Loe raamatut: «Соргу көтөҕүүтэ»
Font:
Төрөөбүт ыырдарым
«Дойдум чэлгиэн салгынынан…»
Дойдум чэлгиэн салгынынан,
Сылаас, сымнаҕас сытынан
Тыынарым курдук холкутук,
Саҥарарым курдук көҥүллүк,
Киэҥ өрүс устарыныы,
Тыаһа суохтук, чуумпутук,
Тыа хоһоонун тыллара
Түөһүм иһиттэн тахсара.
Лэкэттэлэр
Үс үллэр үөстээх,
Үлүскэннээх сүүрүктээх
Өлүөнэ өрүс үөһүгэр,
Тойон Арыы түөһүгэр,
Кыталыктаах сыһыытын
Кылбаарытта кырдалыгар
Талах мастыы имиллэн,
Титирик тииттии тирэнэн,
Алаастарын, арыыларын,
Эргэнэ хара тыаларын
Эркин курдук эргитэн,
Түөрт уон буруону унаардан
Эр бэртэрэ лэкэттэлэр
Эргиччи тэнийбиттэр.
Хара Бытык сайылыктаах,
Дириҥ Үрүйэ аартыктаах,
Бөтүкэт сирэ кыстыктаах
Удьуор Харалы аймахтар
Уутуйан олорбуттар.
Аҥаардара – бухатыырдар,
Атыттара – бэйэм саҕалар.
Алтан сэргэни анньыбыттар,
Алаһа дьиэни туттубуттар.
Бастыҥнара олоҥхоһуттар,
Тойуксуттар, хаартыһыттар.
Атыттара балыксыттар,
Байанайдаах булчуттар.
Оҕолоро төрүүр киэһэтигэр
Оһох уота үөрэрэ.
Абаҕалара Хара Киһи
Олоҥхолоон кулуһутара…
Анаан түбэспит айыыһыт
Аал уоту аһатара.
– Одун хаантан оҥоһуулаах,
Дьылҕа хаантан ыйаахтаах
Айааччы Айыы таҥараттан
Уол оҕо кэл-лээ! – алҕыыллара.
Ол оҕо инники дьылҕатын
Таҥхаһыт итинник таҥхалыыра.
Онтон ылата кини аатын
Кистии-саба ахталлара…
Убайдара сэрии силлиэтигэр
Хомуурга барбыттара.
Охсуһуу инники кирбиитигэр
Ытык иэстэрин толорбуттара.
Өстөөх арҕаҕар сэттэ ини-бии
Хорсуннук охтубуттара.
Ахсыстара илиҥҥи кирбии
Уотуттан эргиллибитэ.
Суохтар: Сэмэн, Харытыан, Дайыыл,
Икки Ыстапаан, Баһылай, Хабырыыс,
Кыралара Ньукулай, быйыл,
Батыспыта убайдарын.
Аҕыс ини-биилэри
Тойон арыылар суохтууллар.
Саас аайы лэкэттэлэри
Кэриэстээннэр мусталлар.
Эһэм алтан чаанньыга
Эһэм окко киирэригэр
Эбэтэр бултуу барарыгар
Куругар иилинэ сылдьыбыт
Кылдьыылаах алтан чаанньыга.
Хартаама отуутун аттыгар
Оллоонун уотун суоһугар
Омурҕан ахсын оргутан
Утаҕын тото ханнарбыт.
Аҕам барахсан, эһэм уола,
Миэхэ хаалларбыт кэриэһэ
Бараммат хайҕаллаах суола
Биһиэхэ үтүөлээх иэһэ.
Билигин кэлэн, аны бэйэм
Ыал кырдьаҕас эһэтэ буоллум.
Аҕам кэриэһин, эһэм чаанньыгын,
Сууйан-сотон, долбуурбар уурдум.
Хатыҥ үөһэ, чааҕы сыта
Алтан чаанньыктан дыргыйар.
Ааспыт үйэлэр быстыбат чэйдэрэ
Амтана кытары оргуйар.
Мин сэрии күн төрөөбүтүм
Саныахха быраман да сыллар
Силлиэрэн, ытыллан аастылар.
Огдообо, тулаайах диэн тыллар
Баастара чэрдийэн остулар.
Кыайыы күн төрөөбүт оҕолор
Сэттэ уон сааспытын туоллубут.
Сэриини билбэтэх дьоллоохтор
Эһэлэр, эбэлэр буоллубут.
Өстөөхтөр даҕаны өлбүттэр,
Буускалар тиҥийэн ыппаттар.
