх оҕо этэ. Оччоҕо Манньыаттаах оҕонньор саҥа байан эрэрэ. Кини обургу иҥсэтин, кини обургу сүрэҕин-бэлэһин көрүө этигит?! Байар дьулууругар түүн утуйар диэни, күнүс олорор диэни билбэт этэ. Мин түүн кинилэр лааппыларын маныырым. Күнүс лааппыга таһаҕас таһарым, сүгэрим-көтөҕөрүм. Биһиги кини үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрин аан хоһугар олорорбут. Харытыана дьиэни көрөр, сууйар-сотор, оһоҕун оттор этэ. Бу дьиэҕэ кэлээччи-барааччы элбэҕэ, хас түүнүн аайы арыгы да арыгы, хаарты да хаарты буолан тахсара. Хас түүн аайы айдаан, охсуһуу. Биһиэхэ оҕобутун суулуур таҥас диэн оччоҕо суоҕа. Онон бу дьиэҕэ олордохпутуна үс ыйдаах оҕобут тымныйан, сэбиргэхтэтэн… аҕыйах хонон хаалбыта. Онно: «Миигиттэн ордук сордоох аан дойду үрдүгэр ким баар буолуой?» – дии санаахтыырым…

Харытыана эмээхсин хараҕын уутун соттор. Ийэ сүрэҕэ билигин да хаанынан ытыыр быһыылаах.

Маайа бу дьон сүрэхтэрин бааһын таарыйбытын кэмсинэ саныыр.

Лэгиэнтэй атыыһыт, саҥата суох олорбохтоон баран, көхсүн этитэр уонна оргууй аҕай кэпсээнин салгыыр:

– Ол оҕобут өлбүтүн кэннэ кэргэним иккистээн ыарахан буолбута. Биһиги «маҥнайгы оҕобутун куорат абааһыта сиэтэҕэ» диэн, иккис оҕобут төрүөн иннинэ тыаҕа, Суоттуга, тахсыбыппыт… Онно уол оҕо төрөөбүтэ. Ньукулай диэн ааттаабыппыт. Оҕобут биэһин туолуор диэри тыаҕа олорбуппут. Биэһин туолар сааһыгар оҕобут биир киэһэ «төбөм ыалдьар» диэн сыппыта. Түүнү быһа оҕобут этэ кутаа уотунан умайбыта. Биһиги, тугу да гыныахпытын булумуна, ыксаан, иккис түүнүгэр ойууну аҕалан кыырдарбыппыт. Ол ойуун кыыра турдаҕына, бу ийэтэ сордоох көтөҕөн олордоҕуна – оҕобут тыына быстыбыта.

Хос иһэ уу чуумпу. Харытыана эмээхсин хараҕын уута остуолга таммалыыр. Лэгиэнтэй атыыһыт да улаханнык уйадыйан олорор быһыылаах. Маайа хараҕын уутун эмиэ кыаммат. «Оҕо диэн – төрөппүттэр сүрэхтэрин чопчута» диэн тыл номоҕун өйдөөн кэлэр. Кини бу ыарахан буолуор диэри оҕо туһунан санаабат да этэ. Оттон билигин, дьон оҕо туһунан кэпсэттэхтэринэ, долгуйа истэр.

 

Лэгиэнтэй атыыһыт, хараҕын уутун туора соттон кэбиһэн баран, эмиэ кэпсээнин салҕаан барар:

– Оҕобут өлөрүгэр Харытыана эмиэ ыарахан этэ. Оҕобутун таһаарар күммүтүгэр… итэҕэс… өлбүт оҕо түспүтэ. Олох, сатамматаҕына, оннук наар аанньа буолан иһэр быһыылаах. Ол кэнниттэн бу кэргэним харааччы иирэн хаалбыта. Мин бэйэм да, итирик киһи курдук, иннибин-кэннибин билбэт буолан сылдьарым. Тугу да гыныахпын булумуна, оҕом аһыытын арыгы аһыытынан сууйа, аһара сатыырым. Арыгы аргыһа – хаарты… Арыгылыыр буолан баран, аны хаартыһыт буолбутум. Ол сылдьан, биир түүн ааппын билбэт буола байарым, иккис түүнүгэр – кэтэр да таҥаһа суох сыгынньаҕын хааларым. Хаарты диэн оннук…

Маайа кэпсээни атыҥҥа аралдьытаары ыйытар:

– Оннук дьон… Хайдах бу курдук байбыккытый?

