Loe raamatut: «Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо»
ПРЕДИСЛОВИЕ
Мифология каждого народа представляет собой один из способов осознания мира. Основным признаком всех мифов как элементарных, так и весьма сложных произведений мировых религий стало то, что они дают религиозное, т.е. исходящее из признания сверхъестественных миров и их обитатей, или иррациональное (верное, но недоступное пока разуму) объяснение явлений природы и жизни человека [Алексеев, с. 6].
В данном сборнике представлены образцы устного народного творчества шестнадцати народностей Севера, собранные фольклористами: якутов, долганов, ительменов, кереков, кетов, коряков, манси, ненцев, саамов, селькупов, хантов, чукчей, эвенков, эвенов, эскимосов, юкагиров. В книге отобраны мифы и легенды, повествующие о суровых условиях жизни народов Севера, их представлениях и традициях, особенностях мировоззрения.
Тексты мифов и легенд отредактированы с целью улучшения удобочитаемости. Главное внимание в переводах на якутский язык уделено как можно точной передаче их содержания. В текстах сохранены комментарии от источников.
В книгу включен 31 текст, отобранный из сборников «Антология фольклора народностей Сибири, Севера и Дальнего Востока», «Легенды и мифы Севера», «Мифы, предания, сказки хантов и манси», «Сказки и мифы народов Чукотки и Камчатки», «Фольклор эвенков Якутии», «Фольклор эвенов Березовки», «Якутские мифы = Caха өс номохторо», из книги Г.И. Варламова «Двуногий да поперечноглазый черноголовый человек – эвенк и его земля Дулин Буга = Дюр һалгалкан, эвуныки еһалкан, коҥнорин дылилкан, эвэнки – бэе тадук балдыдяк Буҕалканин Дулин дуннэҥин», томов «Предания, легенды и мифы саха (якутов)», «Фольклор долган», «Фольклор юкагиров» из серии «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока».
В примечаниях приводятся краткие сведения о народностях, чье устное творчество составило эту книгу, и паспортные данные об информанте, собирателе, сведения о тех, кто перевел на русский язык, и об источнике публикации фольклорного текста.
Якутский фольклор=Саха фольклора
Гагара
Однажды птицы устроили собрание. Начался втихомолку разговор о житье-бытье, о детях-родных.
Вожак птиц орел-птица1 пришел и начал делить яйца собравшимся уткам, гусям, лебедям и другим птицам.
Самой первой в очереди стала самая большая из птиц – лебедь.
Орел-птица, встав, говорит:
– Этой лебеди будет достаточно два яйца, подойди, возьми!
Лебедь-бедняжка с недовольным видом, склонив голову, подошла и сказала:
– Столько-то?
– Твоя доля такая. Все! – ответил орел-птица.
Вторая очередь выпала гагаре.
– Этой гагаре за то, что она выдала Христа разбойникам, два яйца2.
У гагары еще больше, чем у лебедя, прорвалась злость. Вскочив, она начала кричать:
– Столько-то? Столько-то? Я тогда умру!
– Твоя доля такая. Все! – ответил орел-птица.
Третья очередь выпала куропатке.
– Эта куропатка – самая лучшая моя птица. У нее холодная родина, поэтому ей даю двенадцать яиц. Подойди и возьми, – сказал.
Куропатка обрадовалась, глаза загорелись, спотыкаясь и падая, она торопливо подошла и взяла яйца.
От того, что куропатка взяла много яиц, гагара еще больше разозлилась, сильно возмутилась, вскочила, выдернула свой лук и стрелы, подняла крик и шум.
– Берегись, злодеи! Почему меня обижаете? Тогда уж пусть, кто победит, берет много яиц, кто проиграет, пусть мало возьмет! – сказала и выстрелила из лука в середину собравшихся птиц.
Стрела пролетела со свистом и засела торчком между перьев крыла орел-птицы.
Орел-птица вскрикнул:
– Ай! Кто выстрелил? Схвати его!