Кэллэ дуо, ол кэми умнарбыт,
Бэл, тимир дьэбиҥҥэ кыайтарбыт.
Арай мин сэрии күн төрөөммүн,
Буолан дуу, барытын өйдүүбүн.
Ветеран дьоннору көрсөммүн
Кыайыыны, сэриини түһүүбүн.
Ол сэрии буойунун кытары
Охсуһуу үөһүгэр сылдьабын.
Былааҕын күөрэччи тутаммын
Өрөгөй салгынын тыынабын.
Охтубут саллааты быыһаары,
Өлөр да, тиллэр да курдукпун.
Киниэхэ көмөҕө тиийээри,
Бүгүн да тиэтэйэр буолбуппун.
Уот сэрии тэргэнэ ытыалыыр
Дуораана ырааттар ыраатар.
Арай мин тиэргэммэр чугаһыыр,
Сүрэҕим күннэтэ сэрэтэр.
Бу мин дойдум – Булгунньахтаах
1
Айыы сирин түннүгэ,
Айылҕам бүччүм муннуга,
Эргилинним эн кытылгар,
Эҕэрдэ, дойдум дьонугар.
Булгунньахтаах! Мин харахпар
Үрдүк чагдаҥ сырдаан көстөр.
Эргэ дьаам кытылынан
Хоболоох аттар айанныыллар.
Ол суолунан аҕаларбыт
Сэриилэһэ барбыттар.
Ийэлэрбит, эдьийдэрбит
Атаара, ытаһа хаалбыттар.
Ботуоҥкалаах хомуур дьоннуун
Хаартыскаҕа түһүспүттэр.
Хаҥастан уҥа кимнээхтэрин
Хос сиэннэрэ кэпсииллэр.
Оҕо, дьахтар, оҕонньор
Курааны, суту кытары
Бүттүүн кыайыы туһугар
Туруммуттар бука бары.
Албан аат булгунньаҕар
Өйдөбүнньүк туруорбуттар.
Буойуннар уонна тыыллар
Көмүс ааттарын суруйбуттар.
2
Ыраахтан даҕаны ахтаммын,
Чугастан эмиэ суохтааммын,
Ити курдук миэхэ бүгүн
Көстөн кэлэр элбэх түгэн.
Сатыы, омоох суолунан
Суумка, кинигэ кыбынан,
ҮрүІ түүІІэр хаамарым,
Дьыбаргар да тоІорум.
Бастакы тэбэт тапталбын
Эн кытылгар кірсүбүтүм.
Килбигийэн, үіһэ тыынан,
Халты кірін хаалбытым.
Кини аатын умнубакка
Ырыам ымыыта оІостобун.
Хаппахчылаан хаайбакка
Сүрэхпэр ыллатабын.
Олоҕум сырдык ол сылларын,
Таптал бастакы тылларын,
Умнуллубат ахтылҕанын
Ортотугар олоробун.
3
Эн үрдүк чагдаҥ быыһыгар
Киирэн сүтэр буоларым.
Поэзия алааһыгар
Мин күннэтэ сылдьарым.
Буотама, Элэһин, Тойон Арыы
Улуутуйан кістөрө.
Кытылларгар ырыа ыллыы
Оҕочоос поэт киирэрэ.
Хаһан эрэ хоһооннорум
Арыллыбыт ырайа
Ханна баарый?.. Булбатым,
Тыргыллыбыт айан суола.
Оччотооҕу кэм туоһута
Миэнэ омоон ыллык этэ.
Бүгүн кэлэн соһутта
Чогдоон ыалын тэлгэһэтэ.
4
Кыһыҥҥы суолбут бэлиэтэ
Өрүс уҥуортан сирдиирэ.
Өйдүүбүн, таҥара дьиэтэ
Кытылтан кытаран көстөрө.
Ону көрөн тураммыт
Тэҥинэн өрө тыынарбыт.
Сылаабытын умнаммыт:
– Кэллибит, – дэһэн үөрэрбит.
Көрүҥ, үөрэммит оскуолабыт
Турбут омооно хаалбатах.
Олордубут тирэх маспыт
Хата, күүтэн сууллубатах.
Асфальт суолу кыйа
Аныгы село тутуллубут.
Биһигини тоһуйа
Таас оскуола сандаарбыт.
5
Ааспыт олох туоһулара
Бүгүн биһиги эбиппит,
Туолбут үйэ аҥаара
Оскуоланы бүтэрбиппит.
