Loe raamatut: «Хотун Куо»

Font:

КҮННЭЙ

1

Санаарҕаабыттыы кубарыччы көрбүт халлааннаах көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Биллэ тымныйда, тохтуу-тохтуу самыырдыыр, түүнүн хаһыҥныыр буолла. Бүгүн күлүмнүү күлбүт күн хараҥа күдээркэй былыттар быыстарыгар саста. Хотуттан күүскэ силбиэтэнэ тыалырда.

Икки этээстээх улуус киинин авиапордун таас дьиэтигэр, үс күн устата сөмөлүөт көппөккө, элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна. Кэлэр-барар аалыҥнаһыыттан сылайан, номоҕон дьүһүннээх кыыс, ардах ибиирэригэр да кыһаммакка, таһырдьа таҕыста. Сөмөлүөт кэллэ, билиэттээх киһи Дьокуускайдаан хаалыан сөп этэ да, кыһытыан иһин, халлаан киэҥ-куоҥ далайыгар туох да көтөн иһэрэ көстүбэккэ дылы.

Эмискэ кыыс көтөр аал тыаһын иһиттэ. Киҥкиниир киэҥ халлаан хаба ортотугар туох эрэ харааран көһүннэ. Куугунас тыас улааттар улаатан барда. Сотору буолаат АН-24 сөмөлүөт бирилии-барылыы тыаһаан-ууһаан, үрдүнэн көтөн уһууран ааста уонна ырааҕынан эргийэн, авиапорт хонуутугар тиийэн түстэ. Өр кэтэспит-манаспыт билиэттээх дьон малларын-салларын туппутунан регистрациялана охсоору тиэтэйэ-саарайа суксурустулар. Билиэтэ суох дьон касса иннигэр үтүрүһэ-анньыалаһа туруна охсон кэбистилэр.

– Тохтооҥ! Болҕойон истиҥ! Бу чааһынай хампаанньа сөмөлүөтэ тустаах дьону ылаары кэллэ. Рейсовай сотору кэлиэҕэ, тулуйан кэтэһэ түһүҥ! – диэн модьу-таҕа көрүҥнээх милииссийэ уол суолларын бүөлүү турунан, аймалҕаны таһаарда.

«Эс, хайдах оннугуй! Ардахтаан кыайан көппөккө, хас да күн устата эрэйдэннибит буолбат дуо?! Итиччэ көтөн кэлбит сөмөлүөккэ хайдах кинилэр эрэ барыахтаах үһүлэрий?!» – диэн абарбыт саҥалар баргыһа түстүлэр.

Уочараттаан билиэт ылар диэни билбэт, өрүү быһа ааһа үөрэммит дьоһумсуйбут көрүҥнээх, мааны таҥастаах дьон тосполдьуһа хааман тиийэн кэлбиттэригэр, көтөр кыахтара суох ыгылыйбыт муҥнаахтар кинилэри быһа ыытымаары, бүөлүү турунан кэбистилэр. Били хап-харанан чоҕулуччу көрбүт кыыс эрэйдээҕи ким эрэ садьыйбытыгар, «Уой!» диэн саҥа аллайбытынан сырдык плащтаах хара көстүүмнээх, кытархай хаалтыстаах, кылбаччы ыраастаммыт бачыыҥкалаах хамыһаарга кэтиллэ түстэ.

– Хайа, бу туох үлүгэрэй?! Денисов, бэрээдэги көр-иһит эрэ, – көстүүмүн саҕатыгар анньыллыбыт норуодунай дьокутаат значогун көрдөрөөрү плаһын тимэхтэммэтэх, хаҥас бэгэччэгэр кыһыл көмүс чаһылаах чинэччи туттубут мааны киһи кыыһы өйөөн ылла.

Бу тэлэбиисэргэ сотору-сотору көстөр норуот дьокутаата Андрей Николаевич Архипов буоларын кыыс тута биллэ. Отутун саҥа аастар да, дьон ытыктыы-сүгүрүйэ көрөр киһилэрэ. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ тыын боппуруостарын быһаарсар буоллаҕа. Дьүһүнүнэн да сирдэрбэт.

– Андрей Николаевич, баһаалыста, көмөлөс эрэ. Бүгүн көппөтөхпүнэ, үлэбиттэн үүрүллэбин, – диэн кыыс Архиповка өйдөнөр да түгэн биэрбэккэ ыгылыйбыт, долгуйбут куолаһынан көрдөстө.

– Оннук буоллаҕына, конечно, помогу, – дьокутаат кылбаарыйбыт ыраас хааннаах нарын кыыһы көрөн, кыыһырбыта уостан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ.

– Эн туораа, мэһэйдээмэ! – диэт, милииссийэ кыыһы холус соҕустук хонноҕуттан ылан эрдэҕинэ, «она со мной» диэн Архипов тохтотто. Милииссийэ сыыстарбытын билинэн төбөтүн кэҕис гынна уонна туора хаамта.

Кыыс сөмөлүөккэ киирбит үөрүүтүттэн аргыһын хайгыы көрдө, махтана санаата. Дьэ, үтүө майгылаах барахсан эбит. Кини тойону-хотуну тоҕо эрэ улахамсык, тыйыс дьон буолуохтара диэн толло саныыра. Ол иһин билсэ, кэпсэтэ сатаабат этэ. Арай бүгүн, Дьокуускайга көтөр баҕаттан эрэ, бэйэтэ көрдөстө. Киниттэн ураты кими да ылбатылар.