Собравшиеся птицы всполошились, поднялись. Гагара, шумно взлетев, торопливо собралась было выстрелить, но чья-то стрела пробила ей бедренную кость. Гагара-бедняжка, вскричав, упала на землю. Птицы повели гагару к орел-птице.
Орел-птица:
– С ума сошла что-ли, чертовка?! Теперь будешь так делать? – приговаривая, стала бить ее.
Говорят, с тех пор гагара имеет два яйца, всю жизнь при кривых ногах, по суше не ходит, стала водной птицей.
[Якутские сказки, с. 89–91]
Куоҕас
Арай биирдэ көтөрдөр мунньахтаабыттар. Олохторун-дьаһахтарын, оҕолорун-урууларын туһунан отур-ботур кэпсэтии буолбут.
Көтөрдөр тойонноро тойон көтөр3 мустубут кустарга, хаастарга, кубаларга, онтон да атын көтөрдөргө сымыыт үллэрбит.
Куба, көтөрдөртөн саамай улаханнара, уочаракка бастакы турбут.
Тойон көтөр эппит:
– Бу кубаҕа икки сымыыт сөп буолуо, кэлэн ыл!
Куба эрэйдээх мыыммыт быһыынан баһын санньыччы туттан тиийэн тойон көтөргө:
– Маҥай эрэ дуо? – диэбит.
– Ирээтиҥ итиччэ. Бүттэ! – диэбит тойон көтөр.
Иккис уочарат куоҕаска түбэспит.
– Бу куоҕас Киристиэһи ороспуойдарга этэн биэрбитин иһин, икки сымыыт4.
Куоҕас кубатааҕар эбии киҥэ-наара алдьанан, ойон туран хаһыытаабыт:
– Итиччэ эрэ дуо? Ити эрэ дуо? Оччоҕо мин өллүм!
– Ирээтиҥ итиччэ. Бүттэ! – хоруйдаабыт тойон көтөр.
Үһүс уочарат курупааскыга түбэспит.
– Бу курупааскы – саамай үчүгэй көтөрүм. Кини тыйыс тымныы дойдулаах, онон киниэхэ уон икки сымыыты биэрэбин. Кэлэн ыл! – диэбит.
Онуоха курупааскы үөрэн хараҕа уоттаммыт, итиэннэ иҥнэн охтон түһэ-түһэ, тиэтэйэ-саарайа тиийэн сымыыттарын ылбыт.
Куоҕас курупааскы кинитээҕэр үгүс сымыыты ылбытыттан кыһыйан-кыыһыран, абаран-сатаран, өрө күүдэпчилэнэ түспүт. Ойон туран, охтоох алаҥаатын сулбу таһыйан таһааран, айдаан бөҕөнү тардыбыт:
– Сэрэниҥ, сиэхситтэр! Тоҕо миигин атаҕастыыгыт? Оччотугар ким кыайбыт – элбэх, ким хотторбут аҕыйах сымыыты ыллын! – диэбит да, көтөрдөр түмсүбүт сирдэрин ортотун туһаайан, оҕун тардан кэбиспит.
Оноҕос куһуурбутунан тиийэн, тойон көтөр дабыдалын быыһыгар хорос гына түспүт.
Тойон көтөр хаһыытаабыт:
– Айа! Ким ытта, тутан биэриҥ кинини!
Мустубут көтөрдөр айманан, көтүөлээн барбыттар. Куоҕас тыастаахтык өрө көтөн тахсан, бэрт түргэнник ытан эрдэҕинэ, ким эрэ оноҕоһо тиийэн, өттүгүн уҥуоҕун тобулу түспүт. Куоҕас эрэйдээх хаһыытаабытынан сиргэ түспүт. Көтөрдөр куоҕаһы тойон көтөргө илдьибиттэр.
Тойон көтөр:
– Иирдиҥ дуо, баҕайы?! Аны итинник быһыыланыаҥ дуо? – дии-дии, кырбаан барбыт.
Онтон ыла куоҕас икки сымыыттаах уонна үйэ-саас тухары токур атахтаах, сиргэ хаампат, уу көтөрө буолбута үһү диэн кэпсииллэр.