Дойдубут, дьоммут туһугар
Билэрбит иэспитин төлүүрү,
Уустук, ыарахан күнүгэр
Көмөҕө суһаллык кэлэри!
«Оскуола – үлэ – үрдүк үөрэх»
Ыҥырыы таһаарбыппыт.
Сүүрбэ алта хоһуун сүрэх
Тутуспутунан хаалбыппыт.
Сайдам ыра, ырыа эрэ
Биһигини саатыыра.
Таптал уонна көхтөөх үлэ
Күннэтэ кынаттыыра.
Атаартаабыт «Аартыккар»
Эмиэ эргиллэн кэллибит.
Махтал, үйэлээх ааккар
Нөрүөн нөргүйэбит.
Уһун кытылгын батыспыттар
СаІалаах эргэ тутууларыҥ.
Мырааны дабайан тахсыбыттар
Мансардалаах ыалларыҥ.
Арай мин умнубаппын
Сүллүгэс күрүөлээх балаҕаммын.
Тирии халҕанын аһаммын
Ыраах суолга аттаммыппын.
Үгүспүт элбэҕи умнуо,
Үйэ аҥаара ааспыт номнуо.
Өйдөөн кэлиэ, күлүө-үөрүө,
Эҕэрдэлиэ, мөккүһүө.
Ырыаһыт, үлэһит дьоннордоох
Бу мин дойдум – Булгунньахтаах.
Кытылгыттан бүгүн дьоллоох
Күммүт эмиэ тахсыахтаах.
Үөрэммит оскуолабар
Оҕо сааспар сүүрбүт-көппүт,
Олус даҕаны суохтаспыт
Оскуолам аанын сэрэнэн,
Оҕонньор долгуйа аһабын.
Ахтар-саныыр оскуолам
Тиҥилэҕэ тип-тигинэс.
Сүүс да сааһын туоллар,
Сүүрэн-көтөн тэйиэккэлэс.
Кини ханна тиэтэйэр,
Иннигэр туох кэтэһэр?
Билии-көрүү көҕө дуу,
Биитэр кими туругурдуу?..
Ыксыыр кини урут тиийэн
Экзаменын туттараары.
Ааспыт көлүөнэ ыччаттарын
Дьылҕаларын кэпсээри.
Хараҥаттан тымтык тутан
Сырдыкка кэлбиттэрин.
Өстөөхтөрүн кыайан-хотон
Өрөгөйдөөн өлбүттэрин.
Кырдьыктара хойутаан
Эргиллибит ааттары.
Үйэлэри уҥуордаан
Ытыллыбыт ыралары.
Көрүдүөргэ күлсүү-салсыы
Кинини аралдьыппат.
Оскуолабыт өссө салҕыы
Хайаларын кэтэһэр?..
Кини хаһан тиийэн кэлэр,
Күүтэр сүүрбэ биирис үйэ.
Саха аймах киэн туттар
Бастыҥ, дьоһун генийэ?
Сүүһүн туолбут оскуолам
Сүрдээҕин диэн долгуйар.
Ааны аһыҥ, туораан биэриҥ,
Киирэн кэллин, тоһуйуҥ!
Ахтар-саныыр оскуолам
Тиҥилэҕэ тип-тигинэс.
Сүүс да сааһын туоллар,
Сүүрэн-көтөн тэйиэккэлэс.
Оскуола интэринээтэ
Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,
Ичигэстик таҥыннарбыт,
Интэринээт барахсаны
Истиҥник ахтабыт аны.
Сэрии, сут оҕолоро
Эн тотоойу хааһыгынан
Тыыннаах хаалбыт сылларбытын
Умнубакка кырыйдыбыт.
Улахан дьоннуун тэбис-тэҥҥэ
Үлэҕэ мүккүллэммит,
Уһун сайын сынньаммакка
Улааппыппыт «көлүллэммит».
Этэрбэс, үтүлүк тэстэн,
Угунньабыт быган тахсан,
Күннэтэ отууттан тиэстэн
Көлөһүн күнүн аахсарбыт.
Уора-көстө ол быыһыгар
Уончалаах бэдик уолаттар
Оскуолабыт аһылларын
Олуһун даҕаны кэтэһэрбит.
Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,
Ичигэстик таҥыннарбыт,
Ийэбит кэриэтэ иитэлээбит
Интэринээти ахтабыт.
Махтал бэлиэтэ
Палата эмин сыта
Муннубар саба биэрдэ.