Лэгиэнтэй атыыһыт саҥата суох кини диэки кыырт хараҕын курдук төгүрүк хараҕынан көрөн дьэрэлитэн ылар. Харытыана эмээхсин, остуол аттыттан туран, бэйэтин хоһугар киирэн хаалар. Кини быһыыта хайдах байбыттарын туһунан кэпсээни истиэн саатар дуу, кыбыстар дуу быһыылаах.

– Баай да диэн, оҕото суох буолбут кэннэ туох наадалаах баҕайы эбитэ буолла?! Өллөхпүтүнэ, ким ылан сиир-аһыыр… Халлаан былытын курдук, аны мээнэ ыһыллан хаалар дуу?.. – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа диэки эмиэ көрөн төгүрүҥнэтэр. – «Хайдах байбыккытый?» – диэн ыйытаҕын… Бу дойдуга киһи хара көлөһүнүнэн сатаан байбат кэмэ кэлэн турар… Чэ кэпсиим… Арай биир түүн Төхтүр дьаамын ыалларыгар арыгылыы-хаартылыы олордубут. Онно Тайҕаттан Дьокуускайдаан иһэр биир саха киһитэ баара. Мин даҕаны, кини даҕаны иэл-тиэл соҕус холуочук этибит. Эбии арыгылаабыппыт. Онтон киһим, уонча муунта кыһыл көмүс кутулла сылдьар мөһөөччүгүн ыстаанын иһиттэн хостоон таһааран баран: «Маны сүүйэн ыл!» – диэбитэ… Сүүйэн да диэн, булкулла итирэн хаалбыт сордооҕу… Сүүйэн ылбытым…

Лэгиэнтэй атыыһыт, бу кэпсээниттэн улаханнык кыбыстыбыт курдук, Маайа диэки көрүтэлиир. Кырдьыга, кини маны бу Маайаҕа эрэ, били өлбүт оҕолорун ахтыбытыттан уйадыйбычча, кэпсээтэ. Итини барытын киниттэн уонна Харытыанаттан ураты ким да билбэт этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт үөһэ тыынар. Тутан олорбут көмүс биилкэтин остуолга уурар уонна, икки ытыһынан төбөтүн бобо тутан, икки хараҕын быһа симэн, бүк түһэн олорон, бэрт өрдөөҕүтэ буолан ааспыт түүнүн өйдүүр. Кини иннигэр ааспыт күннэр, дьыллар туманнарын ортотуттан Төхтүр дьаамын ыалларын дьиэлэрэ көстөргө дылы… Бу түүн Ааныска эмээхсиннээх балаҕаннарыгар арыгылааһын буолар. Арыгы кэнниттэн хаарты мэтэйдэнэр. Лэгиэнтэй сүүрбэччэ солкуобайдааҕынан остуоска баан тутар. Остуол үрдүгэр аҕыйах сыа чүмэчи имик-самык умайар. Ол сырдыгар оонньуу олорор дьон сирэйдэрэ кып-кыһыл өҥнөнөн көстөр. Дьиэ иһэ чаркааскай табах буруотунан унаарыйар.

Бу түүн Лэгиэнтэй, итиригэр тэптэрэн, хаартытын көрдөрөн олорон көтүтэр, тиэрэ өттүгэр уурар этэ. Ону ким да өйдөөн көрбөт. Кини дьонун барытын сүүйтэлиир.

Харчылара бараммыт дьон туораан биэрэллэр. Саҥаттан-саҥа дьон табах силиһин кырбыылларыттан быһаҕынан быһыта кэрдиллибит, ортотун сылабаар турбатын уоттаах чоҕо түһэн дьөлүтэ сиэтэлээбит остуолугар кэлэн олороллор. Кинилэр өр буолбаттар – сүүйтэрэ-сүүйтэрэ тэйэн иһэллэр.

Албыннаан сүүйэн ыла олорор харчытын Лэгиэнтэй тугун харыстыай – арыгы ыллартарар. Ол курдук, арыгылааһын быыһыгар хаарты оонньуута, хаарты оонньуутун быыһыгар арыгылааһын. Итирэллэр-кутураллар.

Дьон барыта итирэн охтубутун кэннэ, көмүстээх тайҕаттан куоракка киирэн иһэр киһи кэлэн остуол аттыгар олорунар.

– Хаартылыах! – диэн баран ол киһи, күрдьүөттээбит оҕус курдук, хараҕын муҥунан көрөн кэбиһэр.

– Суох, оонньообоппун, – диир Лэгиэнтэй хайдах эрэ дьулайан.