Предназначение
Как-то у одной семьи заночевал гость. В семье была женщина, родившая три дня тому назад. Гость не знал, кто у нее родился: мальчик или девочка. Он шел на золотые прииски5. На ночь гость устроился на лавке, находящейся около входа.
Когда он еще не спал, около полуночи в дом вошли дети, одетые во все зеленое6. Войдя, сели за стол и расстелили какие-то бумаги. Тут они заговорили: «Ну, давайте запишем девочку, что будем писать? Ну, пусть живет она долго, пусть имеет длинный век, пусть ее не сможет одолеть веревка, пусть ее не берет и нож. Пусть будет бездетной, но очень похотливой. Несмотря на это, пусть на ней женится вот этот человек, что лежит около входа». Записали и ушли.
Гость все это услышал и возмутился: «Почему я должен, почти двадцатилетний человек, взять в жены девочку, которой всего три дня?! Как это может быть, чтобы ее не брал нож, не одолела веревка. Ну, это я проверю», – подумал, и, пока спали отец и мать, он вспорол ножом живот ребенка. Затем ушел из того дома. Вот утром родители обнаружили, что у их ребенка распорот живот, но кишки целы. Они вправили их на место и зашили живот.
Спустя, однако, лет двадцать после того случая, бывший гость возвратился в тот же дом. Он к тому времени стал очень богатым. Та семья тоже была состоятельной. Здесь он увидел, что у хозяев есть очень красивая, крепкая телом дочь. Она ему понравилась. Хозяева его не узнали, да и он их не признал. Ему очень захотелось сблизиться с девушкой.
Он прожил около трех дней. После этого угостил хозяев вином и обратился к главе семьи:
– Вот, старик, если ваша дочь никому не просватана, то хочу попросить ее в жены.
Старик сказал:
– Э-э, пусть решает она сама, нравишься ли ты ей.
Спросили у девушки, она согласилась. Обвенчались.
Затем муж ночью начал ласкать свою жену и, когда гладил, обнаружил, что у нее на животе какой-то бугорчатый шрам. Тут он спросил:
– Что это такое, дружок, селезенка, что ли, выступает?
Она ответила:
– Давным-давно, когда мне было три дня, у нас заночевал гость. Вот он-то и распорол мне живот и ушел. Тогда мой живот зашили, и все зажило.
Тот человек очень удивился. Подумал про себя: «Вот, значит, каково предопределение Джылга Хаана, предназначение Одуна Хаана7». Все же он женился на той девушке. Она была очень распутной. Муж ее, считая это предназначением божеств, никогда не сердился и не ревновал.
Вот так, того, кто имеет предназначение, ничто не может одолеть. Раньше утверждали, что судьба человека предопределяется сразу же, как только он рождается. Судьбу переменить нельзя.
[Предания, легенды и мифы саха (якутов), с. 254–256]
Оҥоһуу
Арай биир ыалга хоноһо хоммут. Бу ыалга оҕоломмута үс хоммут дьахтар баара үһү. Хоноһо саҥа төрөөбүт кыһыл оҕо кыыһын дуу, уолун дуу билбэтэ. Тайҕалаан8 испит. Кини киэһэ аан айаҕар наара ороҥҥо утуйаары сыппыт.
Ол сыттаҕына, түүн үөһэ холобурдаахха, күөх өҥнөөх таҥастаах оҕолор9 дьиэҕэ киирэн кэлбиттэр. Киирээт, остуолга тиийэн кумааҕы тэлгэппиттэр. Маннык кэпсэппиттэр: «Дьэ бу кыыс дьылҕатын суруйуоҕуҥ, хайдах суруйабыт? Дьэ уһун үйэлээх, уһун олохтоох, бөҕө дьылҕалаах буоллун: быаҕа да өлбөтүн, быһах да хоппотун. Оҕото-уруута суох, ол эрээри имэҥнээх, сүрдээх эримсэх, содур буоллун. Ону аахсыбакка, кэнэҕэс бу аан айаҕар сытар киһи ойох ыллын», – диэн суруйан баран, тахсан барбыттар.