– Эн миигин хантан билэҕиний? – диэн сэргэстэһэ олорон санаата көтөҕүллүбүт Андрей Николаевич, мичээрдии-мичээрдии, туоһуласта.

– Телевизорга көрөөччүбүн, – диэтэ кыыс килбигийбиттии умса көрөн олорон.

– Бээрэ, оттон эн аатыҥ ким диэний? Баҕар, аймаҕым оҕото улааппытын билбэккэ сылдьарым буолаарай? – Андрей Николаевич кыыс кулгааҕар сыстан ыйыталаста.

– Саргылаана диэммин.

АН-24 собуоттанан, мотуора куугунуу барылаан, салгыы кэпсэтэр кыах биэрбэтэ. Сотору буолаат, сөмөлүөт үөһэ өрө көтөн тахсан, ньирилиир тыаһа эрэ иһиллэр буолла.

Күннэй былырыын кэтэхтэн аспирантураны бүтэрбитэ, быйыл кандидатскай үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээн үөрдэ-көттө. Ити курдук үрдүк үөрэх, билии күүһүнэн үөһэ талаһан, ханнык эмэ улахан тэрилтэни салайар баҕа санаата туоларыгар бүк эрэллээх. Бөлүүн түһээн Ытык Хайа үрдүнэн көтө сылдьыбыта ону билгэлииргэ дылы…

Кыыс абыраллаах үтүө аргыһын дьэ сыныйа одууласта. Тыа уолаттарыгар холооно суох кыахтаах киһи буолара мааны таҥаһыгар эрэ буолбакка, саҥатыгар-иҥэтигэр, туттарыгар-хаптарыгар да биллэр. Улахан дуоһунастаах киһи кинилиин тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ дьикти. Сорохтор киэбирэн үөһэнэн хантаарыҥныы сылдьар буолааччылар ээ. Оттон кини эйэҕэһэ-сайаҕаһа, аһыныгаһа, кэпсэтинньэҥэ сүр дии…

Күннэй эр дьону аҕатыгар, убайыгар тэҥнии көрөн, сыана быһааччы. Аҕата Сэмэн Сэмэнэбис Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, норуот номоҕор киирэн аатырбыт Манчаары дойдутугар Сотоҕо төрөөбүт. Өй-билии, үөрэх-хаар барыта баар интэлигиэнэ. Ол бэйэтэ арыгы дьаатыгар ылларан, сордоно сылдьаахтыыр. Үлэтиттэн да тааҕы-таах үүрүллүөн сөп. Эбэтэр саастаах киһи ыалдьан охторо да манан буолбатах. Уонча сыл устата улуустарга ананан борокуруордаабыта. Ойоҕун дойдутугар кэлбиттэрэ сэттэ сыл буолла. Сэбиэскэй кэм саҕаттан, араас таһымнаах мунньахтар кэннилэриттэн арыгылаан чалбардааһын кинини иэдэтэн эрэр. Кыһалҕалаах дьон дьыалаҕа тардыллартан куота сатаан аһатар, бэл бэрик биэрэ сатыыллар. Куобах күрэҕэр барда да, аатын билбэт буола итирик кэлэр. Куобахтаах куулларын атыттар киллэрэн биэрэллэр. Ийэтэ муҥнаах эрэйдэнэн да биэрээхтиир. Эрэ итирбитин дьоҥҥо биллэримээри, уолун көмөлөһүннэрэн оронугар хам баттыыллар. Сарсыныгар Сэмэнэ өлөттөрө сытан: «Сыллыый, ааттаһабын, аны амсайыам эрэ суоҕа», – диэн элэ-была тылын биэрэр, андаҕайар. Өйдөөх кэмигэр элэккэй, дьоһуннаах киһи бэрдэ буола түһэр.

Ийэтэ барахсан эрин кэтээн-манаан, өрүү хонтуруоллаан, аҕалара биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэтигэр иҥнэн сырыттаҕа. Ол оннугар доруобуйатын, идэтин, майгытын-сигилитин толук уурда. Көрсүө-сэмэй, элэккэй, үөрүнньэҥ бэйэтэ кыраттан да кыыһырар-тымтар буолла. Бэл үтүөлээх учуутал ааттаах эрээри, «Акулина Васильевна эмиэ эһэтин тириитин кэппит» диэхтэригэр диэри, уруоктарыгар бэлэмэ суох кэлитэлиир, бөппүрүөктэһэр, мэник үөрэнээччилэри мөҕөр-этэр эбит. Хата аҕаларын суоппара, убайын Бииктэри кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Дьулус, ханна да бычыгыраппакка өрүү дьиэтигэр аҕала охсон биэрэн абырыыр. Ийэтэ ол иһин Дьулуһу олус сөбүлүүр.