Тайҕаттан сылдьар киһи Лэгиэнтэйи, уолугуттан харбаан ылан, ороҥҥо тиэрэ баттыыр:

– Оонньообот буоллаххына – ыт курдук өлөрөн кэбиһиэм!

– Туохтааххыный?.. Харчыгын барытын сүүйтэрбитиҥ буолбат дуо?

Тайҕа киһитэ Лэгиэнтэй хабарҕатыттан илиитин ыһыктан кэбиһэр уонна кини аттыгар ороҥҥо олорор. Тугу да саҥарбакка эрэ, ыстаанын тимэхтэрин төлөрүтэр. Өр соҕус ыстаанын иһин хаһыспахтаан баран, добуоччу улахан мөһөөччүгү сулбу ойутан таһааран, Лэгиэнтэй сирэйин иннигэр ыараҥнатар:

– Сүүй!.. Байыаҥ!.. Бу барыта – кыһыл көмүс!

Лэгиэнтэй, бу киһи көмүһүгэр ымсыыран, хараҕа кэҥии түһэр. Сиэбиттэн хаартытын ылбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Эмиэ имик-самык чүмэчи уотугар иккиэ буолан хаартылаан бараллар. Саҥата суох, илиилэринэн уонна харахтарынан: «Сабыыта биирдии мөһөөк!.. Көмүс уон сабыыга барар!» – кэпсэтэн кэбиһэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт маҥнай утаа иккитэ барар. Бу киэһэни быһа оонньоон ылбыт харчытыттан мөһөөккө тиийбэт харчы хаалар. Икки хараҕын быһа симэн баран быһар. Кини икки хаартыны уурар… Онтукалара иккиэн эрэ бардахтарына, сүүйтэриэхтээх. Алын хаартыта сирэй баран тахсар. Кини, хаартытын көрбүтэ буола олорон, барбыт хаартытын аллара түһэрэн кэбиһэр. Иккис хаартыта, хайа муҥун, ылан тахсар.

– Баар! – хаартытынан остуолу сырбатар.

Итирик киһи кини албыннаабытын өйдөөбөт. Иккис ууруутугар, үсүһүгэр эмиэ иккилии хаартыны ууран сүүйтэлиир. Киһитэ кини албынныырын букатын билбэт, өйдөөбөт. Ол курдук, сарсыарданан, тайҕаттан сылдьар киһи көмүһүн «сүүйэн» ылар.

Көмүһүн сүүйтэрбит киһи, Лэгиэнтэйтэн биир иһит арыгы атыыта харчыны көрдөөн ылан баран, тиийиэх буолбут куоратыгар тиийбэккэ эрэ, эмиэ көмүс көрдүү Тайҕаҕа төннөр.

«Албыннаабатаххына, сүүйбэккин», – дии саныыр Лэгиэнтэй. Онтон ыла кини хаарты оонньуурун быраҕар. Аны ол көмүһүн эргитэн харчы оҥорор уонна: «Баайдар да албыннааһына суох байбаттар», – дии санаан, аны эргинэн барар.

Баччааҥҥа диэри кыра, дьадаҥы киһи эрэйдэнэрин бэйэтэ билбит буолан, тыа киһитэ хаһан тугунан тутуурун, туохха кыһанарын курдаттыы көрөн, ону туһанан бэркэ диэн барыстанар, байар.

Лэгиэнтэй атыыһыт хараҕын аспыта – Маайа кини кэпсээнин ситэ истээри көһүтэн олорор.

– Онтон ыла бу дьиэлэнэн-уоттанан олордохпут ээ… Бу баай кэриэтэ оҕолорум бааллара буоллар… – диэн иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыт ах баран хаалар.

– Билигин үчүгэйдик олорор буолбаккыт дуо?

– Баай, баай… истиэххин баҕарар буоллаххына – баай курдук куһаҕан суох быһыылаах… Биир солкуобайыҥ икки буоларыгар дьулуһаҕын. Биир харчыны барыстанар иһин – ийэлээх аҕаҕын атыылыах курдук буолаҕын… Кини эйигин сүгүн утутара, олордоро диэн кэлиэ баара дуо?!. Төһө байан иһэҕин да – соччонон өйгүн киниэхэ сүүйтэрэн, былдьатан иһэҕин… Арыт саныыгын ээ: муспут үбүм-баайым киммэр хаалыа диэн бу курдук дьулуһабыный? – диэн. Уонна, сонно тута биэс харчылаах барыс киириэх эрэ буоллаҕына, барбыккын, атыыласпыккын эбэтэр атыылаабыккын билиминэ хаалаҕын.