Киһи маны истэн абарбыт: «Мин, сүүрбэччэлээх киһи, бу төрөөбүтэ үс хонуктаах кыһыл оҕону ойох ылыам үһү! Хайдах быһах хоппот, быа кыайбат киһитэ буолуой? Дьэ мин ону холоон көрүөм», – дии санаабыт уонна, ийэтэ-аҕата утуйа сыттахтарына, оҕо иһин быһаҕынан хайа сотон кэбиспит. Ол кэннэ дьиэттэн тахсан барбыт. Сарсыарда ийэтэ-аҕата кыыстарын көрбүттэрэ – иһэ хайдыбыт эрээри, оһоҕоһо алдьамматах. Ону оннугар уган баран, тараһатын тигэн кэбиспиттэр.
Онтон ыла сүүрбэччэ сыл буолан баран, хоноһо эмиэ ол ыалга эргиллэн кэлбит. Ол сахха эр киһи, көнөн, байбыт-тайбыт. Ыаллар эмиэ кыахтаах дьон эбит. Ыалдьыт онно көрүөхтэн кэрэ сэбэрэлээх, үчүгэйкээн, чэгиэн эттээх-сииннээх кыыстаахтарын олус сөбүлээбит. Бу ыал кинини билбэтэхтэр, ыалдьыт да бу дьону билэттээбэтэх. Киһи кэрэ кыыстыын чугасаһыан олус баҕарбыт.
Киһи манна үс хас хоммут. Ол кэннэ дьиэлээхтэргэ арыгы туруорбут уонна ыал аҕа баһылыгар туһаайан эппит:
– Дьэ, оҕонньор, кыыскыт эргэ бара илик буоллаҕына, ыйытыахпын баҕарабын.
Oҕонньор хардарбыт:
– Ээ, оттон оҕо сөбүлүүрэ билиэ буоллаҕа дии.
Кыыстан ыйыппыттарыгар, кини сөбүлэспит. Бэргэһэлэммиттэр.
Киһи түүн хоонньоһо сытан, ойоҕун таптаан имэрийбит. Арай тараһатыгар ыччык-быччык баас онно баар. Онуоха киһи ыйыппыт:
– Доҕоор, бу хайдах баҕайыный? Таалыҥ онно дуу, тугуй?
Кыыс хоруйдаабыт:
– Урут, төрөөбүтүм үһүс хонугун кэннэ, биһиэхэ биир ыалдьыт хоммут. Ол хоноһо испин быһаҕынан хайа сотон барбыта үһү. Онно испин бу тикпиттэр, ол оспут суола.
Ону истэн, бу киһи олус соһуйбут, бэркэ дьиктиргээбит. «Оо, Одун Хаан оҥоһуута, Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн бу буолар эбит», – диэн иһигэр сөҕө санаабыт. Бу да гыннар, ойох гыммыта үһү. Ойоҕо дьахтар сүрдээх содур эбит. Ону эрэ, таҥара оҥоһуута буоллаҕа диэн, кэргэнигэр хаһан да кыыһырбатах, күнүүлээбэтэх үһү.
Онон, бөҕө оҥоһуулааҕы туох даҕаны кыайбат эбит. Киһи айылларыгар төлкөлөнөн, оҥоһуллан төрүүр, дьылҕаны уларытар кыаллыбат эбит диэн кэпсииллэрэ үһү.
Долганский фольклор=Долган фольклора
Огонь в маленьком чуме
В дальней местности, где лежит глубокий снег, стоял старинный маленький чум, говорят. В этом чуме каждый вечер стал загораться свет.
В тех местах жил парень. Был он работником у купца. Люди, удивляясь, спрашивали:
– Что за огонь там горит?
Тогда парень-молодец сказал своему купцу:
– Давай биться об заклад, – говорит. – Пойду, разузнаю и приду. Если я проиграю, век даром на тебя работать буду, а ты, если я выиграю, денег дашь.
На том и согласились.