Ийэтэ эппитин толорторо сатыыр үгэстээх. «Эр киһи тас көрүҥүн көрүмэ. Кылаабынайа, үтүө майгылаах үлэһит киһи буолуохтаах», – диэччи. Оннук да санаан эргэ таҕыстаҕа. Дьиҥэ, аҕалара сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи эрээри, идэтин сыыһа талан кэбиспит быһыылаах. Хас биирдии ыар буруйдааҕы түрмэҕэ түбэһиннэрдэҕин ахсын, санаата-оноото алдьанар. Дьулус киэҥ көҕүстээх ыччат буолан, барытын тулуйан сырыттаҕа.

Убайа аҕатыныы сымнаҕас, элэккэй бэйэтэ следователь идэтин талыаҕыттан уонна сэттэ саастаах кыыс оҕолоох Аайа диэн быраас дьахтары ойох ылыаҕыттан, майгыта-сигилитэ уларыйда. Туга эмэ табыллыбатаҕына санаарҕыыр, тырытта кыыһырар. Хабыр хааннаах хотуускаҕа түбэһээхтээтэ быһыылаах. Кийиит Аайа таһыттан көрдөххө, көрсүө бөҕө курдук да, өһөс, тоҥуй дьахтар буоларын бүтэйдии сэрэйэр. Ол да буоллар, Бииктэр таҥаһа-саба куруук ыраас буолар, бэйэтин кыһалҕатын төрөппүттэригэр найылаабакка бэйэтэ быһаара сатыыр. Тоҕо эрэ ийэтигэр тиэстибэт буолбут. Баҕар, аҕатыттан дьалты тутта сатыыра дуу? Эмиэ да бэйэтэ ыал киһи буолан, дьиэ кэргэнин иитээри, сүүрэкэлээн эрдэҕэ. Муҥар, үлэтэ да түбүгэ-табыга, буруйданааччылары кытта күнү супту бадьыыстаһар. Ийэтэ соҕотох уолун былдьатан: «Сатана дьахтара кылбаа маҥанынан абылаан, муннуттан сиэтэ сырыттаҕа. Аны уолбун, сиэммин Сиэнчиги хоту кучуйан илдьэ барыаҕа», – диэн кийиитигэр кыһыйан-абаран этэн аһарар. Эдэр ыал олоҕор орооһуо да суох этэ…

Күннэй бэйэтин олоҕун да оҥостуммакка сылдьан, убайын сиилии олороруттан сонньуйда. Оскуоланы, университеты ортотук үөрэнэн бүтэрбитэ, онон киһиргэнэрэ суох курдук. Үс сыл устата баара-суоҕа институт лабараана. Хамнаһа кып-кыра, сотору-сотору төрөппүттэриттэн харчы көрдөһөр. Тус олоҕо да табылла илик. Ийэтэ билэрдии суоппар Дьулуска эргэ биэрэ сатыыр. Күтүөт оҥостуон күн баҕалаах: «Көрсүө-сэмэй бэртээхэй уол. Күүһэ-уоҕа, үлэһитэ, толоругаһа сүр. Эйиэхэ иҥээҥниир да, чугаһаппаккын. Үчүгэй уолу куоттарарыҥ буолуо», – диэн күллэрээччи. Кыыһым соҕотох сылдьан хаалыаҕынааҕар, бэйэ билэр уолугар эргэ таҕыстын диэхтиирэ буолуо…

Кыахтаах, өйдөөх, баай, үрдүк култууралаах эрэ эр бэрдэ кини сүрэҕин сүүйүөн сөп. Бу аттыгар олорооччу «дьээдьэ» барсыан сөп курдук. Ол эрээри уҥа илиитин тарбаҕар кыһыл көмүс биһилэх ойохтооҕун биллэрэн кыһыылаахтык кылбачыйарын бэлиэтии көрдө. Буолумуна, арыый да үчүгэй эр дьону сытыы-хотуу кыргыттар сүгүн сырытыннаран бэрт. Былдьаһа-тарыһа эрийэн хачыгыратан, иннин ыллахтара ээ. Ол да буоллар эр бэрдэ, көҥүл-босхо барбычча, сүгүн-саҕын сылдьыбакка киниэхэ иҥээҥниир дуу? Дьиктитэ диэн, сүрэҕэ тоҕо эрэ минньигэстик нүөлүйэр…

Андрей Николаевич кыыс нарын-намчы синньигэс тарбахтарын таарыйда. Соһуйбуттуу утарыта көрүстүлэр. Кыыс сүрэҕэ күүскэ тэптэ, хайдах эрэ долгуйа быһыытыйда. Ону биллэримээри, иллюминаторы одууласпыта буолла.

Сөмөлүөт биир кэм көтөн куугунуур. Аллара киэҥ-куоҥ хонуу, тыа, онон-манан күөллэр, кэбиһиилээх оттор көстөллөр. Бай, аны өрүс араастаан эрийэ-буруйа кылбайа субулунна…

– Дьокуускай кэллэ! – ким эрэ үөрэ-көтө саҥа аллайда.

АН-24 Маҥан авиапордугар түһэр тыаһа иһилиннэ. Көтөр аал абырала дьэ ити. Чаастан эрэ ордугунан көтөн күпсүтэн кэлэ оҕустулар. Массыына эбитэ буоллар үнтү сахсыллан, сылайыа-элэйиэ аҕай этилэрэ.

Күннэй саҥата суох кытай тирии суумкатын ылан аан диэки дьулуста. Аҕыйах буолан, үтүрүһүүтэ-анньыалаһыыта суох сөмөлүөттэн түспүттэригэр күһүҥҥү сөрүүн тыал кууһан ылла.