Маайа Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин, төһө да болҕойон олорон иһиттэр, сатаан өйдөөбөт. Кини баай ыал кыыһа эрдэҕинэ, баай хантан кэлэригэр, хайдах хаҥыырыгар букатын да кыһаммат этэ. Эгэ билигин, ыал хамначчыта буолан баран, ону хантан билиэ баарай?!

* * *

Маайа төрөөбүтэ ый аҥаара ааһыыта Лэгиэнтэй атыыһыт оҕону куоракка киллэрэн Предтеченскэй таҥара дьиэтигэр сүрэхтэтэр. Кини «сүрэхтээбит аҕа» буолар. Сэмэн диэн ааты биэрэллэр. Сүрэхтээбит аҕата оҕоҕо анаан хас да кыракый ырбаахыны тиктэрэр, утуйар биһигин, тэллэҕин, суорҕанын, сыттыгын – барытын кини тэрийэр. Оннооҕор Сүөдэргэ – оҕо аҕатыгар – «бэлэх» диэн кыһыл саһыл тыһа бэргэһэни, хара таба тыһа күрүмүнү уонна истээх сону ылан биэрэллэр. Оттон Маайаҕа – оҕо ийэтигэр – халлаан өҥүн курдук өҥнөөх солко ырбаахыны, хара сукуна сону атыылаһаллар.

Лэгиэнтэй атыыһыттаах, бэйэлэрэ оҕолоро суох буолан, Сүөдэрдээх оҕолоругар олус убаналлар. Оҕо тэллэҕин илитэн ытаан марылаатаҕына, Лэгиэнтэй атыыһыт уонна Харытыана эмээхсин буоланнар оҕону хайдах уоскутуохтарын, саататыахтарын булбаттар.

Сүөдэрдээх Маайа бу Лэгиэнтэй атыыһыттаахха иккис сылларыгар эмиэ үлэлиир буоллулар.

Хайа ийэ сүрэҕэ үөрбэтэҕэ баарай, Маайа сүрэҕэ күннэтэ аайы үөрүүнэн туолар. Кини санаата көтөҕүллэн, оҕотун утутаары киэһэ аайы, биһигин бигии-бигии, ыллыыр:

 
«Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Устар күнү билбэккэ,
Үөрэ-көтө оонньообут
Үрүҥ көмүс сибэккиҥ,
Үүнэр күнү көһүтэн,
Уһун түүҥҥэ утуйда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Кэлэр саҥа күннэргэ
Кэрэ, чэгиэн кэскилгин,
Киһи-хара буоларгын
Кэрэлиирэ тыалардыын
Кэтэһээхтээн чуумпурда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!».
 

Сэмэнчик уол ийэтин ырыатыттан, биһиги хамсатарыттан мичээрдии сытан утуйан нухарыйан барар.

II

Лэгиэнтэй атыыһыттаах бэрт үгүс ыалдьыттаах, хоноһолоох ыал. Ол да буоллар Маайа оҕотунаан, Сэмэнчиктиин, аҕалара айаҥҥа баран эмиэ тулаайахсыйан олороллор. Маайаны били Дьаакыбылап кулубалаах хотонноругар сылдьарын саҕанааҕытын билэр киһи ол эрэ дьахтар бу сылдьар диэх буолбатах. Таҥаһа ырааһа, уҥуоҕа көнөтө, кырасыабайа харахха чуо быраҕыллар.

Арай биир киэһэ саһыл тыһа истээх хара сукуна сонноох, турбут-олорбут сытыы быһыылаах, саар-тэгил орто уҥуохтаах, мэктиэтигэр килэбэчийэн көстөр хара баттахтаах эдэр соҕус саха киһитэ хоноһолоноллор.

Бу хоноһо дьиэ иһигэр киирэн таҥаһын саҥа сыгынньахтанан эрдэҕинэ, Лэгиэнтэй атыыһыт хап-сабар Маайаны соруйар:

– Чэ, чэйдэ туруор, Уйбаан Сэмэнэбис тоҥон кииртэ буолуо!

Таһырдьаттан киирбит киһи, ытыгынан ытыйан эрэр курдук, икки ытыһын сурдурҕаччы имэрийтэлии-имэрийтэлии мичээрдиир уонна сөҥ соҕус куолаһынан этэр:

– Халлаан да тымныы… Соччо тоҥуутун тоҥмотум буолан баран, итии чэйтэн киһи аккаастаныа суох.