Тот человек вечером на собаках отправился. Вот приехал и входит в чум. Вошел, а там человек с волосатым лицом сидит. Осторожно, с оглядкой работник сел на скамью. Волосатый человек, сварив еду, собирался есть, оказывается. Выложил он и ему еду:
– Ешь, – говорит.
Поев, улеглись спать.
Утром, когда работник еще не поднялся, волосатый человек ушел на лыжах. Парень встает и размышляет:
– Как же мне доказать, что я был здесь? Узнаю, куда поехал этот человек, и привезу доказательства, – подумав, последовал по его тропе и доехал до каменной горы.
Когда подкрался туда, видит: вся гора изрыта. Изнутри раздается шум многих голосов, когда заглянул через щель – у всех людей волосатые лица. Крадучись, входит. Войдя в это жилище балаган, усаживается. А там была одна женщина, оказывается. Она потихоньку спрашивает:
– Какая нужда привела?
На это отвечает:
– Невеликая нужда.
Тогда женщина стала совать ему что-то мягкое. Не глядя, человек положил это в карман. Женщина говорит:
– Ну, поскорее уезжай, если увидят тебя здесь мои люди, несдобровать.
Услышав это, парень вышел, сел на нарту, да и уехал поспешно. По пути оглянулся – за ним гонится один человек. Увидев, что тот догоняет, погнал собак вовсю. Человек с волосатым лицом, схватившись руками за задние копылья нарты, выдернул две из них. Отстав, прокричал:
– Если бы попался, показал тебе!
Тот парень, приехав домой, сказал: «Примету привез», – и вынул из кармана то мягкое, а это оказалось мех черной лисы. Купец тогда много денег дал. Вот так богатым человеком стал работник.
Старики так объяснили:
– Ты добрался до людей, которые туда в старину убежали, спасаясь от царских податей. Они, скрываясь, устраивают себе жилища внутри горы. Тот человек, которого ты встретил в лесном чуме, – это их охотник-промысловик.
[Фольклор долган, с. 341–343]
Кыра тордоххо уот
Ыраах, халыҥ хаардаах сиргэ былыргы кыра тордох турара үһү. Онно хас киэһэ аайы уот умайар буолбут.
Ол диэки биир уол олорбут үһү. Кини атыыһыт үлэһитэ эбит. Дьон соһуйан ыйыталлара:
– Онно туох уота умайарый?
Онуоха уол атыыһытыгар:
– Сакалааттаһыахха, – диэбит. – Баран көрөн кэлиэм. Хоттордохпуна – мин эйиэхэ үйэ-саас тухары босхо үлэлиэм, оттон кыайдахпына – эн миэхэ харчы биэрэҕин.
Ити курдук икки өттүттэн сөбүлэспиттэр.
Ол киэһэ уол ыттарынан айаннаабыт. Тордоххо тиийэн киирбитэ, сирэйэ бар түү киһи олорор эбит. Сэрэнэн, тулатын көрө-көрө, уол олбоххо олорбут. Түүлээх киһи ас буһарынан аһаары сылдьар эбит. Ас кутан баран:
– Аһаа, – диэбит.
Аһаат, утуйардыы сыппыттар.
Сарсыарда уол тура илигинэ, түүлээх киһи хайыһарынан айаннаабыт. Уол туран баран, толкуйга түспүт:
– Манна сылдьыбыппын тугунан бигэргэтэбиний? Ити киһи ханна барбытын билэн баран, туоһу буолар тугу эмэ илдьэ барыыһыкпын, – дии санаат, киһитэ айаннаабыт ыллыгынан сирдэтэн таас хайаҕа кэлбит.
Онно үөмэн тиийэн көрбүтэ, хайа хаһыллан хаалбыт. Арай ол иһиттэн дьон саҥата иһиллибит. Хайаҕас быыһынан көрбүтэ, дьон бары түүлээх сирэйдээхтэр эбит. Уол үөмэн иһирдьэ киирбит. Балаҕаҥҥа киирэн олорбут. Онно биир дьахтар баар эбит. Кини сэмээр ыйыппыт:
– Туох кыһалҕалаах манна кэллиҥ?