– Саргылаана, куоракка тугунан бараҕыный? – диэн дьокутаат дьоһуннаах куолаһынан ыйытта. Хата, сэнээбиттии көрбөтө, улахамсыйа туттубата.

– Такси сыаната ыарахан, онон бука оптуобустанарым буолуо, – кыыс көнөтүнэн эттэ.

Онуоха эр киһи аһына санаатаҕа буолуо, бэйэтин джибинэн илдьэн биэрэргэ тылланна.

– Даа, эчи үчүгэйин! – Күннэй үөрэн мичилийэ түстэ.

Туора эр дьонтон дьиксинии бөҕө буолар этэ да, саҥа билсибит киһитэ тугу этэригэр барытыгар сөбүлэһиэх курдук туруктанан хаалбытыттан бэйэтэ да соһуйда. Эр дьон хараҕа быраҕыллар көстүүлээх кыыс буоларын билэр. Ол эрээри хаһан да үрдүк дуоһунастаах дьону кытта ханыылаһан, айах атан кэпсэтэ илик. Онон барыта соһуччу, сонун. Салгыы хайдах туттуон, саҥарыан-иҥэриэн да билбэккэ харааччы буккулунна.

Норуот дьокутаата сололоох, улахан тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, Саха сирин биллэр-көстөр бэлиитигэ тоҕо ханнык эрэ билбэт кыыһын бэйэтин бэртээхэй массыынатыгар олордо сатыырый? Эс, эйэҕэс, аһыныгас баай киһи олорор уопсай дьиэтигэр диэри илдьэн биэрэрэ улахан эбит. Оо, уопсай кыргыттара түбэһэ түһэн көрдөхтөрүнэ ордугурҕаан, хоп-сип бөҕөнү тарҕаталлара буолуо. Ээ, чэ! Өмүрэх эмээхсиҥҥэ дылы барыттан бары куттанан, дьиксинэн истэҕэй! Ол иһин сүүрбэ алта сааһыгар диэри соҕотох сырыттаҕа…

Андрей Николаевич күүстэрин-уохтарын, өйдөрүн-билиилэрин көрдөрө сатаан араастаан өйдөөҕүмсүйэр уолаттардааҕар чыҥха атын ээ. Бэйэтин кыаҕар эрэллээҕэ, дьаһаллааҕа тута биллэр. Көрөөт да «бу чахчы эр бэрдэ!» диэн санаа охсуллан ааспыта. Кини хас биирдии хамсаныыта-имсэниитэ, саҥата-иҥэтэ барыта лоп бааччы, истиҥ курдук көһүннэ. Оо, маннык үрдүк дуоһунастаах, баай хабалыары көрсүөн кэтэһэр да этэ. Ол гынан баран, Архипов курдуктар олус аҕыйахтар… Оттон кини бэйэтин кыаҕын, дьоҕурун, сатабылын хаһан биллэриэҕэй?! Эбэтэр өрүү бу курдук Күннэй буолан сылдьар дуу…

«Ленд крузер» киэһээҥҥи Дьокуускай аспаал суолунан сыыдамнык сырылатта. Андрей Николаевич саҥата суох олорор Саргылаана дьүһүнүн-бодотун хараҕын кырыытынан кэрэхсии көрөр. Бүөмнээн сиһилии сэлэһиэн баҕарда. Бэл, ойоҕун кытта билсэригэр бачча күүскэ долгуйбутун өйдөөбөт. Эдэрэ, сэмэйэ, нарына бэрт курдук да, төһө дьоһуннааҕа буолла… Сорох кыргыттар үчүгэй массыынаҕа олорсоот, төбөлөрө эргийэн хаалааччылар.

– Дьэ ирэ-хоро сэлэһиэххэ буоллаҕа дии. Аатыҥ Саргылаана диэн?

– Саргылаана диэн эрээри, ийэлээх аҕам кыра эрдэхпиттэн Күннэй диэн таптаан ааттыылларыгар үөрэнэн, ардыгар бэйэм ааппынан ыҥырдахтарына атыҥырыы истэбин ээ.

– Кэрэ аат, бэйэҕэр барсар. Атыннык киһи эйигин ааттыан да баҕарбат курдук.

Күннэй сөбүлээбэтэх курдук синньигэс хаастарын түрдэһиннэрбитин көрөн мунчаара түстэ. Дьэ кэм буолуо. Бэлиэр кыргыттары кытта кыайан кэпсэппэт буолбут. Арай карьеристка эбитэ буоллар, туһанаары моонньугар эриллэ түһүө эбитэ буолуо. Ону баара кыыл таба курдук тэһииргэс кыыска түбэстэ быһыылаах. Оччотугар истиҥ кэпсэтии тахсыа суох, дьиэтигэр илдьэ оҕустахха табыллыыһы.

– Ханнык аадырыска илдьэбин? – Андрей Николаевич тугу ыйыталаһыан билбэккэ олорбохтоон баран, салгыы сэлэһэр сылтаҕы булла.

– Дзержинскэй уулуссаҕа, эдэр учуонайдар уопсайдарыгар. Мантан балачча тэйиччи ээ… – Күннэй хайдах эрэ килбиктик хоруйдаата. Сөбүлээбэт боппуруоһун таарыйтаран, барбах кумуччу тутунна.