Маайа бу киһи киирдэ-киирээт чэй туһунан саҥарбытын сүөргүлүү истэр. «Ханнык эрэ хабарҕатынан тыыммыт, оройунан көрбүт киһи быһыылаах», – диэн санаа кини өйүгэр охсуллан ааһар.

– Дьэ, Уйбаан Сэмэнэбис, үҥсүүҥ-харсыыҥ дьыалата быйыл хайдаҕый?.. – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт ыйыппытын Маайа хос иһиттэн тахсан иһэн бэркэ дьиктиргии истэр. «Бурдугуҥ-отуҥ хайдаҕый?» – диэбиккэ дылы «үҥсүүҥ-харсыыҥ буолан», – дии саныы-саныы сылабаар туруора барар.

Маайа төрөөбүт сиригэр, Бүлүүгэ, Баскасов диэн сааһын тухары дьон иннигэр үҥсүүнэн дьарыктанар киһи баара. Ол киһи атаҕастаммыты-баттаммыты көмүскэһэн үҥсэр идэлээҕэ. Кини «үҥсэргэ» ылыммыт дьыалатын төрдүгэр тиэрдибэккэ эрэ хаалларбат этэ. «Бу ыалдьыппыт, баҕар, оннук киһи буолаарай? – диэн санаа Маайа өйүгэр көтөн түһэр. – Оччоҕо Дьаакыбылап кулубаны утары үҥсүһүннэрбит киһи! Ол эрээри, кэбис, ол баай ыал, улуус кулубатын хардыытын хаһан ситэн кырдьыгы булаары…»

Маайа хос иһиттэн тахсыбытын кэннэ Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Ити туох дьахтарый? Хантан көһүннэ?

– Ити биһиги дьиэбит үлэһитэ дьахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис соһуйар, дьиктиргиир.

– Итинник бэйэлээх үчүгэй дьүһүннээх барахсан буолан баран, тоҕо ыал хамначчыта буолбут муҥай?.. Ханнык баҕарар баай ыал уола үөрүүтүн кытта кэргэн ылыах кыыһа сылдьар дии!

Лэгиэнтэй ыалдьытын диэки көрөн кэбиһэр:

– Туох диэн эттэххиний? Бэйэтэ кэргэннээх, оҕолоох дьахтар дии.

Уйбаан Сэмэнэбис, олорбохтуу түһэн баран, Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Кэргэнэ ханнаный?

– Миэхэ үлэлиир… Билигин мин таһаҕаспын, Аанньаахтан Маачаҕа киллэрэн, Сараапап атыыһыкка туттара сылдьар… Аны саас биирдэ кэлиэҕэ.

– Ол киһи хантан көһүннэ?

– Кинини эн да өйдүүрүҥ буолуо… Били биир кэмҥэ миигин кытта сылдьар эдэр уолчаан баара дии… Оттон, доҕоор, били Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кэлэн олоро сылдьыбыт?!. Ол-ол! Былырыын сайын, биир күн… киэһэ кэргэннээх киирэн кэлбитэ. Онтон ыла ити биһиэхэ олороллор. Оҕоломмуттара, – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайа тустарынан кэпсиир.

Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин саҥата суох истэн олорор. Кини бу дьахтар ыал хамначчытыгар эргэ тахсыбытын билигин да сатаан санаабат.

– Төрдө-ууһа биллэр дуу? Ханна төрөөбүт үһүнүй?

Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа Бүлүүгэ эрэ төрөөбүтүн билэр. Бу сыллар усталара кини хаста да дьахтар дьонун туһунан кэпсэтэн көрөөрү ыйыталаһан көрбүтэ да, Маайа, ол туһунан букатын кэпсээбэккэ, кэпсэтиини атыҥҥа халбарытан кэбиһэрэ. Онон Маайа дьоно кимнээхтэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытыгар үгүһү кыайан кэпсээбэт.

– Дьэ дьикти эбит! – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Таҥара итинник үчүгэй, нарын ньууру биэрбитин сатаан туһанымына, ыал хамначчытыгар да эргэ тахса турбута баар… Атын омук кыыһа эбитэ буоллар, кинээскэ дуу, графка, баай атыыһыкка дуу кэргэн тахсан, хаарыска, солкоҕо суулана сылдьыа этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт тугу да саҥарбат. Кини эмиэ үөрэҕэ суох хараҥа киһи. Атын омуктарга хайдах буолалларын кини хантан билээхтиэ баарай.