Онуоха хоруйдаабыт:
– Кыһалҕам кыра.
Ол кэннэ дьахтар киниэхэ туох эрэ сымнаҕаһы биэрбит. Тугун өйдөөн көрбөккө, уол ылан сиэбигэр уктан кэбиспит. Дьахтар эппит:
– Чэ, түргэнник мантан бар, мин дьонум эйигин манна көрдөхтөрүнэ, киһи буолуоҥ суоҕа.
Ону истээт, уол тахсан сыарҕатыгар олороот, бэрт түргэнник айанныы турбут. Айаннаан иһэн эргиллэн көрбүтэ, биир киһи эккирэтэн иһэр эбит. Ол киһи ситээри гыммытын көрөн, ыттарын өссө күүскэ сүүрдэр. Сирэйэ бар түү киһи сыарҕа кэннинээҕи мастарыттан тутуспутугар, иккитэ туура баран хаалбыт. Ол гынан хаһыытыы хаалбыт:
– Туппутум буоллар кэһэтиэм этэ!
Уол дьиэтигэр кэлэн баран: «Туоһубун аҕаллым», – дии-дии, сиэбиттэн туох эрэ сымнаҕаһы таһаарар, онто хара саһыл түүтэ эбит. Онно атыыһыт элбэх харчы биэрбит. Субу курдук уол байбыт.
Бу түбэлтэни кырдьаҕастар маннык быһаарбыттар: «Эн былыр ыраахтааҕы нолуогуттан куоппут дьоҥҥо тиийэ сылдьыбыккын. Кинилэр саһаннар, хайа быыһыгар дьиэлэнэллэр этэ. Оттон ити тордоххо эн көрсүбүт киһиҥ – кинилэр булчуттара».
Человек в ином мире
В старину один человек охотился и вдруг провалился в какую-то дыру в земле. Очнулся после падения – лежит, оказывается, на земле. Когда вот так лежал, три девушки на лошадях приехали. Тогда он попросил их: «Я больной человек, спасите», – но те уехали, как будто ни одна из них и не слышала. Он только услыхал слова этих девушек: «Куда же подевались наши олени?» Когда те домой поехали, он пошел по их следам. К одному дому подошел. Когда вошел, там старик со старухой живут, оказывается. У них три дочери. Стоя у дверей, стал смотреть. Никто не сказал слов приветствия: «Вот и человек в гости пришел».
Тогда он подсел к одной девушке. Не замечают, что он подсел к ней. Сидят и едят. Но никто не пригласил: «Угощайся». Сам потихоньку по одной ложке берет и ест. Этого не замечают. Только говорят: «Почему убывает наша пища?» Тут подумал: «Меня, кажется, не видят. Попробую потрогать их». Усевшись рядом с одной из девушек, дотрагивается до нее. Та смертным криком кричит. Так три дня пробыл. После этого решил: «Я должен узнать, как выбраться из этой страны». И стал постоянно приставать к одной девушке. Призвали двух шаманов камлать, они ничем помочь не смогли. Тогда сказали: «Надо послать за великим шаманом». И поехали за ним.
Когда уехали, парень нарочно стал обнимать девушку, а та смертным криком исходит. В это время лучи двух глаз прямо на него пали. «Шаман наш едет», – сказали. Тут подумал: «Что сможет со мной сделать?» – и спрятался под подушкой той девушки. Как ни укрывался – лучи от света глаз шамана пронизывают его. Войдя, шаман сразу напал на него, уселся верхом. Парень изо всех сил под ним забился. Но шаман не отпускает и говорит:
– Зачем так мучаешь человека?
В ответ на это наш человек рассказал:
– Я не по своей воле сюда прибыл, провалился через дыру в земле. Когда я лежал и страдал от боли, попросил помощи у этих трех девушек, но ни одна не помогла. Из-за этого их беспокою.
Тогда шаман сказал:
– Да, правда, теперь ты отстань от нее. Я тебя в родные места доставлю.