Андрей Николаевич ону кыыс кырытыннара көрдө дии санаан, хомойбут көрүҥнэннэ.

– Мин быйыл учуонай степеммин көмүскээн, наука кандидата буоллум, – диэн Күннэй эмискэ айаҕа аһыллан, бэйэтин ситиһиитин быктарда.

– Бай, бачча эдэр эрээри дуо? – Андрей Николаевич соһуйан, кыыс диэки эргиллэ түстэ.

– Оччо эдэр буолбатахпын. Сүүрбэ биэс саастаахпын ээ.

– Мин отут алта саастаахпын да, учуонай степеним суох.

– Буола да сатаабатыгыт ини.

Кэрэ кыыс Андрей Николаевич кинини сэҥээрэ көрбүтүн сүрэҕинэн таайда. Бэйэтэ да көрдө көрөөт, кэрэхсээтэ дуу? Бу киэһэ бүтүмүөн, салгыылаах буолуон баҕарда. Сөптөөх тиэмэ тула сэһэргэһэн, сүрүн сыалын ситиһэргэ далаһа бырахта. Кыахтаах киһи көмөлөс диирдии таайтаран эттэ. Итинтэн сиэттэрэн сыыйа айахтара аһыллан, күө-дьаа истиҥник сэлэһэ олордулар.

Күһүҥҥү ардах курулаччы түстэр да, киэһээҥҥи Дьокуускай ордук киэркэйбиттии, суунан-тараанан тупсан, тыһыынчанан уот лаампаларынан тырымныы сандаара көрүстэ. Килэйбит-халайбыт киин уулусса устун маҥан өҥнөөх Архипов джибэ сыыйылыннаран кэлэн, эдэр учуонайдар уопсай дьиэлэрин аттыгар тохтоото. Күннэй массыынаттан тахсаат, тиэтэйэ-саарайа хааман сэгэлдьитэн иһэн, төһө да кыбыста санаатар, кэннин эргиллэн көрдө. Андрей Николаевич массыынатын түннүгүн сэгэччи аһан кинини одуулаһа олорорун, өссө хараҕынан имнэнэрин көрөөт, долгуйбутун биллэримээри мичээрдээт, уҥа илиитинэн сапсыйда уонна аны «дьон көрөн сиилиэ» диэбиттии, бэрт чэпчэкитик үрдүк кирилиэһи тахса турда.

2

Күннэй уопсай дьиэ тимир аанын аһан иһирдьэ киирэн, вахтер эмээхсин тыйыс сирэйин көрөөт, үөрбүтэ-көппүтэ сүтэ охсон хаалла.

– Бэҕэһээ эһиги хоскутугар айдаан тахсыбыт. Хабалыаргыт дуома холуочук кэлэн түннүккүтүн алдьаппыт. Хата эр киһи элээмэтэ буолан, буруйун билинэн, бэйэтэ кэлэн оҥоро сылдьар. Кыргыттар, арыгыһыт уолаттары чугаһатымаҥ, бүгүн эрдэ утуйаарыҥ! – Күннэй үһүс этээскэ тахсаары турдаҕына вахтер, кытаанахтык батарыта көрүтэлээн, кыыһырбыт омунугар кэлэҕэйдээн ыла-ыла, саҥаран бабыгыраата.

Ол аата, Люция Мишката холуочук кэлбитин хоһугар киллэрбэтэҕэ буолуо.

– Сөп-сөп, барытын өйдөөтүм, – Күннэй эмээхсин мөҕөр-этэр тыла-өһө сытыырхайан, устунан силистэнэн-мутуктанан барыахтааҕын сэрэйэн, тэскилии эрэ охсоору хап-сабар хоруйдаат, хобулугун тыаһа тоһугуруу турда.

Кыыс оҕо өр-өтөр буолбакка үһүс этээскэ тыбыгырайан таҕыста. Хоһун аанын аһан иһирдьэ киирдэ. Оо дьэ, сэрэйбит сэрэх! Люция кыыһырбыттымтыбыт сирэйдээх олоппоһугар өйөнөн багдаллан олорор. Хабалыара саҥата-иҥэтэ суох алдьаппыт түннүгүн тааһын кытта бодьуустаһа турар.

– Хайа, бу туох буоллугут? – Күннэй биллэр да, быһаччы ыйытта.

– Аа, ничего-ничего. Түннүк тааһа алдьаммытын как положено уларыттым. Все, бу бүтэрэн эрэбин, – Мишка үнтү мөҕүллэн-этиллэн, аат эрэ харата сүөдэҥниир бэйэтэ Күннэй киирбитигэр үөрбүттүү, туттара-хаптара сыыдамсыйа түстэ.

– Бэйэм соруйан, тааһынан быраҕан алдьаппыт түннүгүм өстүөкүлэтин диэххин. Син суобаһыҥ оонньоон ситэ саҥарбаккын дуу, тугуй ээ?! – Люция хабалыара Күннэйи көрөн сирэйдиин-харахтыын сэргэхсийэ түспүтүттэн кыйаханан олоппоһуттан туран, киэр хайыста.