Сылабаар кыынньан, Маайа ыалдьыты уонна дьиэлээх тойонун ыҥыртыыр. Аһыы олорон соччо улахан кэпсэтии тахсыбат.

Маайа дьон аһаан бүппүттэрин кэннэ остуолу сууйар-сотор, иһити-хомуоһу хомуйар. Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр киирэр – Харытыана бу күннэргэ ыарытыйан сытар. Уйбаан Сэмэнэбис Маайалыын хос иһигэр иккиэйэҕин эрэ хаалаллар.

 

– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытаары гынабын… Бука диэн өһүргэммэккэр көрдөһөбүн, – диир хоноһо.

Маайа кини диэки соһуйбут курдук көрөр уонна тоҥуй соҕус куолаһынан хардары ыйытар:

– Тугу кэпсэтээри гынаҕыный?

Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсэтээри гыммыт суола олуонатыттан тыла аанньа тахсымына, кырдьык даҕаны халы-мааргы соҕустук ыйытар:

– Төрөөбүт сиргэр дьонуҥ аах бааллар дуо?

Маайа эмиэ дьиктиргээн кини диэки көрбөхтүүр, туох да диэн булбат. «Тоҕо миигиттэн ону ыйыталаһар киһиний?» – диэн саныы түһэр. Кэпсэтимээри, өһүргэтээри, кыыһырбыт куолаһынан хардарар:

– Бааллара буолуо… тыыннаах буоллахтарына. Билбэппин.

Уйбаан Сэмэнэбис өһүргэммэт. Кини, эбии лаппыйан, ыйыталаһан барар:

– Мин дьон иннигэр үҥсэр идэлээх киһибин… Онон бэрт элбэх киһини билэбин. Баҕар, эн дьоҥҥун билэрим буолаарай? Кинилэр ханна олохтоох дьонуй?

– Билсэргин-билсибэккин билбэтим… Бүлүү диэкилэр этэ… – Маайа бу кэпсэтэ туран: «Саатар, оҕом да ытаабат ээ, бу киһиттэн куотуохпун», – дии саныыр да, хата, Сэмэнчик ытаабат.

– Хайа бүлүүлэрий?

– Орто Бүлүү.

– Орто Бүлүү, – Уйбаан Сэмэнэбис онно олохтоохтортон кимнээҕи билэрин өйдүү сатыыр. Суох, кини онно олохтоохтортон кими да билбэт эбит. Арай биирдэ суукка сылдьан, Капитонов кинээс нэһилиэгин ыаллара сүөһүлэрин мэччитэр сайылык алаастарын күрүөлээн ылбытын туһунан үҥсүү баарын истибиттээҕэ. Ону өйдөөн, кини Маайаттан ыйытар: – Мин соҕотох Капитонов эрэ кинээс туһунан истибитим… Ол киһини билэр этиҥ дуо?

Маайа, ама, Капитонов кинээһи билбэттээх буолуо дуо. Кырдьык, кини дьонун аахха олордоҕуна, оннук үҥсүү күөдьүйэ сылдьыбыта. Ол эрээри баай кинээһи дьадаҥы дьон эрэйдээхтэр хаһан кыайыахтара баарай, «Арыылаах» диэн нэһилиэк ыалын сайылык сирэ барыта Капитонов кинээс бас билэр ходуһата буолбута.

– Билэбин… Оннук кинээс баар, – диир Маайа.

– Эн дьонуҥ аах ааттара кимнээҕий?

– Харатаайаптар.

– Кимнээх да-а? – диэн Уйбаан Сэмэнэбис соһуйа түһэр. Кини «Каратаев» диэн ааты урут истибит аата этэ. «Ол гынан баран Орто Бүлүү Каратаева – улуус кулубата сурахтааҕа. Оттон бу дьахтар ол Каратаевтарга туох да сыһыана суох буолуохтаах, кини ыал хамначчытын кэргэнэ, бэйэтэ – ыал хамначчыта», – дии саныыр.

Маайа бу киһи кини аҕатын араспаанньатын истэн соһуйбутун дьиктиргиир: «Ама, мин дьоммун билэр киһи буолуо дуо?» Кини, Уйбаан Сэмэнэбис соһуйбут хараҕын-сирэйин көрбөхтөөн баран, этэр:

– Харатаайап Сэмэн Уйбаанабыс диэн киһи кыыһабын.

«Суох, хайдах да оннук буолуор сатаммат», – дии саныыр Уйбаан Сэмэнэбис. Кини истэринэн, Сэмэн Уйбаанабыс диэн Орто Бүлүү улууһун кулубатын ааттыыллара. Баҕар, киһи биир ааттааҕын оҕото буолаарай?