Усадил верхом на гнилое сухое дерево, оно, превратившись в коня, полетело. Опомнившись, глядит: верхом на гнилом дереве лежит на своей земле.
[Фольклор долган, 321 с.]
Атын дойдуга түспүт Киһи
Былыр биир киһи бултуу сылдьан, эмискэ сир хайаҕаһыгар түһэн хаалбыт. Ол түһэн уһуктубута – сиргэ сытар эбит. Маннык сыттаҕына, аттаах үс кыыс кэлбит. Онно кыргыттартан: «Мин ыарыһах киһибин, миигин быыһааҥ», – диэн көрдөспүт эрээри, кинини хайалара да истибэтэх курдук баран хаалбыттар. Киһи кыргыттар саҥаларын эрэ истэн хаалбыт: «Табаларбыт ханна баран хаалбыттарый?» Кыргыттар дьиэлээбиттэрин кэннэ, кинилэр суолларын батыһан барбыт. Биир дьиэҕэ кэлбит. Киирбитэ, оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит. Кинилэр үс кыыстаахтара. Ааҥҥа туран көрүтэлээбит. Ким да дорооболоспотох, арай маннык диэбиттэр: «Киһи ыалдьыттыы кэллэ».
Ол кэннэ киһи биир кыыс аттыгар олорбут. Ону ким да бэлиэтии көрбөтөх. Олорон аһаабыттар. Ол эрээри кинини ким да аһылыкка ыҥырбатах. Киһи биирдии ньуосканан ылан аргыый аһаабыт. Ол аһыырын көрбөтөхтөр эрээри, эппиттэр: «Тоҕо аспыт аччаан иһэрий?» Онно киһи толкуйдаабыт: «Арааһа, миигин көрбөттөр быһыылаах. Кинилэри тыытан көрүүм». Биир кыыс аттыгар кэлэн, кинини тыытан көрбүт. Анарааҥҥыта өлөрдүү хаһыытаабыт. Маннык үс күн сылдьыбыт. «Бу дойдуттан хайдах тахсарбын билиэхпин наада», – диэн толкуйга түспүт. Ол кэннэ биир кыыһы буулаабыт. Онуоха икки ойууну кыырдара ыҥырбыттар. Ойууннар сатаан көмөлөспөтөхтөр. Эппиттэр: «Улуу ойууну ыҥырыахха наада». Ол ойууну аҕала айаннаабыттар.
Барбыттарын кэннэ, киһи кыыһы соруйан кууспаҕалаабытынан барбыт, онуоха кыыс өлөрдүү хаһыытаабыт. Ол кэмҥэ икки харах сырдыга киһиэхэ кэлэн түспүт. «Ойууммут иһэр», – диэбиттэр. «Миигин хайыаҕай?» – диэн киһи толкуйдаабыт уонна кыыс сыттыгын анныгар саспыт. Хайдах да саспытын иһин, ойуун хараҕын сырдыга кинини тэһэ көрөр эбит. Ойуун киирээт, тута киниэхэ саба түспүт, үрдүгэр олорунан кэбиспит. Киһи туох баар күүһүнэн мөхсө сатаабыт. Ол эрээри ойуун кинини ыыппатах уонна эппит:
– Дьону тоҕо сордуугун?
Онуоха биһиги киһибит хардарбыт:
– Мин манна бэйэм баҕабынан кэлбэтэҕим, сир хайаҕаһыгар түһэн хаалбытым. Ыарыыттан сордоно сыттахпына, бу үс кыыстан көмө көрдөөбүппүн көмөлөспөтөхтөрө, ол иһин мин кинилэри сүгүннээбэппин.
Онуоха ойуун эппит:
– Дьэ, кырдьык, билигин эн киниттэн арах. Мин эйигин төрөөбүт дойдугар тиэрдиэм.
Хаппыт мас үрдүгэр олордубутугар, онто ат буолан көтөн хаалбыт. Өйдөнөн кэлэн көрбүтэ: хаппыт мас үрдүгэр бэйэтин дойдутугар сытар эбит.
Tasuta katkend on lõppenud.