Мишка билигин да Күннэйи кэрэхсиирин сэрэйэр. Куруутун сакалааттаах хоруопкатын туппутунан кэлэрэ. Дьүөгэтэ ону сөбүлээбэккэ киниэхэ сыбааттаабытынан туһанан, уолу бэйэтигэр эрийэн «хап» гыннаран ылбыта.

Мишка өһүргэнэн аанын да саппакка, «тилир» гынан хаалла. Арай көрүдүөртэн: «Да ты сама виновата. Тоҕо хоскор киллэрбэтэххиний? Киинэҕэ барыахтаах этибит дии», – диэн бөппүрүөктэһэр саҥата иһилиннэ.

– Пошел, дурак! Дьэ өссө боруобалаан холуочуйан кэлэн көрөөр эрэ! – Люция хоһун аанын лип гына сабан, хатаата. – Сатана уола холуочуйан кэлэ-кэлэ, өссө миигин киинэҕэ илдьэ барыахтаах үһү.

Люция сирэйэ-хараҕа турбут, улаханнык кыыһырбыт көрүҥнээх хос иһигэр хааман тилигирээтэ. Уол бэйэтиттэн аҕа саастаах, соҕотох оҕолоох огдообо дьахтар өйүн иирдэн кэбистэҕэ үһү. Бастаан Күннэйгэ иҥээҥнээн хосторун аанын саппат буолбута. Кыраһыабай кыыс киниэхэ чугаһыа үһү дуо? Ый кэриҥэ таах туһата суох тула көтө сылдьыбыта. Көрүдүөргэ хонуталыыр да түгэннэрдээҕэ. Сааһыран эрэр Люция Мишканы аһына санаан, Күннэй суоҕар хоһугар киллэрэн чэйдэтэр, сэлэһэр буолбута. Люция «кыыспар аҕа наада. Баҕар, ыал буолан олоруохпут» диэн түгэх санаалаах этэ. Ону олоххо киллэрээри, аһара чугаһатан кэбиспитэ. Мишка сыстан баран арахсан биэрбэт ньоҕой буолан биэрдэ. Аатын-суолун алдьатар буолла. Аны кини бэйэтэ эдэр уол өйүн сүүйбүт аатыран эрэр. Кыһытыан иһин, оҕо үөскүү охсубут. Төрүү да илик оҕо дьылҕата салгыҥҥа ыйанна. Хайдах буолар? Барыта билиннэҕинэ – саат-суут! Дьон хараҕын хайдах таба көрөр! Ээ, соҕотох оҕолоох огдообо дьахтары аһара дьүүллүү, сирэй-харах анньа сатаабаттар ини. Мишка да оскуола оҕото буолбатах. Намнааҕы педучилищены бүтэрбит. Учууталлыан баҕарбакка хартыына уруһуйдаан атыылыыр. Дьоҕурдаах быһыылаах, сыстан үлэлээтэҕинэ худуоһунньук бэрдэ буолуох чинчилээх. Арай дьэ ийэ, аҕа бэлэмигэр үөскээбит куорат оҕото буолан, оттомо суоҕа бэрт. Тыаҕа тахсан, от оттуура, мас мастыыра буоллар, тиэриллэҥнээбэт буолуо этэ.

Күннэй ийэтэ биэрэн ыыппыт бэрэскилэрин сылытан аһаары, саҥата суох хоһуттан тахсан куукунаҕа барда. Манна туалет, суунар сир, куукуна, көрүдүөр – барыта уопсай. Алта киһи уочаратынан ас астанара эрэйдээх баҕайы… Хата ким да суох эбит. Гаас оһоҕу холбоон, хобордооххо бэрэскилэрин сырдьыгыната сылытан, сыт-сымар бөҕөнү таһаарда. Ол кэмҥэ түүппүлэтин тыаһа талырҕаан, сибэкки ойуулаах кыһыл өҥнөөх халааттаах ыстаараста Марыына күөстэнэ киирдэ.

– Привет, красавица! Хайа, ханна сүтэ сырыттыҥ? – Күннэйи суохтаабыттыы саҥа аллайда уонна кырааскалаах уоһун үөннээхтик мүчүҥнэттэ: – Соседкаҥ молодой художнигын эмиэ үүрдэ дуу?

Тоҥуй бэйэтэ сонун истээри сымнаабыт аҕай. Табыллыбатах олохтоох саастаах дьахтар, Люцияны «эдэр уоллаах» диэн ордугурҕуу санаан, кини туһунан хоп-сип тарҕата охсоору сэргэхсийбитэ, үөҥҥэ-күрдьэҕэҕэ тиллибитэ саҥатыгар-иҥэтигэр, туттарыгар-хаптарыгар, көрөрүгэр-истэригэр да биллэр буолбут.

Күннэй ыстаараста майгытын билэр буолан, аһаҕастык кэпсэтэртэн туттунна. Марыына да салгыы доппуруостуу сатаабата. Туһа тахсыа суоҕун өйдөөтөҕө буолуо, күөһүн оргута уураат, тыастаахтык талырҕаан тахсан барда.

Куоракка сылаалаах, туох да үчүгэйи билгэлээбэт күһүҥҥү киэһэ үөмэн кэллэ. Туох барыта хараҥа былыкка былдьаммыкка дылы буолла. Муҥар, уопсайга олорор учуонай дьахталлар бэйэ-бэйэлэриттэн ордо сатаан муҥнаналлар, өйдөспөттөр. Күннэй манна олохсуйуоҕуттан ыла хайдах эрэ туга да сатаммат курдук сананар.