– Мин истэрбинэн… Сэмэн Уйбаанабыс Харатаайап диэн ол улуус кулубатын ааттыырга дылы гыналлара дии… Эн дьонуҥ ол кулубалаахтан атын дьон буоллахтара дии?

Уйбаан Сэмэнэбис, Маайа Харатаайап кулуба төрөппүт кыыһа буоларын истэн, соһуйуу бөҕөнү соһуйар.

– Хайдах?.. Кэргэниҥ ыал хамначчыта… – диэн иһэн, кини харбыт курдук, айаҕын атан баран турар.

– Итиннэ киһи соһуйара туох да суох, кэргэним ыал хамначчыта буолтун кэннэ, мин бэйэм, эмиэ ыал хамначчыта буолбакка, ханна барыамый? – диир Маайа. Итинтэн салгыы кини хайдах эргэ тахсыбытын, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри хайдах тэрийэн ыыппытын, киниэхэ хайдах сымыйа биэксэллэри биэрбитин барытын сиһилии кэпсиир.

Уйбаан Сэмэнэбис ону истэн олорон: «Хайдах-хайдах баҕайыный?.. Ама ити барыта кырдьык буолуо дуо?» – диэн саарбахтыы саныыр.

Маайа, кэпсии туран, бу киһи кини тылын итэҕэйбэт курдук туттарын өйдөөн көрөр:

– Быһыыта, итэҕэйбэккин ээ?

– Киһи хайдах да итэҕэйиэх буолбатах.

Маайа саҥата суох хоһун иһигэр киирэн хаалар уонна, сотору буолаат, Дьаакыбылап кулуба оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕыларын таһааран көрдөрөр.

Уйбаан Сэмэнэбис маннык көстөн турар хара батталы хаһан да көрө да, истэ да илигэ. Ама да, Дьаакыбылап кулуба буолбутун иһин, бу дьыалатыгар хайаан да түбэһиэх, суукка тардыллыах тустаах.

Уйбаан Сэмэнэбис Маайаҕа аргыый аҕай этэр:

– Мин үҥсэр идэлээх киһибин. Суукка-сокуоҥҥа киэҥ билсиилээхпин, онон, Дьаакыбылап кулуба төһө да кыахтааҕын иһин, итинник көстөн турар дьыалаҕа… кыайыллыа. «Үҥүс» диэн миэхэ сурук биэрдэргин, мин үҥсүөм этэ. Оччоҕо Дьаакыбылап кулуба бииринэн – албыннаан, син бэйэтин курдук биир улуус кулубатын кыыһын саакка киллэрбитигэр – саат кутуохтаах; иккиһинэн – сымыйанан суруйан, улуус бэчээтин ууран туоһулаабыт биэксэл кумааҕыларын иһин суукка тардыллыахтаах. Ону эн туох диигиний?

Билигин манна кэргэнэ Сүөдэр баара буоллар, Маайалаах сүбэлэһиэ этилэр. Кини соҕотоҕун итинник дьыаланы тэрийэриттэн олус куттанар, толлор:

– Кэбис, ол биһиги, ыал хамначчыттара, хаһан улуус кулубата тойону суутунан кыайан, саат куттараары, суукка тартараары… Ол үҥсэргэ төлүүр харчы да суох. Кэбис, хааллын!

– Да-а, ону бэйэҥ биллэҕиҥ… Ол эрээри үҥсүбүт киһи хайаан да сүүйэр дьыалата эбит… Туох аатай доҕор, кулуба кыыһын албыннаан, хамначчыкка ойох кэпсэтиннэрэр диэн!

– Оннугун-оннук буолуо да, мин кэргэммин таптыыбын. Мин киниэхэ, саһыл тыһа истээх сонугар, баай-мааны да таҥаһыгар ымсыыран эргэ тахсыбатаҕым – бэйэтин сөбүлээн эргэ тахсыбытым. Кини ыал хамначчыта буоларын билэ-билэбин…

– Ол туһа туспа. Сокуон да быһыытынан, эн бэргэһэлэммит кэргэҥҥин кытта, ким да буолбутун иһин, барсыах тустааххын.

Маайа бу киэһэ Уйбаан Сэмэнэбис кинилэр ааттарыттан Дьаакыбылап кулубаны үҥсэригэр сөбүлэҥин биэрбэт.