Убайым, кэпсээ эрэ,
Көрсүспэтэх ыраатта.
Истибэтиҥ этэрбитин,
Манна көрсүөх буолбатыҥ.
Сэниэҥ-күүһүҥ эстибитин
Билиниэххин баҕарбатыҥ.
Саас барахсан салытан,
Чанчыктаргын салаабытын
Кистиэҥ суоҕа, саһыараҥҥын,
Харахтарыҥ хатыыламмыт.
Дьэ, ити ааспыт суол айана
Чэпчэки буолбатах буоллаҕа.
Харса суох хамсаппыт дьайаана
Тэллэххэр охторон бардаҕа.
Көрсүспүт үөрүүгэ, сэһэргээ,
Чуумпуга тэһийбэт буоларыҥ.
Түннүккэр саһарҕа тэйиэлиир
Эһэбит умаппыт күөрдүнүү.
Ааспатах, тохтообот тииһиктэр
Чыскылыы ытыран ылаллар.
Иннэлэр эн эккэр, сүрэххэр
Эрчими киллэрэ сатыыллар.
Бу кэмҥэ эн төбөҥ сынньанар,
Букатын ыалдьыбат кэриэтэ.
Ытыһыҥ бүлгүммэр тайанар,
Бу миэхэ махталыҥ бэлиэтэ.
Үөһэттэн үрүҥ күн сырдыга
Күрүлэс уотунан сырайар.
Саҕаҕы эргийбит кустуга
Эн тэлбит суолгунуу дьэргэйэр.
Оол онно, ходуһа баһыгар,
Хотуургун сиэн уолуҥ туппута.
– Сотору этэҥҥэ эргиллээр! —
Оҕочоос чуопчаара турбута.
Оо, сүрэх, кыратык даҕаны
Быысталы биэрбэккэ үлэлээ.
Биир утах хаалыаҕар дылытын
Быстары билбэккэ тэбиэлээ.
Ийэм кэриэһигэр
Киһи аймах биир кэрэ
Киһитин сүтэрдэҕэ.
Аһыныгас сүрэҕэ
Аны тэбэн бүттэҕэ.
Үрүҥ көмүс оноҕостуу
Сулустарга ый көтөр,
Ийэм саҥа маһыныы
Түннүкпүнэн бу көстөр.
Сирдээх халлаан сүтэрбит
Киһилэрин кэриэстии,
Мин сүрэҕим титирэстиир
Мунан турар сулустуу.
Аны ийэбит биһигини
Аһыныа, таптыа суоҕа.
Хайабытын эрэ кини
Хомуруйуо, хай±ыа суоҕа.
Киһи аймах биир кэрэ
Киһитин сүтэрдэҕэ.
Аһыныгас сүрэҕэ
Аны тэбэн бүттэҕэ.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Булгунньахтаах хатыҥнара
Намчы, нарын буолаллара.
Ыйдаҥаны кытары
Ыллаһа хоноллоро.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Наһаа сырдык этилэрэ.
Ыйдаҥалыы сардаҥара
Утуппакка муҥнууллара.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Киэһэ аайы нуоралдьыйа,
Киирэр күнү кытары
Хаамсаллара наскылдьыйа.
Тапталлаах куоратым
Күндэлэс Өлүөнэ үөһүттэн
Күн киирбэт дойдутун булбуттар.
Эһэбит Эллэйбит кэмиттэн
Эйигин сахалар талбыттар.
Ол онтон ылата ылламмыт
Эргиспит кытыла-биэрэгэ.
Үрүҥ түүн кытары саас аайы
Эргиллэр эйигин көрсөөрү.
Уол оҕо, кыыс оҕо күлүүтэ
Уулуссаҥ, болуоссат аайытын.
Күн оһуор оһуохай үҥкүүтэ
Киэргэтэр эдэр саас куоратын.
Бу Эргис, бу Хоруол тумсугар
Букатын эриэккэс олорор.
Тулалыы эргиччи уотугар
Түүн-күнүс сүрэҕиҥ дьулуһар.
Бульварыҥ, фонтаныҥ сиккиэрэн
Сарыалы сууланан тупсаҕын.
Күндэлэс куоратым киэһэрэн
Күлүккүн көрүнэ тураҕын.
Tasuta katkend on lõppenud.
Žanrid ja sildid
Vanusepiirang:
0+Ilmumiskuupäev Litres'is:
09 mai 2024Objętość:
50 lk 1 illustratsioonISBN:
978-5-7696-5680-4Õiguste omanik:
Айар