Ыһаарыламмыт бэрэскилэрдээх хобордооҕун туппутунан хоһугар киирдэ. Минньигэс ас сыта кыараҕас хос иһин толорон кэбистэ. Люция санаата син көнньүөрбүт. Остуолга ас тардан бэлэмнээбит. Кыыһырбыта-тымтыбыта ханна да суох. Бааһынай хааннаах буолан эбитэ дуу, төһө да уохтаахтык кыыһырдар, түргэнник аһарына охсон, күлэн-үөрэн барааччы. Өһүргэнэ истибитин өр тута сылдьыбакка умна охсон кэбиһэринэн маладьыас.

Люция сааһынан аҕа да буоллар, Күннэйдиин сэлэһэрин астынар. Барыны бары билэ-көрө сатыыр, бэйэтэ аныгылыы туспа өйдөөх-санаалаах сытыы-хотуу кыыска сымнаҕастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Кэлин улахан салайааччы буолуохтааҕар эрэнэр быһыылаах. Оттон бэйэтин дьиэ эрэ иһигэр дьаһаллаах, хаһаайыстыбаҕа ордук сыһыаннаах курдук сананар. Хата сэбиэскэй кэм эстэн, сонун үйэ кэлэн сэргэхситтэ. Онон Люция ордук атыы-эргиэн, эргитии-урбатыы өттүгэр дьоҕура арыллан эрэр. Бокуонньук эрин мас дьиэтин атыылаабыт. Сэттэлээх кыысчаанын бэйэтин сааһыран эрэр ийэлээх аҕатыгар илдьэн хаалларбыт. Соҕурууттан саҥа көмпүүтэрдэри сакаастаабыт. Онтун бэрт кэбэҕэстик атыылаан, үс төгүл барыһырбыт. Амтаһыйбычча, өссө элбэҕи сакаастаата. Учуонай быһыытынан институкка сыаналанар эрээри, тугу да саҥаны арыйар кыаҕа суоҕун бэйэтэ билэр. Атыттар айбыттарын сүһэн ылан, уларыта тутан-хабан, сатабыллаахтык туһанар эрэ.

– Эн биһикки аһаан баран, туох да кыһалҕата суох утуйан хаалыах. Ол быдан ордук буолуо, һы-һы, – Люция Мишка бэлэхтээбит хартыынатын одуулаһа олорон күлбүтэ буолла.

– Сарсын дириэктэрбит, дьэ, хайыыр? Наука кандидатын лабараанынан үлэлэппэтэр ханнык. Саатар, младшай научнай сотрудник буоларым баҕалаах ээ…

– Эс, кэбис. Валерий Никитич эн курдук кэскиллээх каадырын көрөн туран, ама оннук айылаах ньүдьү-балайдык быһыыламмат ини, – Люция бүтэһик бэрэскини сии олорон, кытаанах харахтарынан тургутардыы көрөн ылла.

– Дьэ ким билэр, билигин билсии-көрсүү быһаарар ээ. Дириэктэрим оннооҕор лабараанынан үлэҕэ ыларыгар, «Аҕаҥ туох үлэһитий?» диэн ыйыппыта.

Дьүөгэлиилэр эйэ дэмнээхтик аһаан бүтэн, иһиттэрин сууйан, хомуйан утуйарга бэлэмнэнэн ороннорун оҥоһуннулар. Күннэй санаата көнньүөрэн, куукунаҕа ыстаараста Марыынаны көрсүбүтүн туһунан алҕас айахтатан кэбистэ.

– Ээ, кини ордук санаан хайдах да буолуон билбэккэ дьүһүлэнии бөҕө. Дьүөгэтинээн Кларалыын: «Эдэр уолу иирдэн ылла», – дэһэн ордугурҕаан, кистии-саба мин туспунан араас хобу-сиби тарҕаталлар. «Уопсайтан үүрдэриэм» диир сураҕын истэммин, урутаан бэйэтин саба саҥардым. «Миэхэ күнүүлүүр Мишкаҕын бэйэҕэр ыл! Кини саҕа эр киһи элбэх ини!» – диэн баайсан тыыммын таһаарбытым. Син саллан куотан хаалбыта. Дьиҥэ, Мишка куһаҕана суох уол ээ. Бастаан эйиэхэ иҥээҥнии сатаабыта дии. Оттомноохтук сылдьыбыта буоллар, бука эн да чугаһатыаҥ эбитэ буолуо… Ээ, мин кырачаан кыыспын аҕалыыр баҕаттан бэйэбэр эрийэ сөрөөн ылбытым. Бачча сааспар соҕотох ийэ аатырымаары… Хайдах буолабын? – Люция суорҕанын бүрүнэн олорон, тоҥмут киһилии титирэстээн ылла. Уу-хаар баспыт харахтарын хаҥас ытыһынан ньуххарынна уонна эппиэт эрэйэн Күннэй диэки эргилиннэ.