Маайа утуйа киирээри турдаҕына Уйбаан Сэмэнэбис этэр:

– Бу түүн барытын үчүгэйдик ыараҥнатан көр, сөбүлэһэр буоллаххына, мин, баҕар, харчыта-соболоҥо да суох үҥсүө этим. Оттон дьыаланы сүүйдэхпитинэ – мин эрэйбин бэйэҕит саныаххыт, туох да тахсыбатаҕына, – хааллаҕа ол. Киһи оччону эрэйдэнэр.

Маайа, тугу да саҥарбакка, хоһугар киирэн хаалар. Оҕото Сэмэнчик, биһигэр утуйан, муннун тыаһа буккуруу сытар. Маайа төбөтүн сыттыгар уураат: «Хайдах гынабын?» – диэн санааҕа түһэр. Кини устунан ааспыт олоҕун ырытан барар. Дьонуттан арахпыта үс төгүрүк сыла туолара чугаһаан эрэр. Ол тухары кини дьоно аах хайдах олороллорун букатын истибэккэ да, билбэккэ да сылдьар. «Ийэм эрэйдээх миигин сүтэрэн…» – дии саныыр да, икки хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Ийэтин кини олус да ахтыбыт. «Ийээ! Ийээ!» – диэн уоһун иһигэр ботугураамахтыыр.

Маайа хараҕын быһа симэр. Ол сытан төрөөбүт Төгүрүк алааһын көрөргө дылы. Ийэтэ дьиэтин ааныгар тахсан туран: «Маайа, төнүн, туох буруйдаах буолаҥҥын, ыалга хамначчытынан сылдьаҕын», – диир курдук. Маайа өйүгэр ити санаа, хаа-дьаа да буоллар, син охсуллан ааһар этэ. Итинник санаатын кини кэргэнин Сүөдэри таптыыра кыайара…

«Сэгэрим, Сүөдэрим, төһө эрэ тоҥон, уһун суол сорун-муҥун көрөн эрэрэ буолла? – дии саныыр Маайа. – Суох, мин, Сүөдэрбин быраҕан, ханна да барыам суоҕа! Билигин биһиги биир ынахтаахпыт, биир тыһаҕастаахпыт… Ынахпыт быйыл эмиэ буос… сотору төрүө. Оччоҕо үс сүөһүлэнэбит. Ханна эрэ манна балаҕан оҕото туттуохпут, туспа ыал буолуохпут». Маайа, сайын ынах хомуйа сылдьан, Киллэм дэриэбинэтин соҕуруу уһугар, нэлэмэн күөл аттыгар, үс муннуктуу киирбит үрдүк соҕус күөх хонууну көрөрө уонна: «Оо, манна биһиги, дьиэ оҕото туттан, олорорбут буоллун даа!» – диэн олус баҕара саныыра…

«Бэйи эрэ, ити туох үтүө санаалаах киһитэ дуу, туох куһаҕан санаалаах дьээбэ киһитэ дуу? Туохха кыһанан, ыал хамначчыттарын иннигэр суут аанын тоҥсуйаары, үҥсээри гынарый? Хамнас, харчы көрдөөбөт буолтун кэннэ… Ити кумааҕылар биһиэхэ да сыппыттарыттан туох туһа баарый… Оо, Сүөдэр, Сүөдэр! Ханна сылдьаҕыный? Тоҕо миэхэ сүбэ-ама буолбаккыный?.. Баҕар, Дьаакыбылап обургу халыҥ аньыыта туолан, ити киһи биһиги иннибитигэр үҥсээри гынара буолаарай?» – Маайа ити курдук эргитэ саныы сытан, утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалар.

Хонон тураллар. Аһаан бүтэн иһэн Уйбаан Сэмэнэбис, мичээрдии-мичээрдии, Лэгиэнтэй атыыһыкка этэр:

– Мин бөөлүүн букатын да утуйбатым диэххэ сөп.

– Ороҥҥор табыллымына дуо? – Лэгиэнтэй атыыһыт соһуйа түһэр.

– Суох, оронум бэрт үчүгэй. Ити Маайа бэҕэһээ киэһэ миэхэ кэпсээбититтэн.

Маайа сирэйэ кытара түһэр. Кини, ханна да барыах сирин булбакка, сирэйин сылабаар кэннигэр саһыарар. Лэгиэнтэй атыыһыт кини сирэйин өҥөҥнүү-өҥөҥнүү көрөр, улаханнык соһуйар:

Olete lõpetanud tasuta lõigu lugemise. Kas soovite edasi lugeda?