– Мин санаабар, Мишкалыын эйэ дэмнээхтик ыал буолан олоруоххутун сөп. Эн хаһаайыстыбаннайгын, дьаһаллааххын, харчыны сатаан булаҕын. Мишка живописец бэрдэ, айылҕаны наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур. Аны түргэн-тарҕан туттуулаах үлэһит, сорудаҕы толоругас. Кырачаан кыыскар үчүгэй аҕа буолуоҕа уонна, оҕолонноххутуна, эн тылгыттан тахсыа суох көрүҥнээх. Билиҥҥи уолаттар аҕа саастаах, дьаһаллаах, харчылаах дьахтары ойох ылаллара муодаҕа кубулуйда дии. Эн ити түгэни мүччү тутума ээ.

– Көр эрэ, эдэр эрээри олоҕу олорбут саастаах дьахтар курдук сүбэлиигин дии. Эн өйдөөх кыыскын ээ.

– Баһыыба, оттон мин эн аһаҕас майгыгын сөбүлүүбүн. Көнөтүнэн кэпсэппэт истэрэ эриэн үөн, тастара таҥара чүмэчитэ дьахталлардааҕар ордуккун.

– Һы-һы, эмиэ олус таба эттиҥ. Эн уустаан-ураннаан этэр хас биирдии тылгын, саҥаҕын-иҥэҕин истэ сылдьыбыт киһи баар ини. Бээ, таах олоруохтааҕар, хаарты-маатыскаҕа дьылҕабытын таайан көрүөх.

– Пахай, хантан сатаары?!

– Ничего подобного. Мин оҕо эрдэхпиттэн хаартылыыбын, сэрэбиэйдьиппин. Үгүс дьон олоҕун сөпкө таайаммын соһуталаабыт аҕай хотуускабын.

– Тыый, оччоҕо дьэ эрэ! – Күннэй инники олоҕун таайтара охсуон баҕаран, үчүгэйкээн, киэҥ харахтарын симириктии көрдө. Үөрэн үөһэ-аллара тыынна.

– Дьэ хотуой, хаарты-маатыска сыыспат, өрүү таба таайар, – Люция туумбатын тардарыттан сабыс-саҥа хаарты холуодатын хостоон таһаарда. Үөрүйэх үлүгэрдик имитэ-хомута тутаат, тыыр гыннарбытыгар, Күннэй куйахата күүрдэ.

– Наһаа да итинник буолбатар, һы-һы. Кырдьыгынан эттэххэ, соччо эрэммэккэ олоробун ээ… – Күннэй хаартыны быһыан кэрэйэн, саарбаҕалыырдыы төбөтүн быһа илгистэн ылла.

– Киһи олоҕо үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрдээх буолар баҕайыта. Онон, хаарты араастык көрдөрөн кэбистэҕинэ миэхэ өттүккүн үнтү түһэ өһүргэммэт, кыыһырбат-тымтыбат эрэ буоллаххына, эн дьылҕаҕын сэрэбиэйдээн көрөргө сөбүлэһэбин.

– Сөөп-сөп, хайдах да таай, өһүргэниэм суоҕа.

– Оччоҕо сэгэриэм, чэ быс! – Люция хайа да сэрэбиэйдьит сыгаан дьахтарыттан хаалсыа суох курдук туттан-хаптан, саҥаран-иҥэрэн соһутта.

Люция бэрт имигэстик хаартытын ырытан тырылатта. Холуода хайдах эрэ тиллэн кэлбит курдук көһүннэ.

– Хаарты-маатыска, кыыс дьылҕатын таай, – диэн ботугураат, хаартыларын тэлгэтэлии быраҕаттаабыта көтөн барыахтыы тэлээрэн, чопчу миэстэлэрин булан истилэр. – Уо, эйигин кыахтаах баай киһи бэлиэтии көрбүт. Правда, женатый, но почему-то очень заинтересовался тобой! Эн эмиэ эбит! Любовь бөҕө буолсу дии. Эйигин выше головы дуоһунаска өрө тардан таһаарыыһы. Но с ним расстанетесь друзьями. У тебя, дорогая, блестящее будущее! Эппэтэҕэ диэйэххиний… – Люция улахан сэрэбиэйдьит курдук туттар-хаптар уонна тоҕо эрэ нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалла: – Ух! Ну ты даешь, дорогая! Могучий покровитель любовником будет. Хотя старше тебя, но с высоким чином. От него будет сын. С карьерой, жильем проблем не будет. Но человеческого счастья, семьи так таковой… увы, не будет!

Күннэй, дөйбүт курдук, балачча саҥата суох олордо. Ама, хаарты итиччэ сөпкө таайара буолуо дуо? Саарбахтыыр да, утарсара эмиэ суохха дылы… Чахчы ойохтоох баай киһини көрүстэ, кини көмөтүнэн буор-босхо сөмөлүөтүнэн көтөн күпсүтэн кэллэ. Андрей Николаевич бэйэтин джибигэр олордон уопсайыгар диэри аҕалан биэрдэ.

– Таах-сибиэ сэрэбиэйдэтэн, тоспун ыллым.

– Эрдэ сэрэппитим буолбат дуо?

– Суох-суох, мин бэйэм буруйдаахпын… – Күннэй, уу-хаар баспыт киэҥ харахтарын кистиисаба туора соттоот, ботугураата.

Tasuta katkend on lõppenud.